22.03.2023 | 12:31

Үчүгэйиэн бу сиргэ!

Үчүгэйиэн бу сиргэ!
Ааптар: Альбина Атастырова
Бөлөххө киир

Ситигирдик саҥа аллайдым мин бэҕэһээ күн. Куоракка, ТЮЗ-ка Бүтүн аан дойдутааҕы бэйиэт күнүгэр анаммыт итиэннэ Варвара Потапова айар кутун ахтарга анаан “Ойдом үүммүт хахыйах” диэн Валентина Якимец туруорбут моно-испэктээгэр сырыттым...

Чахчыта, соҥуоран олорон истэргэ, Кутурҕан Куо сатыылаабыт, урут наһаа мунньан туран чорботор хоһоонноруттан салла да быһыытыйан, барытыгар бэлэм тиийбитим эрэ баара.

Тыйаатырга толору — ыччат. Үөрдүм. Оҕо маннык сылдьа үөрэниэхтээх, истэ сатыахтаах, сааһыралларын да саҕана “Оннук этэ оччолорго” диир түгэннэригэр күн бүгүн айымньынан угуйуу, хоһоонунан умсугутуу баар буолуохтаах. Үөрэ көрдүм Куорсуннааҕы, сылаанньыйа түстүм Суоһааныттан. Кэлбиттэр, сүгүрүйэр бэйиэттэрин бэлиэтиир, дьоҥҥо тиэрдэр испэктээги сэҥээрбиттэр. Өссө да бааллара буолуо даҕаны, арай мин эҥээрбэр кинилэри астына билээт, уоскуйдум.

Саҕаланна. Муус маҥан чараас сайыҥҥы былаачыйалаах кыыс, Варя барахсан сүрэ-уобараһа, сиэркилэ иннигэр көстөр. Сиргэ кэлбитин, киһи дэппитин, кыыс буолан айыллыбытын анаан миэхэ кэпсииргэ дылы. Дьиэтин-уотун, ытыгар тиийэ ахтарын-суохтуурун аахта... Тута саныы биэрдим, сүрэхпинэн ылына түстүм кинини — Варя Потапованы. Эчикийэ, эдэрин, судургутун, санаабар, наһаа да кырдьыксыт, баары-баарынан олус боростуойдук кэпсииргэ дылы...

Оннук даҕаны эбитэ үһү ээ. Икки туомнаах кинигэтигэр хото киирбит ахтыылары, ууну киллиргэччи ыйырбахтыырдыы, аахпытым эбээт. Сөхпүтүм саҥардыы эрэ бэйиэт аатырбыт кыыс эдэриттэн билсэр айар куттаахтарын уон-сүүрбэ сылынан быысаһар аҕа саастаах дьоно, бүгүҥҥү күҥҥэ аһаҕастык арыйбыт ахтыыларын. Итиэннэ мин кинини хаһан да көрбөтөх, илэ истибэтэх, кини бу Сиртэн күрэммитин эрэ кэннэ киһи буолан турбут ааҕааччы быһыытынан аан дойдуну, литература эйгэтин ылынар толкуйбар ким да билбэт, бэйэм эрэ сэрэйэр, бэйиэт ылбычча өйдөөбөт оччотооҕу олоҕун хаҕыс да, харас да хартыыната харахпар ойууламмыта.

Итэҕэйдим ону бу олус чараастык сааһыламмыт испэктээктэн. Кыыс барахсан улаатарын-ситэрин хоту сырдыктык нарыламмыт итии тыыннаах ыраас хоһоонноруттан. Моно-испэктээк сүрүн киинэ—ааҕааччы уонна Варяны оонньооччу эдэркээн да кыыс, үчүгэйкээн да артыыс Татьяна Хомподоева. Кини саҕалаабыта симик куолаһынан. Хайдах эрэ чуумпутук, соччо кимиитэ суохтук. Сөп дии, сиргэ саҥа тыллыбыт сибэкки да буолбатах, кини хахыйах ээ! Өссө да сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буола тылла илик! Ол иһин хоһоон холлороонунан айаннатан иһэбит, аара арааһы көрөбүт. Ардыгар үөрэбит, сиэрэ суох сырдыыбыт, үөрүүнэн-дьолунан омуннаахтык ыһыахтанабыт...

