12.10.2022 | 14:00 | Просмотров: 591

Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр төлөбүр саҕаланна

Алтынньы 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр регион бүддьүөтүттэн 200 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүр саҕаланна диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Бастакы 26 дьиэ кэргэн 200 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүрү ылла. Ити төлөбүр байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар эрэ буолбакка, байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн уонна хантыраагынан барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр эмиэ көрүллэр. Дьоруойдарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүөхпүт!» - диэн Ил Дархан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Санатар буоллахха, алтынньы 5 күнүгэр байыаннай сулууспалаахтар  дьиэ кэргэттэрин өйүүр эбии миэрэлэринэн сайабылыанньаны хомуйуу саҕаламмыта. Сайаапканы е- yakutia.ru портал, судаарыстыбаннай өҥөлөр сайтарын эбэтэр «Мои документы» киин нөҥүө биэриэххэ сөп.

Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр 200 тыһыынча солкуобай суумалаах биир төгүллээх төлөбүр, оҕо уһуйааныгар төлөбүрэ суох сылдьыы, оскуолалар 5–11 кылаастарын үөрэнээччилэригэр босхо аһылык, 6–18 саастаахтарга лааҕырдарга босхо путевка, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар босхо целевой үөрэх, үрдүк стипендия, саллаат төрөппүттэригэр  босхо санаторнай-курортнай эмтэнии көрүллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.