14.01.2021 | 12:33

Чүмэчи - урукку-хойукку санаалар ситимнэрэ

Чүмэчи - урукку-хойукку санаалар ситимнэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күүтүүлээх, эмиэ да түбүктээх Саҥа дьыл чугаһаатар чугаһаан иһэрэ, дьон үксэ соло эрэ көһүннэр, бэлэх көрдүү маҕаһыыннарга тиэтэйэрэ. Георгина Павловна бүгүн эмиэ үлэтиттэн  эрдэ бүппүччэ, тиэтэйэ-саарайа куорат киинигэр чугас-чугас турар атыы-эргиэн кииннэрин көрбүтэ, син эрдэттэн былааннаабыт бэлэхтэрин кэҥэс соҕус суумкатыгар толору хаалаабыта. Бааһынай ырыынагар өҥөйөн, аҕыйах тоҥ балык эбии ылбыта. Дьиэтигэр тиийэн, дьоно суохтарынан туһанан, сытан, харах тымнытан ыларга санаммыта да, уута кэлэн биэрбэтэҕэ…

Кини Саҥа дьыл туох эрэ кэрэни утары уунарыгар кыра оҕолуу итэҕэйэрэ эбээт! Онто баара быйыл эмиэ уруккулартан туох да уратыта суох сиэрэй буолуох курдуга. Бу сытан, туох эрэ сырдык санаа киирбитинии, сулбу ыстанан туран, уруучука ылан, дьонтон-сэргэттэн ойуччу уурар блокнотугар олус эрдэ да буоллар, өр толкуйдаабакка эрэ иитиэхтии сылдьыбыт 12  баҕа санаатын суруйда. Баҕа санаалара бииртэн биир игирэ оҕолуу сиэттиһэн тахсан истилэр. Өссө да суруйбахтыа эбит да, хааччах аата хааччах:  бүтэһик сыыппараҕа кэлэн, толкуйдуу түһэн баран, маҥнайгы тапталын аатын суруйда уонна кинини саатар биирдэ көрөр баҕатын кистии-саба сурукка тистэ. Онтон кыбыстыбыттыы, тура түһээт, баҕа санааларын биир-биир суулаан, сыттыгын анныгар угунна. Ол кэннэ, уоскуйбукка холонон эбитэ дуу, остуолга уурар араас киэргэллэрин, тэриллэрин сыымайдыы туран, ортото кэтит эрээри үрдэ, анна синньиир чорооннуу быһыылаах чүмэчини булан ылан, уматан, бэйэтэ да билбэтинэн толкуйга түһэн, отут сыл  анараа өттүнээҕи быыһы сэгэтэн көрө олордо…

Кэпсээним сүрүн дьоруойун мантан салгыы Чүмэчи диэн ааттыым. Кинини бу курдук күн сиригэр саамай күндүтүк саныыр киһитэ, маҥнайгы уонна бүтэһик таптала, оччолорго дьулугур уһун синньигэс уҥуоҕун иһин таптаан ааттыыра ээ. Оо, ол кэмтэн ыла элбэх да сыл аастаҕа, урут кини туһунан дьонтон сураһан эрэ билэрэ. «Үчүгэйдик олорор ини» диэн санаанан салайтаран, бэйэтин уоскуттар даҕаны, саатар, биирдэ ыраахтан да буоллар, көрөн, хараҕын сымнатыан баҕарара…

