13.10.2022 | 10:00

Быйылгы былаан 98,5% туолан турар

Быйылгы былаан 98,5% туолан турар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Куорат суолларын өрөмүөнэ билигин даҕаны салҕанар. Алтынньы 11 күнүгэр дьаһалта суруналыыстарга үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ. 
Санатар буоллахха, Дьокуускай куорат суоллара «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар. 
Бүгүҥҥү туругунан, былааннаммыт үлэ 98,5% туолан турар, диэн «Главстрой» МХТ исписэлиистэрэ пресс-десант кэмигэр иһитиннэрдилэр.

Түмүктүүр түһүмэх

Уон эбийиэккэ үлэ тиһэх түһүмэҕэ ыытылла турар. Ол курдук, Ленин проспегар, Ильменскэй, Яков Потапов, Очиченко, Птицевод, Маяковскай, Уустаах Избеков уулуссаларыгар, ону сэргэ Глухой уулуссаҕа уонна Щорс күөлүн кытыытынан учаастактарга аспаал үлэтэ, тротуардары, бэлэсипиэт суолларын оҥоруу түмүктүүр түһүмэххэ кэлбит.

 

Кеша Алексеев уулуссата

Суруналыыстары үс аадырыска сырытыннардылар. Маҥнайгы эбийиэгинэн Кеша Алексеев уулуссатыттан Гимеин эргииригэр диэри учаастак буолла. Урут бу уулусса, туох кистэлэ кэлиэй, буомбанан дэлби тэптэриллибиттэн итэҕэһэ суох курдуга. Билигин остуол ньуурун курдук көбүс-көнө буолбут. Тротуардары саҥардыы, оптуобус хармааннарын аспааллааһын курдук быстах үлэлэр хаалан тураллар эбит. Инчэҕэй үлэлэр, ол иһигэр аспаалы кутуу, Росавтодор бигэргэппитинэн, 10 кыраадыска тиийэ тымныыга оҥоһуллуохтарын сөп, диэн «Главстрой» МХТ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, күн-дьыл ардаан-хаардаан мэһэйдиир түгэннэригэр, анал технологическай каарталар оҥоһуллаллар. Холобура, инчэҕэй үлэ ыытыллыан иннинэ учаастагы ыраастаан, куурдан бэлэмниир эбиттэр. Бу күн кыра сөҥүүлээх буолан, халлаан маннык туругар үлэ хайдах ыытылларын, этэргэ дылы, «тутан туран» көрдүбүт – ардахтан, хаартан хайдах ыраастыылларын, куурдалларын.

«Күүстээх тымныылар түһүөхтэрин иннинэ аспаал үлэтин бүтэрэр соруктаахпыт. Номнуо икки биригээдэ киирэн үлэлээри олорор. Көрбүккүт курдук, аспаал куурдуллубут учаастакка ууруллар. Тоһоҕолоон эттэххэ, үлэ хаачыстыбата мантан эмсэҕэлээбэт», - диир Афанасий Александров.

Манна даҕатан эттэххэ, мэктиэлээх болдьох устатыгар, өскөтүн сыыһа-халты тахсар түгэнигэр, бэдэрээтчит тэрилтэ бэйэтин суотугар итэҕэстэри туоратыахтаах.

«Суол үлэтин бары көрүҥэр мэктиэлээх болдьохтор туруоруллубуттара. Ол курдук, тупсарыы үлэтигэр — 5-тэн 7 сылга диэри, акылаатыгар — 8 сыл», — диэн эбэн эттэ Афанасий Александров.

Ильменскэй уулуссата

Салгыы иккис учаастакка айаннаатыбыт — Ильменскэй уулуссата. Биһиги тиийбиппитигэр, үлэһиттэр оруобуна уу ааһар турбатын уура сылдьаллар. Бу уурулла сылдьар турбанан уу Билибин уулуссатынан Бүлүүлүүр суолга тахсар. Сарсын-өйүүн учаастакка аспаал үлэтэ былааннанар уонна салгыы Билибин уулуссатын өттүгэр тахсаллар эбит. Үлэ хаамыыта болдьохтон улахан хаалыыта суох диэн иһитиннэрдилэр. Санатан эттэххэ, Чайковскай уулуссатыттан Билибин уулуссатыгар диэри 1 км 637 м усталаах суол оҥоһуллар.

 

Глухой уулусса

Ильменскэй уулуссатын кэнниттэн Киин уокурук Глухой уулуссатыгар (переулок) тиийдибит. Өрөмүөн үлэтэ номнуо бүппүт, бу сайын сылдьарбытыгар суол-иис омооно да көстүбэт этэ.

«Аспаал сүрүн суолга бүүс-бүтүннүү ууруллан турар, бу нэдиэлэ бүтүүтэ туора сытар уулуссаларга ууруллуоҕа. Канализация ситимин аһардар үлэлэр эмиэ түмүктэнэн тураллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ болҕомто, сүрүннээн, сырдатыыга уонна ууну аһардар ситимнэргэ ууруллар. Хантараак быһыытынан, үлэ алтынньы ый 31 күнүгэр диэри түмүктэниэҕэ»,- диир «Главстрой» МХТ суол тутуутугар отделын сүрүн исписэлииһэ Роберт Константинов.

Суол үлэтэ түмүктэнэрэ бэрт кылгас кэм хаалла. Быйылгы былааҥҥа киирбит эбийиэктэр тиһэх болдьохторо – алтынньы 31 күнэ. Оҥоһуллар суол уопсай уһуна 34,6 км. Чахчы, үлэ, халлаан туругун аахсыбакка, бары технологияны тутуһан, күөстүү оргуйара харахха быраҕыллар: антах көр – үлэһиттэр, манна көр – аспаалы тэлгэтии тохтообот. Куорат олохтоохторо да бэлиэтииллэринэн, суол оҥоһуута, тупсарыы да үлэлэрэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да сытыытык, балысханнык бара тураллар. Оттон Олохтоох дьаһалта, сүрүн сакаасчыт «Главстрой» МХТ да өттүттэн хонтуруол күүстээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...