26.05.2023 | 18:00

Быстах үлэ — туһалаах сайын

Оҕо 14 сааһыттан үөрэммэт кэмигэр үлэлиэн сөп. Ол эрээри ыараханы көтөҕөлүүрэ, химическэй оҥорон таһаарыыга, казиноҕа, түүҥҥү симиэнэҕэ, сир анныгар үлэлиирэ көҥүллэммэт.
Быстах үлэ — туһалаах сайын
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

16-гар диэри саастаах оҕолорго төрөппүттэрин уонна эпиэкэ уорганнарын көҥүлэ хайаан да наада. Ол эрээри 15-тэн, 9 кылааһы бүтэрдэхтэринэ уонна колледжка эбэтэр техникумҥа үөрэнэр буоллахтарына, ол ирдэниллибэт.

 

Ыһылла сыппат эрээри, булуохха сөп

Билиҥҥи үйэҕэ улахан киһиэхэ да үлэ миэстэтэ көстөрө уустук. Ол эрээри “Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү, сылдьыбыт сыыһы булар” дииллэрэ оруннаах. Дьэ, хантан булабыт?

Сайын, уоппуска кэмигэр, үгүс тэрилтэ үлэһиккэ наадыйар. Онон дьиэҕититтэн чугас маҕаһыыннарга, тэрилтэлэргэ киирэн ыйыталаһыҥ, баҕар, үлэ миэстэтэ баар буолуон сөп. 

Олохтоох дьаһалта эбэтэр социальнай көмүскэл сайтарыгар. Обургу оҕолору сайыҥҥы өттүгэр көҕөрдүү үлэтигэр ыҥыраллар, өссө үксүн итии аһылыктаах буолар.

Үөрэх тэрилтэтигэр. Каникул кэмигэр үлэ биригээдэлэрэ тэриллэллэр. Оҕо, холобур, библиотекарь көмөлөһөөччүтүнэн, баһаатайынан киириэн, ыраастааһын үлэтигэр көмөлөһүөн сөп.

Дьарыктаах буолуу киинигэр баран ыйыталаһыахха сөп. Киин нөҥүө урбаанньыттар үксүн оҕуруот, хомуур үлэтигэр көмөлөһөөччүлэри көрдүүллэр.

Үлэ көрдөөччүлэргэ уонна үлэ биэрээччилэргэ аналлаах сайтарга биллэриилэр баар буолаллар. Холобур, промоутер, аниматор, курьер, тиэкиһи бэчээттиир үлэһит, оҕо аттракционнарын администратора, квест ыытааччы эбэтэр официант миэстэлэрэ көстүөхтэрин сөп.

Социальнай ситимнэргэ биллэриилэри кэтээҥ. Эрдэҕэс оҕолорго уонна устудьуоннарга анал бөлөхтөр баар буолаллар. Ол эрээри массыанньыктартан уонна хара санаалаах дьонтон сэрэхтээх буолуҥ.

Фрилансердарга кыттыһыахха сөп. Билиҥҥи оҕолор аныгы технологияларга бэркэ быһаарсаллар. Онон социальнай ситимнэргэ үлэлиэхтэрин, судургу сайтары оҥоруохтарын, тиэкис суруйуохтарын, оонньуулары толкуйдуохтарын сөп. 

Билэр дьоҥҥут нөҥүө ыйыталаһыҥ. Баҕар, бизнестээх дьон баар буолуохтара. Урбаанньыттарга 14-16 саастаах оҕолорго сөптөөх үлэ көстүөн сөп. Обургу оҕолор сибэкки дьөрбөтүн оҥорорго, маҕаһыыҥҥа табаары уурталыырга, кафеҕа остуоллартан кирдээх иһити хомуйарга, оҕо көрөргө көмөлөһүөхтэрин, өрөмүөн үлэтигэр илии-атах буолуохтарын сөп.

Ким? Туох? Ханна?

Промоутер. Биллэриилэри ыйыыгын, дьоҥҥо листовкалары, реклама брошюраларын тарҕатаҕын. Хамнаһа үксүн күнүнэн эбэтэр нэдиэлэнэн бэриллэр. 

Көҕөрдүү үлэһитэ, олбуор ыраастааччы, почтальон. Үлэ миэстэтин Дьарыктаах буолуу киинин уонна олохтоох дьаһалта нөҥүө булуохха сөп. Хамнаһа кыра, ол эрээри эрэбил буолуоҕа.

