Быстах байыаннай хомуурга кимнээх баралларый?
«Байыаннай хомуурга учуокка турар уонна сулууспаттан босхолонорго сокуоннай төрүөтэ суох гражданнар бараллар. Гражданнарга иһитиннэрии уонна мустуу Дьокуускайга ыытыллар. Салгыы кинилэри Илиҥҥи байыаннай уокурук штаба быһаарбыт байыаннай чаастарыгар ыытабыт», – диэтэ байыаннай комиссар балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ.
Регион военкома эппитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тэрээһин былаан быһыытынан ыытыллар. Илиҥҥи байыаннай уокурук штаба сорудахтара Саха сирин оройуоннарын уонна куораттарын баһылыктарыгар уонна байыаннай комиссардарыгар тиэрдилиннэ.
Александр Авдонин балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Об объявлении мобилизации» бирикээскэ илии баттаабытын туһунан иһитиннэрдэ. Кини ыҥырыыны туппут гражданнар байыаннай комиссариаттарга эбэтэр пууннарга ыйыллыбыт кэмҥэ тиийэллэригэр эттэ.
«Ыҥырыы суруктарга хомуур пууннарыгар тиийии бириэмэтэ ыйылла сылдьар. Бэйэҕитин кытта пааспаргытын, байыаннай билиэккитин, баан каартатын илдьэ кэлэҕит», – диэн быһаарда Александр Авдонин.
Байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт гражданнар бары хантыраагынан сулууспалааччыларга тэҥнэһиэхтэрэ уонна, званиеларыттан тутулуга суох, 205 тыһыынча солкуобай сууматтан саҕалаан ылыахтара.