10.04.2024 | 16:30

Үчүгэй даҕаны, үөрүүгэ кыттыһар...

Үчүгэй даҕаны, үөрүүгэ кыттыһар...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр муус устар 2 күнүгэр бэлиэтэнэр Гражданскай ахтыбыыс күнүгэр Дьокуускай куорат Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна искусство киинин таас уораҕайыгар олус сэргэх, баай ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук, бу күн өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан СӨ “Дууһабытынан эдэрбит” киинин “үрүҥ көмүс волонтердара” мустан, үтүө үгэскэ кубулуйбут Сомоҕолоһуу баалыгар кыттыыны ыллылар. Тэрээһин корсеттаах кыраһыабай былаачыйалаах пааралар классическай музыкаҕа уйдаран чэпчэкитик вальска эргийэр үҥкүүлэринэн саҕаламмыта олус кэрэ көстүү буолан, этэргэ дылы, сааскын да умнар курдуккун.

Бары билэрбит курдук, аҕам саастаах эбэлэр, эһэлэр хас биирдиилэрэ дьоҥҥо туһалаах, көмөлөөх буоларга дьулуһаллар, бу уустук кэмҥэ араас бырайыактарга үлэлэһэллэр, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастарга элбэх көмөнү оҥороллор.

Ол да иһин бу улахан тэрээһиҥҥэ норуот дьокутаата, уопсастыбаннай үлэни мэлдьи өрө тутар Елена Голомарева, үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн Анастасия Ермолаева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээннэр сүбэлэриттэн Г.Н. Лебедева, Аҕалар лигаларын эппиэттээх үлэһитэ Майя Аргунова, СӨ добровольческай ресурснай киинин салайааччыта Айыллаан Винокуров уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Тыл уонна эҕэрдэ этээччилэр "Дууһабытынан эдэрбит" киин “үрүҥ көмүс волонтердара” дьиэҕэ олорон хаалбакка, төрөөбүт дойдуларын инники сайдыытыгар туһалаах бырайыактарынан үлэни ыыталларын биһирииллэрин, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх киин быһыытынан сыаналаабыттарыттан истэн, сүргэбит өссө көтөҕүлүннэ.

Биһиги «Дууһабытынан эдэрбит» кииммитин Ньурба Хаҥалаһыттан төрүттээх өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр лидер салайааччы Валентина Васильевна Сартаева-Васильева үлэлэтэр. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт салайааччылар, ыҥырыылаах ыалдьыттар бары даҕаны Валентина Васильевна ыытан кэлбит үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрдилэр, дьону түмэр дьоҕура күн-дьыл эргииригэр бэриммэккэ, өссө киэҥ далааһыннанан иһэрин бэлиэтээтилэр. Оттон Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин "Алаас Хотуна" түмсүүтэ (сал. А.С. Адамова) сыл түмүгүнэн "Саамай көхтөөх түмсүү" анал ааты ылла, түмсүү көхтөөх чилиэннэрэ М.Г. Федорова, Р.С. Герасимова, Л.В. Кутанова, М.Н. Николаева уо.д.а. Грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

"Дууһабытынан эдэрбит" киин “үрүҥ көмүс волонтердарын” үгэскэ кубулуйбут "Сомоҕолоһуу" тэрээһинин баалыгар хоруол уонна королева анал аатыгар бастыҥ үлэлээх волонтердар тиксэллэр. Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан бу үрдүк билиниини Хаҥалас Өктөмүттэн кэргэннии Ульяна уонна Виталий Осиповтар ыллылар. Чахчыта да, Ульяна Юрьевна уонна Виталий Петрович бу олоххо олус көхтөөх, кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолар, Арассыыйа таһымыгар тиийэ үлэлэһэр дьиэ кэргэн эбит.

Оттон тэрээһини норуот таптыыр ырыаһыттара Бүлүүттэн кэлбит мелодист Иван Туласынов кэргэниниин Еленалыын олус киэргэттилэр. Бырааһынньыкка мустубут 160-ча волонтер сүргэлэрэ көтөҕүллэн, ыллаан, үҥкүүлээн, эдэр саастарын эргитэн тарҕастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...