Кыыспыт ситтэ, үөрэннэ-өйдөннө быһыылаах, айар кукка ылларда, сылаас хаар намылыйар кэмигэр күн кэрэтин туойда, сир ирдэбилин санаата, элбэҕи сыымайдаата, киһи киилин кытта көрдөөтө дуу... Үүт маҥан дьахтар күлүгэ көстөн ааста...Ситэр саас далаһата араас да эбит ээ, хоһооммут ырыата-тойуга, тыла-өһө устунан арааска-албаска тиэртэҕэ дуу дии санаатым. Үҥкүүһүттэр сценаҕа киирэн кэлэн маҥан саал былааттаах кыыс кутунуун эргийэн бардылар эдэрдии вальска. Сураҕа, устудьуоннуу да сылдьан Варя барахсан таансыны, үҥкүүнү сэҥээрбэтэ эбитэ үһү ээ. Ол оннугар таптыыр хоһооннорун түүнү быһа ааҕан уопсайын кыараҕас хоһугар кирийэрэ дииллэр. Ол оруннаахха дылы, саас уһугуннарбыт имэҥэ кими эрэ көнтөрүктүк, атыттары имигэстик үҥкүү долгунугар сөрүүр. Бииртэн биир үҥкүү солбуллар, ол аайы кыыс дьылҕата уу далайын үрдүнэн кэриэтэ араастаан устаҥныыр. Оттон хоһоон тыллара тапталга, сыччах иэйиигэ туһуланаллар. Ардыгар дьоллоох, атыныгар аһыйардаах, аһыы амтаннаах... Саал былааты илгэн кэбистилэр, умнуу-тэйии ыраах муннугар ыйаатылар. Кыыспыт кутугар соҕотохсуйуу киирдэ, ыарахан ыалдьыт буолла, ырбаахыбыт хара өҥнөннө... Тылбыт-өспүт нүһэр ыйааһыннанна, тапталы кытта таҥнарыыны араарда, күүппүт эрэлиттэн көрсүбэккэ матта... быһыылаах.

Ол икки ардыгар киил-халыҥ көстүүлээх, сырдык мааны көстүүмнээх, туҥуй кыыс ымсыырбыт уола хаана (Спартак Ларионов) кэллэ ээ, быһыыта. Ыллаабытынан киирдэ кини сүрэҕэр, сырдыгынан толордо соҕотохсуйбут олоҕун. Эрэл кыыма кылам гынна, куоласпыт сэниэлэннэ, өҥө-дьүһүнэ үксээтэ, тэтимэ-дэгэтэ элбээтэ, тапталынан тулатын уматта. Сотору маҥан көстүүмнээх киил киһи, киирбитин курдук чуумпутук, үүт маҥан олоппоһун таҥнары соспутунан тахсан барда эбээт... Санаабар ээ били, дуоһунастаах киһибит эбит буоллаҕа дуу, олоппоһо даҕаны киниэхэ холооннооҕо, оруобуна буолбута сүрүкэтэ...

Эмиэ хааллыбыт, курутуйа, соҕотохсуйа, соҥуора. Олохпут түмүгэ этиҥнээх ардахха кубулуйда, күүскэ лүһүгүрэттэ, бэйиэт кыыс кэлэн ааспытын күүскэ бэлиэтээтэ. Ардах хаһан эрэ хаардаах өксүөнүнэн солбуллуо, онтон тымныы хаарга кубулуйуо. Ол эрээри сылыйар кэмэ кэлиэхтээх, дьылҕа эргийиэхтээх, этэҥҥэ кэмҥэ тиийиэхтээх. Норуот дьылҕата, поэзия хонуута син биир айылҕа көстүүтэ. Ол аата төһө да “Ойдом үүммүт хахыйах” буоллун, ол даҕаны силигилии ситэн тахсыаҕа эбээт!