Кинилиин индийскэй киинэҕэ курдук олус да романтическайдык билсибиттэрэ. Улуус кииниттэн тэйиччи соҕус дэриэбинэҕэ кулууп дьиэҕэ тустуу күрэхтэһиитэ буолбута. Араас сирдэртэн кэлбит орто-үрдүкү кылаас тустууктарын кинилэр олорор интернаттарыттан чугас, өрөмүөннэнэр аатыран үлэлээбэккэ турар алын оскуолаҕа түһэрбиттэрэ. Тустууну сэҥээрбэт бэйэтэ, бииргэ үөрэнэр дьүөгэлэрин өйөөн, икки күн кулууптан арахпатаҕа. Уол эрэ элбэҕэ, уһун-кылгас, дьарамай-суон. Иккис күннэригэр тустуу кэнниттэн түөртүүр аһылык кэмигэр Сусанна кыыс, Чүмэчи чугас дьүөгэтэ, киниэхэ туһаайан маннык кэпсээннээх буолбута: «Биир эйиэхэ олус барсар, уһун уҥуохтаах, дьүһүнүнэн кытта эйиэхэ майгынныыр уол баар. Сүрдээх кыбыстанньаҥ, билиһиннэрэбин дуо?» – диэн. Сарсыныгар соччо сэҥээрбэт тустуутугар улуу дьээбэҕэ ол уолу көрөөрү эрэ эмиэ соһуллубута. Түмүгү иһитиннэрэр кэмҥэ уолаттар бары биир кэккэнэн турбуттарыгар, тоҕо эрэ бэйэтэ да билбэтинэн саҥа көрөр эрээри атыттартан тугунан эрэ ураты, сол кыбыстанньаҥ уолу хаартыскаҕа түһэрбитэ. Маны кини үөрүнньэҥ, аһаҕас дууһалаах  Сусаннатыгар да эппэтэҕэ. Туох баар үчүгэй барыта бүтэр уһуктаах дииллэринии, интернат сэргэх олоҕо тустууну кытта тэҥҥэ симэлийиэх курдук буолбута: спортсменнар бу киэһэ улуустан кэлэр оптуобуһу күүтэр сурахтара иһиллибитэ. Күнүскү аһылык кэнниттэн  дьүөгэлиилэр уулусса устун  уку-суку туттан мэнээк  хаамса сылдьыбыттара. Бу кэмҥэ Чүмэчи бэйэтэ да билбэтинэн хаартыскаҕа түһэрбит уолун өйүгэр оҥорон көрө, саныы испитэ. Дириҥ толкуйга ыллара иһэн, дьүөгэтэ тоҕоноҕунан имнэммитигэр соһуйан, ходьох гына түспүтэ уонна кини ыйбыт сирин диэки хайыспыта. Били кыыс саныы испит уола биир бэйэтин бараата эдэр киһилиин күлэ-сала, тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ ааһан эрэллэрэ. Бэтиэхэлээх кыыс Сусанна кигиитинэн уһунун ирэн, киһи илиитигэр ууллар буолбут хаарынан быраҕан баран, тугу да билбэтэх курдук туттубуттара. Элбэх киһи суох сиригэр кимнээх хаарынан тамнаабыттара көстөн турар дьыала буоллаҕа: уол кыйахаммыт сирэйэ көстүбүтэ уонна бокуойа суох сыстыбыт хаары маҥан ыстааныттан тэбэнэр түбүккэ түспүтэ. Онуоха Чүмэчи, тугу да диэн булбакка: «Баттаҕыҥ тоҕо уһунай, кырыйтарыаххын», – диэн төрүт атын кыыс куолаһынан хаһыытаабыта. Уол  кыбыстыбыт көрүҥнэммитэ, аргыһыныын түргэн үлүгэрдик кулууп диэки түһүммүттэрэ. Мантан киэһэ кулууп дьиэҕэ эдэр ыччат тоҕуоруспута: ким эрэ атаараары, ким эрэ тугу да гынара суоҕуттан көрө-истэ. Сусанна кыыс сотору-сотору ханна эрэ баран элэгэлдьийэн кэлэрэ, биир сиргэ тулуйан-тэһийэн олорботоҕо. Ол курдук биир уһун сүтүү кэнниттэн дьүөгэтэ сонуннаах кэлбитэ: интернакка олорор дьүөгэлэрин аадырыстарын тустуук уолаттарга биэрбит, өссө кими сөбүлүү көрбүккүтүгэр сурукта ыытыҥ диэн дьээбэлэммит.

