27.01.2023 | 21:11

Быйыл 500 кыбартыыра күлүүһэ туттарыллыаҕа

Быйыл 500 кыбартыыра күлүүһэ туттарыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Вадим Семенов:
– Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга 1159 дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэн турар. Манна 35 тыһыынча киһи олорор.
Билигин үлэлии турар нэһилиэнньэни хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар итинтэн 162 эрэ дьиэни киллэрии ситиһиллэн турар. Бу – 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр. Ол иһигэр, холобура, 17-с кыбаарталтан өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэр 11 эрэ дьиэ киирэн турар. Ол эрээри 2023 сылга Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагыраама иккис түһүмэҕин болдьоҕун иннинэ толороору олорорун этэр тоҕоостоох. Тоҕо диэтэххэ өскөтүн инники сылга 10-15 дьиэни көһөрбүт буоллахпытына, билигин 115-тэн тахса дьиэҕэ тиийдэ. Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын кытта бу түһүмэх болдьоҕун күүппэккэ, кэлэр түһүмэҕи саҕалыырга үбүлээһини көрдөөн эрэбит. Манна биир табыгастаах ньыманан «Звезднай», «Спортивнай» дьоҕус оройуоннар курдук Территориялары комплекснайдык сайыннарыы (КРТ) бырайыагын олоххо киллэрии буолуон сөп.
Маневреннай дьиэ пуондата эмиэ болҕомтону эрэйэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу сыалга киин куоракка 81 хос туттуллар. Бу – быстар кыра сыыппара. Оттон өрөспүүбүлүкэ баһылыга маневреннай дьиэ пуондатын тутар соругу туруорбутунан, бу хайысхаҕа үлэ ыытыллар. 
«Звезднай» дьоҕус оройуон икки маҥнайгы дьиэтигэр кыбартыыралар күлүүстэрин туттубут даҕаны, көһөн киириэхтээх дьоҥҥо биллэриэхпит. Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх, 500 кыбартыыра күлүүһүн туттарыахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...