03.10.2022 | 14:00

Быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр туох көмө оҥоһулларый?

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан быстах хомуурга барбыт уонна баҕа өттүнэн хантараагынан барбыт гражданнар дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл оҥоһуллар диэн иһитиннэрдэ СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр туох көмө оҥоһулларый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өйүүр дьаһаллар:

- 200 тыһыынча суумалаах биир кэмнээх көмө;

- Оҕо аҕата эбэтэр оскуонунан билиниллэр бэрэстэбиитэлэ быстах хомуурунан байыаннай сулууспаҕа сылдьар кэмигэр оҕо уһуйааныгар сылдьар төлөбүрүттэн босхолооһун уонна уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын 5-11 кылаастарын үөрэнээччилэригэр босхо аһылык;

- 6-18 саастаах оҕолоругар чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо путевкалар;

- Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүн суотугар үрдүк уонна орто үөрэхтэргэ тус сыаллаах босхо үөрэтии;

- Төрөппүтэ быстах хомуурунан байыаннай сулууспаҕа сылдьар кэмигэр үрдүк уонна орто үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарыгар үрдүк истипиэндьийэлэри анааһын уонна байыаннай сулууспалаах төрөппүттэрэ санаторийга, курортка эмтэниилэрин хааччыйыы.

Өйөбүл бары дьаһаллара, быстах хомуурунан барбыт кэргэттэр, аҕалар уонна уолаттар байыаннай чааска киирбиттэрин кэнниттэн, МФЦ нөҥүө «биир түннүк» биир кэлим супер-сервиһинэн уонна СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр  е-yakutia.ru порталларын нөҥүө оҥоһуллаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...