Кыыс бу күрэхтэһиини, кэлэ сылдьыбыт тустууктары умна быһыытыйан сырыттаҕына, биирдэ ыаллыы дэриэбинэттэн сурук тиийэн кэлбитэ. Аахайбакка эрэ ааҕан иһэн, ким суруйбутун көрөн, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылбыта. Били кини кистээн хаартыскаҕа түһэрбит уола суруйбут эбит. Элбэх кыыс аадырыһыттан чуо тоҕо Чүмэчини талбытын маннык диэбит: «Эн эппит баҕа санааҕын толордум. Кырдьык да, олус уһаабыт баттахпын кырыйтаран, дууһалыын чэпчээтим». Уонна салгыы билсиэн баҕарарын, атын кыргыттартан ордорбутун, хаарынан тамнаан бэтиэхэлэммитин умнубатын эппит. Бу күнтэн ыла эдэркээн кыыс олоҕор туох эрэ сырдык санаа букатыннаахтык олохсуйбута, хам-хаадьаа Кулуһуна эрийдэҕинэ, өр көрдөөбүт сүтүгүн булбуттуу, дууһалыын уоскуйара. Сирэйэ сырдыгынан сыдьаайа, имэ тэтэрэ сылдьара чугас дьонугар харахха быраҕыллар буолбута. Ийэтэ кыыһа уларыйбытын, дьиэ сарайын үөһэ тахсан уруок толорор аатыран өр сүтэрин бэлиэтии көрөн, хаста да мөҕөн-этэн да ылбыта. Чүмэчи үүт тураан чуумпу олоҕо атыйахтаах уу курдук аймаммыта. Почта кэлэр күнүгэр сөмөлүөт түһэр сиригэр кытта сүүрэн киирэр идэлэммитэ. Кулуһунун суруктара тиһигин быспакка хотоҕос быатыныы субуллан олороллоро. Кыыска нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэр көтөр аал күүтүүлээх күндү ыалдьыт тэҥэ буолбута, харда суруктарын аайы сонун хоһооннору, тылы-өһү көрдөөн, кыра-кыратык кыбыталыыра уонна ким эрэ көрөн турара буолаарай диэбиттии, кэмбиэрин килиэйдии охсоро.

 Бу курдук төһө өр тыла суох дьоннуу сурук көмөтүнэн кэпсэтэ сылдьыахтара эбитэ буолла? Оскуоланы бүтэрэр тиһэх чуораан чугдааран, Чүмэчи дьүөгэ кыргыттарыныын оройуон киинигэр үөрэххэ барарга доруобуйатын туругун көрдөрө киирбитэ. Кырата нэдиэлэ кэриҥэ биир кумааҕы сыыһыгар бэчээт туруоттарар туһугар сүүрүөхтээҕэ. Кулуһун,  (киниттэн биир сыл аҕа этэ) аармыйаҕа барарын кэтэһэн, суһал көмө массыынатыгар быстах үлэлии сылдьара. Онон, дьэ, айах атан кэпсэтэллэригэр, аан маҥнай  көрсөллөрүгэр тоҕоостоох түгэн үөскээбитэ. Улуус киинин балыыһата ыраахтан дьэндэйэн көстөрө, оттон иһигэр киирдэххэ, ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдуга, суугунтан-сааҕынтан киһи төбөтө ыалдьара. Ол аймалҕантан сынньана түһээри, кыыс, таһырдьа тахсан ыскамыайкаҕа олорон эрдэҕинэ, өртөн күүппүт саҥата иһиллибитэ:

- Чүмэчи, хаһан ити кумааҕыттан босхолоноҕун? Бүгүн миигин кытта ат сүүрүүтүн көрө барсаҕын дуо?

- Бу кумааҕы туолан бүтэрэ өссө да ыраах. Сынньана таарыйа барыахха да сөп. Оттон сорох быраастары суһал көмөҕө үлэлиир киһи, эн толотторон көрүөҥ буолаарай? – диэн үтэн-анньан көрөрдүү, кыыс ыйыппыта.