Курьер. Табаары, баһыылканы, корреспонденцияны эбэтэр аһы-үөлү дьиэҕэ тиэрдэн биэрии – аныгы үйэҕэ киэҥник туһаныллар өҥө. Онон үлэ миэстэтэ да элбэх. Хамнас үксүн сакаас аайы, чааһынан эбэтэр симиэнэнэн ааҕыллар. Биллэн турар, сүүрүүлээх-көтүүлээх, сылаалаах үлэ. Ол эрээри «Оҕо атаҕа – ыт атаҕа» дииллэринии, эдэр киһи кыайар.

Баһаатай көмөлөһөөччүтэ эбэтэр аниматор. Каникул кэмигэр үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр лааҕырдар арыллаллар, алын кылаас оҕолоругар араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онно баһаатайдарынан үксүн педагог идэтигэр үөрэнэр устудьуоннары ылаллар, оттон көмөлөһөөччүлэринэн үрдүкү кылаас оҕолоро үлэлииллэр.

Кырачааннары кытта биир тылы булар, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу, чобуо, дьонтон толлубат, кыбыстыбат оҕолор бырааһынньыктарга аниматордыахтарын сөп.  

Маҕаһыыҥҥа консультант. Үрдүкү кылаас оҕолоругар барсар. Бу эмиэ дьону кытта үлэ, эйэҕэс, элэккэй буолуохха наада.

Оҕо көрөн, үчүгэй үөрэхтээхтэр алын кылаастарга репетитордаан, куорат улахан тэрээһиннэригэр волонтердаан хамнас аахсыахха сөп. 

Төрөппүттэр болҕомтолоругар

Оҕо үлэ буларыгар төрөппүт көмөтө хайаан да наада. Оҕолор үксүн хамнаһы эрэ көрөллөр. Аныгы үйэҕэ, хомойуох иһин, албын дьон угаайыларыгар хаптарар, ол-бу саарбах тэрилтэҕэ, сетевой маркетиҥҥа, хараҥа дьыалаҕа киирэн биэрэр куттал баар.   

Үлэ дуогабара түһэрсиллэрэ ордук, ол үксүн уустук буолар. Билэр дьоҥҥут дуогабар оҥорсоллоро саарбах, ону да тэрилтэлэр уонна ИП-лар эрэ түһэрсиэхтэрин сөп.

Оҕо массыанньыктартан сэрэхтээх буоллун. Хамнаһа суох халтай үлэлиэн, отоойкоҕо олоруон сөп.

Үлэ биэрээччини кытта билсиҥ, туох баар усулуобуйатын барытын кэпсэтиҥ. Докумуоннарын көрүҥ, сурунуҥ.

Оҕо хайдах үлэлии сылдьарын, графигын, төһө сылайарын ыйыталаһыҥ. Сокуоҥҥа олоҕуран, 18 сааһыгар диэри оҕо толору күн үлэлиирэ көҥүллэммэт.

Дуогабар туһунан тугу билиэхтээхпитий?

18-гар диэри саастаах оҕолор дуогабарынан үлэлиэхтэрин сөп. Ол эрээри кинилэргэ анаан ураты быраабылалар бааллар, ону төрөппүттэр уонна үлэ биэрээччилэр хайаан да билиэхтээхтэр. Салгыы сиһилии ааҕыҥ.

- Оскуола оҕолоро үөрэммэт кэмнэригэр үлэлиэхтэрин сөп. Холобур, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар.

- Үөһэ этиллибитин курдук, 15-гэр диэри саастаах оҕолор төрөппүттэрэ эбэтэр опекуннара суругунан көҥүллээтэхтэринэ эрэ үлэлиэхтэрин сөп. Үлэ дуогабарыгар улахан киһи илии баттыыр.

- 18-гар диэри саастаах үлэһиттэргэ холоон көрөр болдьох (испытательный срок) диэн суох, кинилэри командировкаҕа, вахтаҕа ыытыллыбат, үлэ чааһын таһынан үлэни бэриллибэт.

- Оҕо медосмотру үлэ биэрээччи суотугар ааһар.

- Сүрүн үлэтин таһынан атын үлэни оҥороро, уоппуска оннугар харчынан компенсация ылара көҥүллэммэт. 

