14.10.2022 | 07:00

Быстах кэмнээх хомуур тула

(Хомуурга тиийбит дьон сүбэтиттэн наарданна)
Быстах кэмнээх хомуур тула
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сиригэр дьоҕус мобилизация саҕаланыаҕыттан бойобуой дьайыыларга кытта сылдьар эр дьон бэйэлэрин санааларын, кимиэхэ туох тиийбэтин социальнай ситимнэргэ аһаҕастык иһитиннэрэр буоллулар. Онон бүгүн – хомуур тула кэпсэтиэх... Бастатан туран, тугу илдьэ барыллыахтааҕын туһунан. 

Сүрүн түгэннэри кэпсиэх иннинэ кылгастык ас чааһыгар тохтоон аастахха, кэнсиэрбэлээх ас наадата суох, маҥнай утаа туһанарга 1-2 күн аһыыр аскытын ылыҥ дииллэр, аныгы хаалаах сухой паек буолара ордук эбит.

 

Саамай наадалаах мал-сал:

Соттор, ис таҥас, спортивнай таҥас, халтарыйбат кроссовка, тапочка, утуйар мөһөөччүк, сис тоҥмотун хааччыйар анал байыаннай “Хоба”, илии-атах наколенниктара, берцовай атах таҥаһа, хаачыстыбалаах камуфляж (горка, натовка), хары чаһыта, аччаабыта икки симкалаах төлөпүөн (МТС буолара ордук), баан каартата (МИР) уонна уу харчы.

Анал байыаннай таҥаһы-сабы биэрэллэр. Ол эрээри тиийбит дьон камуфляжтара мөлтөҕүн бэлиэтииллэр, сиигинэн хайа барар, түргэнник алдьанар, умайар дииллэр. Онон «Горка” диэн ааттаах анал таҥаһы, сыаната да удамырынан, ордук хайҕыыллар. Малы-салы уктан илдьэ барарга альпинисткай үрүсээк сөп буолар эбит. Байыаннай чаас анал мөһөөччүгүнэн хааччыйар.

 

Эмп-томп булгуччулаах

Биллэн турар, балаһыанньа ааттыын байыаннай, туох барыта буолуон сөп. Онон эт-сиин эчэйиитин уҕарытар эмп-томп булгуччулаах. Бастатан туран, Арассыыйаҕа оҥоһуллан тахсыбыт тампоннары, гемостатигы хаһаанарга сүбэлииллэр. Ону таһынан скотч уонна ас суулуур салапаан наада буолуон сөбүн ыйаллар. Анал байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр балаһыанньа мүнүүтэ аайы уларыйа турара саарбаҕа суох.

 

Сибээс туһунан

Сибээс чааһа мөлтөҕүн кэпсииллэр. Ол курдук, “Билайн”, “Мегафон” үлэлээбэттэрин кэриэтэ эбит. Биллэн турар, атын регион симкатын атыылаһар булгуччулааҕын тоһоҕолууллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...