-Ээс, мин боростуой үлэһит буоллаҕым. Мин көрдөһүүбүн истэ да барбат инилэр…Арай… – уол модун күүһүн туох эрэ бохсо сылдьарыныы, аргыый саҥарбыта, кыыс тутан турар кумааҕытын көрдөөн, илиитин ууммута.

- Туох диэбитин биллэриэм. Киэһэ ат сүүрдэр стадиоҥҥа кэлээр, – диэт, икки этээстээх анаалыс туттарар дьиэ диэки сүүрэр-хаамар икки ардынан бара турбута.

Кыыс, көрдө көрөөт, атаах оҕо курдук быһыыламмытыттан кыбыһыннар да, уолу тургутар санаата баһыйбыта. Хаһааҥҥытааҕар да киэһэ хаһан буолан, ат сүүрдүүтэ саҕаланарын көһүппүтэ. Сөп-сөрүүн киэһэ ат сүүрдэр стадиоҥҥа Кулуһуна кинини ыраахтан далбаатыы, ыҥыра тоһуйбута. Били өр сыһыллыахтаах исписэлиистэригэр илии баттаммыт кумааҕытын үөрбүт-көппүт сирэйдээх киһи утары ууммута. Иккиэн толору дьоллоох дьон сиэринэн ол киэһэни быһа сиэттиһэн эрэ сылдьыбыттара. Тыал түһэн, олус сөрүүдүйбүтүгэр, Кулуһун пааркаттан чугас олорор таайыгар ыалдьыттата илдьибитэ. Кыыс, кэмчиэрийдэр да, тоҕо эрэ улгумнук барсыбыта. Эбээлээх эһээ ииппит оҕолоро буолан, кини аҕа саастаах киһилиин уопсай тылы булан, син ону-маны кэпсэтэ охсубута. Бакаалаһан, олбуортан тахсан иһэн, таайа Кулуһуҥҥа эрбэҕин чочоҥното-чочоҥното, «Үчүгэй кыыс, наһаа элэккэй, мүччү тутума!» – диирин кулгааҕын уһугунан истэн хаалбыта.

Чүмэчи, медицинскэй хамыыһыйаны этэҥҥэ ааһан, куоракка көтөр күнэ тиийэн кэлбитэ. Килбик кыыс таптыыр уолугар урутунан бу истиҥ иэйиитин туһунан тугу да эппэтэҕэ. Арай Наташа диэн бииргэ үөрэнэр кыыһын кытта Кулуһунун туох санааттан билиһиннэрбитин бэйэтэ да билбэт. Ол уҥуоҕунан кыра, бааһынай кыыһа, сол саҥа көрөр уолунуун билсиһэригэр даҕаны хараҕынан оонньоон, тута Кулуһун олорор ыалын ыйыталаһан барбыта эбээт. Оттон кини? Иккиэйэх эрэ хааллаллар, тылыттан матан, ылы-чып бараахтыыра. Улуус киинин хатыҥ чараҥынан суугунуур пааркатыгар саҥата суох куустуһан олорон даҕаны, биир-биэс тылы эппэтэҕэ. Арай Кулуһун Чүмэчитэ аттыгар олорон нуктаан ылбытыгар, тоҥмута буолуо диэн, бинсээгинэн үллүйбүт, сэрэнэн, бэйэтигэр ыксары тардыбыт, кууспут этэ.

Сэбиэскэй кэм сэмэй таптала итинтэн ырааппатаҕа: уол сол суоппарынан үлэлии, бэйэтэ этэринэн, «уруул эрийэ» хаалбыта, балтараа ыйынан аармыйаҕа барыахтааҕа. Оттон кыыс дьүөгэтиниин баҕалаах үөрэҕэр туттарса долгуйар Дьокуускай куоракка көппүтэ.

