24.10.2022 | 12:00

Быстах хомуурга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр бородуукта түҥэтэллэр

Киин куоракка быстах хомуурга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр «Горснаб» ыскылаатыттан оҕуруот аһын түҥэтэн эрэллэр диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Быстах хомуурга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр бородуукта түҥэтэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бастакы күн куорат управаларын үлэһиттэрэ үс биригээдэнэн тарҕаппыттар. Ол курдук, биир массыына Маҥан сэлиэнньэтигэр, иккис – куорат киинигэр, онтон үһүс – ГРЭС-ка оҕуруот аһын түҥэппиттэр.

«Бородууктаны дьиэлэринэн уонна кыбартыыраларынан тарҕаталлар. Биһиэхэ Олохтоох дьаһалта Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр управлениетын үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Тиэйиэхтэрин иннинэ оҕуруот аһын хаачыстыбата хонтуруолланар», - диэтэ Дьокуускай территорияларын сайдыытын департаменын салайааччыта Владислав Слепцов.

Оҕуруот аһын күн аайы, өрөбүлэ суох, аадырыстарынан түҥэтэллэр.

Санатар буоллахха, куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр куораттааҕы киин тэриллибитэ. Кииҥҥэ юридическай, психологическай уонна волонтерскай көмөнү оҥороллор. Итиэннэ кииҥҥэ 30 тыһыынча солкуобай суумалаах материальнай көмөнү, муниципальнай оҕо уһуйааныгар уочарата суох путевканы, үөрэнээччилэргэ тырааныспар каартатын ыларга уо.д.а. сайабылыанньа биэриэххэ сөп.

 Киин аадырыһа: Дьокуускай куорат, Курашов уул., 1/1, кэбиниэттэр: 3-с, 8-с, 9-с уонна 44-с.

Үлэ эрэсиимэ: 09.00 чаастан 18.00 чааска диэри эбиэтэ уонна өрөбүлэ суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...