- Үлэ кэмэ хааччахтанар: 16-гар диэри саастаахтарга – нэдиэлэҕэ 24 чаастан элбээбэт; 16-тан 18-гар диэри саастаахтарга – нэдиэлэҕэ 35 чаастан элбээбэт. Өскөтүн оҕо үөрэнэр буоллаҕына, 16-гар диэри саастаах – нэдиэлэҕэ 12 чаастан элбэҕи, оттон 16-тан 18-гар диэри саастаах – нэдиэлэҕэ 17,5 чаастан элбэҕи үлэлиэ суохтаах.

 

Сэрэхтээх буолуҥ!

Төрөппүттэргит, билэр дьоҥҥут көмөлөрүнэн үлэ буларгыт ордук. Интэриниэккэ бэрэбиэркэни ааспыт сайтары эрэ көрүҥ.

Массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэримэҥ. Сэрэхэчийиҥ, өскөтүн:

- үлэлии киириэх иннинэ тугунан эрэ сылтанан харчыта төлөө дииллэр (массыанньыктар схемалара);

- анал идэтэ суох дьону көрдүүллэр уонна сиэри таһынан үрдүк хамнаһы эрэннэрэллэр (массыанньыктар схемалара, сокуону кэһиилээх үлэ буолуон эбэтэр хамнас туһунан сымыйалыахтарын сөп);

- үлэһиттэн туох ирдэнэрин сиһилии суруйбаттар, төлөпүөнүнэн тугу даҕаны сүгүн быһаарбаттар.

Бэйэҕит интэриэскитин көмүскүүр туһуттан быраапкытын билиҥ, үлэ дуогабарыгар илии баттыаххыт иннинэ болҕомтолоохтук ааҕыҥ, төрөппүттэргит барсаллара ордук, онно киһи кыбыстара туох да суох.

Ытыктабыллаах урбаанньыттар!

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Урбааҥҥа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар департамена ыам ыйын 22 күнүттэн «Туймаада ыһыаҕар» атыыга-эргиэҥҥэ кыттыыга сайаапкалары ыларын туһунан биллэрэр.

Сайаапкаларгытын 2023 сыл ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 16 күнүгэр диэри Ленин пр., 15, 207-с кабинекка тиийэн биэриэххитин сөп. Төл. 40-80-95.

Атыы-эргиэн миэстэтигэр көҥүл ыларга ирдэниллэр докумуоннар: 

1. Сайабылыанньа;

2. Пааспар куоппуйата;

3. Нолуок уорганыгар учуокка турбуту туоһулуур сибидиэтэлистибэ (куоппуйа);

4. Физическэй сирэй ИП быһыытынан судаарыстыбаннай регистрацияны ааспытын туоһулуур сибидиэтэлистибэтэ (куоппуйа);

5. Индивидуальнай предпринимателлэр биир кэлим судаарыстыбаннай реестриттэн (ЕГРИП) экономическай үлэ көрүҥнэрдээх быыпыска (куоппуйа);

6. Оҥорон таһаарыы хонтуруолун бырагыраамата – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;

7. СӨ гигиенаҕа уонна эпидемиологияҕа киинин кытта дуогабар;

8. Роспотребнадзор уорганыттан учуокка турбутун туһунан иһитиннэрии – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр (куоппуйа);

9. Куортам дуогабара (куоппуйа) эбэтэр бас билии сибидиэтэлистибэтэ – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;

10. Табаар сөп түбэһэрин туһунан туоһу сурук, хаачыстыба туһунан декларация (атыы миэстэтигэр баар буолуохтаах);

11. Үлэһиттэр испииһэктэрэ;

12. Үлэһиттэр санитарнай киниискэлэрэ (оригинал), прививка сертификата – докумуоннар оригиналлара уонна куоппуйалара (көҥүл ылан баран  атыы миэстэтигэр илдьэ сылдьыллыахтаах):

13. Коронавирустан быһыы (СӨ Кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһын 2021 сыл от ыйын 13 күнүнээҕи бирикээһигэр олоҕуран);

14. Шигеллвак (сылга биирдэ) – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;

15. Альгавак, Хадрикс (А гепатиттан), корь – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;

16. Быраас көҥүлэ (сылга биирдэ)

17.  ФЛГ (сылга биирдэ)

18. Сан.минимум (икки сылга биирдэ)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...