Маҥнай утаа Кулуһунтан аҕыйах тыллаах суруктар син кэлэллэрэ: улуус киинигэр быстах кэмҥэ син бэркэ үлэлии сылдьарын кэпсиирэ, хаһан сулууспалыы барарын ыралыыра. Чүмэчигэ, киин куорат киһитигэр, сонун элбэҕэ. Сыыйа-баайа кыыс үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнэн, устунан уруккута Алексеевскай оройуоҥҥа хортуоска хомууругар баран, уол үлэҕэ үтүрүйтэрэн, сүтэрсэн кээспиттэрэ. Ээр-сэмээр таайын аахха, 14-үс уопсайга баар почта дьааһыгар сурук кэлэрин кэтэһэн сүүрбэхтээбитэ да, кыра истиҥ иэйии илдьитэ суоҕун курдук суоҕа. Таайын аах таас уораҕайдар быыстарыгар баар самнайбыт икки этээстээх  дьиэлэрин булар почтальоннарга уустук быһыылааҕа: таһараа ыаллара дьахтар кинилэри мөҕүттэ-мөҕүттэ ханна эрэ өр сыппыт суруктары аҕалан илиитин таһынан түннүк таһыгар тамныыра. Ол суруктары сыымайдаан көрөрө да, суох мастааҕар кытаанаҕа. Биирдэ хортуоскаттан кэлээтин утаата, Оля диэн бииргэ үөрэммит кыыһа Кулуһун Наташаны суһал көмө массыынатынан хатааһылата сылдьарын хаста да көрбүтүн, өссө кыыс уол дьонугар кийииттии бара сылдьыбытын тустарынан соччото суох сонуну кэпсээбитэ. Маннык бөрүкүтэ суох кэпсээнтэн кыыс маҥнай утаа хараҕыттан уу-хаар баспахтаабыта, сонно тута Наташа дьиктитик тырымнаабыт сирэйэ көстөн ааспыта. Билигин кэлэн тоҥолоҕун кирбитин иһин билсиһиннэртээбит буруйдаах хайаахтыай? Өссө Маякка кытта  эккирэтэн тиийбит сытыы кыыс билигин түс-бас киһиэхэ эргэ тахсан олордор да, туора-маары хаамар, атын киһилэнэр сураҕа иһиллэрэ. Тоҕо да ойох тахсыбат эрээри кинилэр суолларыгар туора турбутун биирдэ кылааһынан көрсүһүүгэ бу курдук киэн тутта «сырдатан» турардаах: «Эһиги бэйэ-бэйэҕитигэр анаммыт кэриэтэ олус барсар этигит. Бу уһун уол миигин, кыра уҥуохтааҕы да, тоҕо таптыа суохтааҕый диэн, эрийэн, былдьаан ыларга санаммытым», - диэн. Ити итинэн, баҕар, ааһыа, умнуллуо эбитэ дуу өскөтүн биир түгэн кинилэри иккистээн бииргэ ситимнээбэтэҕэ буоллар…

Устудьуон олоҕо, сонун кинигэ саҥаттан саҥа страницаларын арыйарын тэҥэ, устан испитэ. Чүмэчи эһэтэ суох буолбутун кистии тохсунньу томороон тымныытыгар икки бүтэһик эксээмэннэрин эрдэ хамсатан, төрөөбүт дойдутугар айанныыр түбүгэр түспүтэ. Ийэтэ ыыппыт тэлэгирээмэтин көмөтүнэн этэҥҥэ Сунтаары булан, тыалыыр автобус хоҥнор сиригэр тиийэн, кыл-мүччү олорсон, «һуу» гыммыта. Эдэр дьон сиэринэн тиһэх эрээккэ олоруохтуу көрбүтэ, ханнык эрэ үс уол ыгыччы симиллибит этилэр. Төһө да куһаҕан суоллаах буоллар, туран да айаннаа инибин диэн бигэтик сананан эрдэҕинэ, ботугураһар саҥа иһиллибитэ:

- Көрүүй, Кулуһун, Чүмэчи дии, кырдьык, кырдьык, кини - Акыым диэн Кулуһун табаарыһын симик эрээри бигэ саҥата иһиллибитэ.

- Тупсан хаалбыт дии, ыҥыран олордуохха! - кэм да сытыы, кыра уҥуохтаах Гена өрөһөлөммүтэ.

