Быйылгы үбүлүөйү уратытык бэлиэтээтибит
Сайсары уокуругар “Школьный мир” библиотека урут-уруккуттан айымньылаахтык үлэлиир. Кыайыы үбүлүөйдээх сылын кэлэктиип ураты бэлэмнээх көрсүбүтэ.
Библиотека сэбиэдиссэйэ Валентина Яковлева быйылгы бэлиэ сылга хайдах үлэлээбиттэрин, саҥа усулуобуйаҕа хайдах үөрэммиттэрин кэпсиир.
–Библиотека фойетыгар “Албан аат уонна өйдөбүнньүк сыла” диэн кинигэ быыстапката дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Манна Е. Ярославскай аатынан музей экспонаттарын, ааҕааччыбыт Галина Петровна Павлова Улуу Кыайыыга аналлаах аккырыыкка коллекциятын туруорбуппут.
Тохсунньу 27 күнүгэр Илья Миксон “Жила, была” диэн документальнай сэһэнинэн “Дорҕоонноохтук ааҕыы” ыытыллыбыта. Бу кинигэ Ленинград блокадатыгар аналлаах, оҕо хараҕынан ойууламмыт. Таня Савичева дневнигэ Аҕа дойду Улуу сэриитин символа буолбутун бары билэҕит.
Биһиги библиотекабыт #РингтонПобеды аахсыйаҕа кыттыспыта, видеороликпыт “Якутия 24” ханаалга көстүбүтэ.
Оҕо секторыгар “Военная книга на пъедестале” быыстапка тиһигин быспакка үлэлээтэ. Субу-субу саҥа кинигэлэринэн солбуйан иһэбит.
Сайсары уокуругун уһуйааннарыгар оҥоһук быыстапка куонкуруһу ыытар үтүө үгэстээхпит. Кыайыы 75 сылыгар “Военная мощь России” куонкуруһу тэрийбиппит. 8 уһуйаантан 46 кырачаан кыттыбыта. Оҕолор байыаннай тиэхиньикэ арааһын оҥорбуттара. Кыттааччылар сертификат тутан, кыайыылаахтар дипломунан наҕараадаланан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Кулун тутар маҥнайгы сэрэдэтигэр аан дойду үрдүнэн Дорҕоонноохтук ааҕыы күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл Арассыыйаҕа бу күн классиктар хоһооннорун уонна сэрии туһунан айымньылары аахпыттара. Кулун тутар 4 күнүгэр биһиги библиотекабытыгар 20 №-дээх оскуола 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ Анна Печерская “Дети-герои Великой Отечественной войны” кинигэтиттэн быһа тардан аахпыттара. Оҕолор 14 саастаах Валя Котик хорсун быһыытын туһунан кэрэхсии истибиттэрэ, элбэҕи билбиттэрэ.
Онтон пандемия саҕаламмыта. Кылгас кэм иһигэр былааммытын уларытарга күһэллибиппит, түргэн соҕустук саҥа усулуобуйаҕа үлэни тэрийэр соруктаммыппыт. Онон онлайн көрүҥҥэ көспүппүт: быһа эфирдэри, лекциялары, маастар-кылаастары, кинигэ ырытыыларын, виртуальнай быыстапкалары ыыппыппыт. Аахсыйалары уонна челленджтэри, араас куонкурустары @cbsshkolnyimir инстаграм аккауммутугар тэрийбиппит.
Муус устар 25 күнүгэр “Мы этой памяти верны” диэн аахсыйаҕа оҕолор ис сүрэхтэриттэн истиҥник, долгутуулаахтык хоһоон аахпыттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт суруйааччыларга аналлаах видеоуруоктары ааҕааччылар олус сэргээбиттэрэ. Ону таһынан #75словпобеды диэн онлайн-марафоҥҥа кыттыһан хоһоон аахпыттара.
Сайсары устун виртуальнай экскурсияны тэрийбиппит. Сэбиэскэй Сойуус Геройдара Владимир Лонгинов, Федор Охлопков уулуссаларын билиһиннэрбиппит.
#ПобедныйМайЯКТ! аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Ааҕааччыларбыт Ийэ дойдуларын көмүскээбит аймахтарын туһунан видео уһулбуттара, хаартыскаларын таһаарбыттара. Ону барытын инстаграмҥа уонна ютуб-ханаалбытыгар түмэн укпуппут.
“Библионочь” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа быйыл тохсус төгүлүн кытынныбыт. Быйыл онлайн көрүҥүнэн ыытылынна. Күнү быһа кинигэлэри ырыппыппыт, хоһоон ааҕыытын, сэрии саҕанааҕы ырыаларынан викторина, үҥкүү мүнүүтэлэрин тэрийбиппит.
Биһиги ааҕааччыларбыт Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета көҕүлээбит #ПобедаИзМоегоОкнаЯКТ флешмобка кыттыбыттара.
“Өлбөт үйэлээх полк” аахсыйаҕа хаартыскалары бэлэмниир, тупсарар босхо өҥөнү биллэрбиппит. Онон 54 киһи туһаммыта.
“Кинигэ күүһэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыбыппыт. Биһиги ыалдьыппытынан доруобуйа харыстабылын туйгуна, поэт, 3 кинигэ ааптара Ксения Семеновна Маркова буолбута. Кини 20 №-дээх оскуола 4 кылааһын үөрэнээччилэригэр Альберт Лиханов "Цирковые циркачи" айымньытын аахпыта.
Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Албан аат уонна өйдөбүнньүк сылыгар аналлаах “Улуу Кыайыы эдэр геройдара” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа буолбута. Онно 20 №-дээх оскуола 3 “А” кылааһын үөрэнээччилэригэр онлайн тэрээһини ыыппыппыт.
“Ильмень в сердце моем...” библиографическай босуобуйаны электроннай көрүҥүнэн таһаарбыппыт. Манна библиотека пуондатыттан 1968-2015 сылларга тахсыбыт сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруллубут 48 докумуон түмүлүннэ. Бу таһаарыы “Краеведение на ладони” кыраайы үөрэтэр библиографическай ыйынньык сиэрийэтин салҕаата.
Дьиэбититтэн тахсыбакка үлэлээбиппит биһиэхэ саҥа уопут буолла. Кэлэктииппитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.