Валентина Якимец

Ити мин, көннөрү ааҕааччы бу моно-испэктээги ылыныым. Сымнаҕас тылларыттан манньыйыым, уохтаах өһөс тыыннаах строкалартан эрдийиим итиэннэ, курус эрээри, эрэлин кыымын син биир илдьэ сылдьар, тыыннаах кэриэтэ этиилэртэн! 

Астынным, манньыйдым, дуоһуйдум. “Итинник этэ бэйиэт Варвара Потапова олоҕо” диир кыахтанным эбээт! Мин бу дьүһүйүүнү ылыммытым оччо:

Хараҥа халлааҥҥа харбаспыт

Хойуу лабаалаах үрдүк мас аттыгар

Үүт Маҥан дьахтар нуоҕайан турара.

Хара долгун суһуоҕун намылытан,

Үп-үрүҥ илиилэринэн оргууй далбаатаан

Үтүрүйэр курдуга сиртэн хара санааны, хомолтону...

Бүтүн бэйэтэ сырдык үөрүү буолан

Туналыйар этэ өлгөм күөх ортотугар.

 Кырдьык, ситигирдик туран хаалла бэйиэт дьахтар. Ол эрээри бүгүн бу испэктээги көрбүт араастаан анаардаҕа ини диибин. Баҕар үрүҥ көстүүмнээх киһи, кинини таптыырын билиммит, онтун ырыа гынан толорбут Варя Потапова кэргэнэ Василий Саввин буолаарай? Эрэйдээх-буруйдаах ааттаммыт эр соҕотох, элбэх хоһоонунан норуокка биллэр бэйиэт, ол эрээри дьиктитик бутуйсан кэргэнин кинигэтигэр холбуу киирбит айымньылардаах, бэйэлэрэ да эппиттэринии, иккиэн бииргэ ахтыллыах, кэнэҕэскитин даҕаны  тэҥҥэ тутуллуох, ааҕыллыах анала эбитэ эрэ?

Көрбүт киһи дуоһуйуутун тиэрдэ сатаатым. Режиссер сатабылыгар  сөҕө сүгүрүйдүм. Муусуката үчүгэйэ, тылга тиксэр иччилээх кэриэтэ тоҕоостооҕо, уота-күөһэ ырааппыта быдан кэмнэргэ көтүтэн илдьэр күүһэ... биир тылынан барыта табылынна!

Махтал сылаас тылларын тутуҥ, тутум үрдүк артыыстарбыт итиэннэ тыйаатырбытын салайааччыларбыт! Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ Варя билсэр бэйиэт кыыһа Наташа Харлампьева Ньурбаҕа командировкаҕа барарыгар эппитэ үһү ээ: “Онно аэропорка хатыҥнар бааллар, миигиттэн эҕэрдэтэ тиэрдээр эрэ. Уонна миигин ахтар, саныыр Ньурбаҕа ким да суох буолуохтаах”,--диэн. Ол кырдьык буолбатын дуу, билигин Варвара Потапова аатын билинэр, сырдыктык, курустук ахтан ааһар бөдөҥ, мааны хатыҥнары таһынан биир дойдулаахтарын хаһыс да көлүөнэтэ кини айар үлэтигэр иитилиннэхтэрэ ини диэн эрэнэ саныыбын. Испэктээх бэйиэт дойдутугар тиийэн сырыттын уонна дьон-сэргэ сыанабылын ылыннын дуу!

Миигин олох таптыыр оҥоһуулаах

Дьылҕам мичээриттэн

Көҕөрөн кэлиэхтэрэ

Саһарбыт сэбирдэхтэр...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...