Кыыс бу тыллартан өһүргэнэ быһыытыйбыта: урут куһаҕан эбит буоллаҕым, онон сириллэн, сырдык сэбэрэлээх Наташаны таллаҕа дии санаан эрдэҕинэ, Аким миэстэтин туран биэрбитэ. Аат харата аҕыйах тылынан кэпсэппиттэрэ. Кыыс бу тоҕо тохсунньу томороон тымныытыгар дойдулуурга күһэллибитин, педпрактикаҕа атын дэриэбинэҕэ барыахтааҕын, онно кэргэн тахсан эрэрин кэпсээбитэ. Онтон эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут Кулуһун:

- Ол ханнык өрүөлүй, хаһааҥҥыттан билсэҕит? – эҥин дэтэлээн, бэрт  тымныытык саҥаран-иҥэрэн барбыта. Итинник сирэйэ-хараҕа суох буруйдааһынтан бэйэтэ да арыычча олорор кыыс миэстэтиттэн тура эккирээбитэ, иннин диэки дьулуруйбута. Бу иһэн, кулгааҕын уһугунан:

- Доо, хорсуҥҥун киллэр, эйэлэһэн,  кыыһы илдьэ түһүөх, кэлин кэмсиммэт курдук… - диэн Геналаах Акыым доҕордорун тылларыгар киллэрэ сатыылларын өйдүүр. Уолаттар бакаалаһан тахсан эрэллэрин, Кулуһуннааҕар икки доҕоро олус абаккарбыт сирэйдэрин көрөн, соруйан кыынньыыр кэриэтэ:

-Үһүөҥҥүтүн сыбаайбабар ыҥырабын, аны сайын кэлээриҥ! - диэн айахтаппытын атын киһи саҥатын кэриэтэ истибитэ. Кэмсиммитин иһин хайыаҕай – арай, уоскуйа сатаан, автобус кырыалаах түннүгүнэн уолаттар дьиэлэрин диэки (эмиэ кини санаатыгар) тоҕо эрэ уку-суку хаамсалларын сайыспыттыы көрө, хантан кэлэрэ биллибэт хараҕын уутун дьонтон кистии сатыы олорбута. Манна эрэ кыыс олоҕор улахан алҕаһы оҥорбутун өйдөөбүтэ.

Кини мантан ыла түүл-бит курдук олоҕо саҕаламмыта: үһүс курс кэннэ тылын толорон, практикаламмыт сиригэр олохтоох сис ыаллар уолларыгар таптаабатар да, кэргэн тахсыбыта. Кулуһуннааҕы, биллэн турар, ыҥыра да барбатаҕа: Наташатыныын ыал буоллахтара диэн бигэ санаалааҕа. Ыал ийэтин, эбиитин орто оскуола учууталын  түбүктээх үлэтэ кыыс оҕо сэмэй тапталын, ба±ар, кума±ы уу суурайарын кэриэтэ, умуннарыа эбитэ дуу?

Улуус киинигэр араас семинардарга киирэ-тахса сылдьан, ээр-сэмээр Кулуһуммун көрүстэрбин дии саныыра. Иллэҥ бириэмэ көһүннэр эрэ, бииргэ хаамсыбыт сирдэринэн, уол олорбут Ленин уулуссатынан күүлэйдиирэ. Оннооҕор уол дьиэтин телефонугар хаста да эрийэн турардаах. Биир маннык эрийиигэ ийэтэ ылан, аны кэргэннээх киһиэхэ чугаһыа суохтааҕын туһунан кытаанах кытаанахтык  эппититтэн бэттэх сураспат да буолбута. Ньир-бааччы үлэлии сырыттаҕына, Кулуһун биир дойдулааҕа эдэр учуутал кыыс уол лесник идэтинэн Ленскэйгэ ананан барбытын, Наташаттан атын кыыһы кэргэн ылбытын туһунан кэпсээбитэ. Үһүс сылыгар ол иһин кини дойдутугар икки хонуктаах семинарга да бардар, суох киһи туһунан сураҕа да барбатаҕа. Оо, тыл уҥуоҕа суох дииллэр ээ, онно арай Кулуһуна саҥардыы туттубут дьиэтигэр суос-соҕотоҕун арахсан кэлэн олорорун дьонтон ыйыталаһан билбитэ буоллар! Ол эрээри биэс сыл устудьуон дьоллоох уопсайыгар да олорон, оннооҕор икки оҕо ийэтэ буолан да баран, истиҥ иэйиитэ сүтүөхтээҕэр күүһүрэн испитэ: кини туһунан сураһара, ситиһиилэммитин иһиттэҕинэ, үөрэрэ, табыллыбатаҕына, хомойоро. Сол тухары биир улууска олордоллор да, биирдэ даҕаны көрсүбэтэхтэрэ. Кулуһуна сол семинарга бара сылдьыаҕыттан дойдутугар олорорун, ойоҕо тиийэн кэлбитин тустарынан истэрэ уонна иһигэр син биир хаһан эмит көрсөө инибит диэн бигэ эрэллээҕэ. Хам-хаадьаа улуус киинин ыһыаҕар киирдэҕинэ, уол ат сүүрдүүтүн көтүппэккэ көрөрүн санаан, хайаан да стадиоҥҥа сылдьара да, сииккэ сиэлэрэ, хаарга хаамара.

 Биирдэ телевизорынан тыа сирин туһунан биэриигэ кини Кулуһуна көстөн ааспыта, кырдьаҕас аҕатыныын сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар эбит. Маннык тэриниигэ туох уустуктары көрсүбүттэрин туһунан быһыта-орута кэпсиирэ. Хайдах эрэ Чүмэчи санаатыгар кини сылайбыт-элэйбит көрүҥнээҕэ, дьоло суох  олохтоох курдуга. Баҕар, омос көрүүгэ эрэ оннуга дуу: бу сир үрдүгэр кини саҕа дьоллоох суоҕа буолуо, таптыыр кэргэн, оҕо, сиэн да кинини төгүрүктүүрэ буолуо. Тоҕо эрэ бу түспэдийбит ыал аҕатын хараҕар үөрүү кыра да кыыма көстүбэтэ.

Хомойуох иһин, кини сөптөөх быһаарыыта кырдьык буолан тахсыбыта. Ийэтэ, уһуннук ыалдьан, күн сириттэн күрэниитэ кинилэри быстыбат ситиминэн холбообута. Суол-иис хаайан турар кэмигэр, ыам ыйын ортото- ийэтэ «бараахтаабытын» туһунан ол соһумар сураҕы истээт, үгүсс эрэйэ суох дойдутугар тиийбитэ. Кини дэриэбинэтигэр заправка суоҕа, оттон бокуонньугу кистииргэ бензин наада этэ, онон быраатыныын матаһыыкылынан чугас Кулуһун олорор дэриэбинэтигэр айаннаабыттара. Тиийэн, соруктарын ситиһэн, толору заправкаланан, эбиитин канистраҕа тиэнэн, дьиэлээри гынан эрдэхтэринэ, биир тыраахтар суолларын бµілµµ турунан кэбиспитэ. Тото кыыһырбыт быраата  быһаарса барбыт кэмигэр, кини түһэн сынньанан ыларга санаммыта, баттаҕа быылтан туран хаалбыт этэ, сирэй-харах да бөрүкүтэ суоҕа. Быраата ол тыраахтардаах киһилиин аны  тимир көлөнү тула көтө сылдьан, тугу эрэ көрөллөрө-истэллэрэ, куолулуурга дылылара. Ыксаабыт санаатыгар, олус да уһаабыттара. Онон «эдьиий» ыдьырыйан тиийэн, бэйэтэ быһарсарга санаммыта. Арай, доҕоор, кини били «миэстэтин булларыах» буолбут киһитэ олох да кыыс эрдэхтэн күн бүгүнүгэр диэри ыра санаа оҥостубут Кулуһуна буолан хаалбыта.

- Эн бу хаһааҥҥа диэри…- диэн иһэн саҥатыттан матан, биир сиргэ тэпсэҥнии турбута.

- Хайа, бу, хата, эн хантан баар буоллуҥ?..- Кулуһун, мэктиэтигэр, кэлэҕэйдээн ылбыта, хараҕын соттубута. Уруккута буолбатах, сааһыра быһыытыйбыт, түс-бас көрүҥнээх киһи, аны куоттарбатарбын диэбит курдук илиитин биэрбитэ, ытыһын ыга тутан өр турбута:

- Отут түөрт сыл буоллаҕа эйигин көрбөтөҕүм. Чүмэчи, өссө тупсубуккун, дьиҥнээх Далбар хотун көрүҥнэммиккин. Чэ, кэпсээ, хайдах манна баар буоллуҥ? - үөрүүтүн кистиир кыаҕа суох саҥаран-иҥэрэн барбыта.

- Оттон эн Наташалыын хайдах олороҕут? - диэбитэ соруйан атын ойохтооҕун биллэр даҕаны ити ааты чопчулаан күүскэ саҥара-саҥара. Бу кэмҥэ, быраат, дьыала  тугун-ханныгын дьэ өйдөөн, матаһыыкылын диэки ойбута.

- Ыксыыр быһыылааххыт, наҕылыччы кэпсэтиэхпит, нүөмэргин аҕалыый - тыраахтарыгар сүүрэн тахсан, бардачоктан кыра илиис, уруучука ойутан түһэрбитэ.

- Сол да киһини күлүү гына сырыттаҕыҥ: бу үлүгэр дьүһүнү-бодону көрөн туран… - итинник быһыта-орута мөҕөр кэриэтэ саҥардар да, Чүмэчи сүрэҕэ истиҥ иэйиинэн туолбута, тугу эрэ суруйан биэрэр курдуга: баара-суоҕа уон биир телефон нүөмэрин бооччойоругар кини тарбахтара утуйан хаалбыт курдуктара. Ону эрэ көһүтэн турбут киһи кини кулгааҕар дьикти сылаастык сипсийбитэ:

- Уонна мин эйигин куоттаран бэрт ини, эрийиэм, күүтээр! - диэн. Кулгааҕар сипсийбит сылаас, истиҥ тыллара сол киэһэни быһа иһиллэн ааспыттара. Киэһэ уон чаас буолбута, Кулуһун эрийбэтэҕэ. Идэтинэн эмиэ сүттэҕэ дии санаабыта, ол туһунан умна быһыытыйан сырыттаҕына, сиэбигэр укта сылдьар телефона тыаһаабыта. Эдэр эрдэҕинээҕилэрин курдук, кыратык хаадьылаһан ыла-ыла, өр да өр кэпсэппиттэрэ. Сол түүн онто суох куһаҕаннык утуйар бэйэтэ хараҕын мүнүүтэ да саппатаҕа: иннигэр туох-ханнык олох күүтэриттэн иһигэр долгуйара, толлоро даҕаны…

Тугунан эрэ тэһэ астарбыттыы, Георгина Павловна тура эккирээбитэ. Уөун-киэҥ санааларга үтүрүйтэрэн, чаас ырааппытын билбэккэ, олорон хаалбыт. Дьоно үлэлэриттэн кэлэллэрэ чугаһаабыт. Олус эрдэттэн дьаһаммытым сыыһа буолара дуу диэн, кыратык мунаахсыйа түһээт, Саҥа дьыллааҕы түбүгүн-садьыгын үмүрүппүтүнэн киирэн барбыта. Кыыһынаан астарын кыралаан бэлэмнии сылдьыбыт буоланнар, духовкаҕа буһар аҕыйах бүлүүдэ хаалбыта, онон остуол тардыы, эрдэ буһарбыт астарын киллэрэн ириэрии курдук быстах үлэ хааллар даҕаны, аа-дьуо хамсаммахтаабыта. Бу кэмҥэ остуолга турар чүмэчи урукку-хойукку санаалар ситимнэрэ буолан, имик-самык умайа турбута…

БАРАХСААНА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...