05.10.2022 | 20:00

Быстах байыаннай хомуур: ыйыт —хоруйдуубут

Быстах байыаннай хомуур: ыйыт —хоруйдуубут
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Арассыыйа үрдүнэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах хомуур саҕаланыаҕыттан уопсастыбаны долгутар ыйытыы үксээтэ. Эбиитин социальнай ситимнэринэн кырдьыктаах уонна оруна суох информация быыстала суох кутуллан кэлэ турар. Онон үгүстэр хомуур туһунан элбэҕи билбэккэ, сорохтор өйдөөбөккө да олороллор. Быһаарыылаах кэмнэр үүммүттэринэн сибээстээн мобилизация туһунан тыын ыйытыыларга хоруйдары бэчээттиибит.

*Ыйытыктар уонна хоруйдар Объясняем.РФ официальнай суһал сонун сайтыттан таҥыллан киирдилэр.

 

Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар киһи 2022 сыл алтынньытыгар болдьоҕо бүтэн эрэр буоллаҕына, кинини хомуурга ылыахтарын сөп дуо?

— Сулууспаттан босхоломмутун кэннэ ылыахтарын сөп.

Тыа сирин почтальоннара хомуурга хабыллаллар дуо?

— Почта үлэһиттэрэ быстах байыаннай эпэрээссийэ хомууругар хапсаллар.

Ыарахан ыстатыйанан буруйданан хаайыыттан тахсыбыт киһи хабыллар дуо?

— Суох, бу маннык гражданин хомуурга хабыллыбат.

Ол аата хастарыгар диэри саастаах дьон хабыллалларый?

Маннык бэрээдэгинэн ыҥырыллаллар:

• Рядовойдар уонна сержаннар – 35 саастарыгар диэри;

• Младшай офицердар – 50 саастарыгар диэри;

• Старшай офицердар – 55 саастарыгар диэри.

 

Ыҥырыы муҥутуур сааһа:

• Рядовой уонна сержант састаабыгар — 50 саастарыгар диэри;

• Младшай офицердар – 60 саастарыгар диэри;

• Старшай офицердар – 65 саастарыгар диэри.

 

Психоневрологическай диспансерга учуокка турар эр киһи хабыллар дуо?

Суох, хабыллыбат.

Өскөтүн фермер хаһаайыстыбатын кимиэхэ да хаалларар киһитэ суох буоллаҕына, кинини ыҥырыахтарын сөп дуо?

— Маннык үлэһиттэр уопсай хомуурга ылыллаллар.

Аҕата анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буоллаҕына, уолун ыҥырар бырааптаахтар дуо?

— Ыҥырыахтарын сөп, чугас киһитэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьара мобилизацияттан босхолонуу төрүөтэ буолбат.

Аймаҕым Украина Сэбилэниилээх күүстэригэр сулууспалыыр буоллаҕына, миигин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыахтарын сөп дуо?

— Сөп. Кыраныысса таһыгар аймахтар бааллара, ол иһигэр байыаннай сулууспалаахтар эмиэ бааллара уопсай хомуурга аахсыллыбат.

Соторутааҕыта хантараагынан сулууспалаан баран уурайбытым, ол аата миигин ыҥырыахтарын сөп дуо?

— Бастакы бэрээдэгинэн ыҥырыахтарын сөп.

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүбүнэн кыттыахпын баҕарабын, ол эрээри доруобуйам туругунан “ограниченно годен” диэтилэр.

— Байыаннай сулууспаҕа доруобуйалара сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыт эрэ дьон ыҥырыллаллар. Кинилэр маннык категорияларга арахсаллар:

 (А) - байыаннай сулууспаҕа сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыт.

 (Б) - кэккэ хааччахтардаах эрээри, байыаннай сулууспаҕа сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыт.

(В) – “ограниченно годен” диэн категорияҕа киирбиттэр.

 

Баҕа өттүнэн барааччыларга сааһынан уонна доруобуйанан хааччах диэн суох.

 

Ыҥырыыга хабыллар эр дьон олорор регионнарын уларытар, кыраныысса таһыгар тахсар кыахтаахтар дуо?

— Арассыыйа олохтоохторугар анал байыаннай эпэрээссийэ быстах хомуурун усулуобуйатыгар хааччахтааһын көрүллүбэт.

Буола турар быһыынан-майгынан сибээстээн кыраныысса таһыгар тахсар пааспары ылыы хааччахтаах дуо?

— Арассыыйа олохтооҕо маннык пааспары ыларыгар хааччах суох. Ол эрээри гражданин байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт эбэтэр бэбиэскэни туппут түгэнигэр, киниэхэ кыраныысса таһыгар тахсар пааспары биэрэри аккаастыыллар.

Бэбиэскэ туттум, ол эрээри бу сотору кэминэн балыыһаҕа былаан быһыытынан эпэрээссийэлэнэ киириэхтээхпин. Оччоҕуна хайыыбын?

Военкомакка кэлэн былааннаммыт хирургическай эмтээһини туоһулуур докумуоннаргын  хамыыһыйаҕа туттарыаххын наада. Бу докумуоннарга олоҕуран, хамыыһыйа бэйэтэ быһаарыы ылыаҕа.

Военкомат мобилизация туһунан ыҥырыытын мессенджеринэн эбэтэр СМС биллэриинэн ыытыан сөп дуо?

Суох, иһитиннэрэр-биллэрэр биир эрэ көрүҥ баар – бэбиэскэни ыҥырыллыбыт киһи илии баттаан бэйэтэ ылар.

Оттон военкомакка тиийэ сылдьыахтаахпын ситим нөҥүө эбэтэр СМС биллэриинэн этэллэр дуо?

Суох.

Уолум «Росгвардияҕа” суһал сулууспаны барар. Балтараа ыйынан уурайар.  Кини хомуурга хабыллыан сөп дуо?

Хабыллыан сөп. «Росгвардияҕа” суһал сулууспаттан уурайбытын кэннэ төрүөт суох түгэнигэр, хабыллар чинчилээх.

Мобилизацияҕа 16-гар диэри түөрт оҕону иитэр эр дьон хабыллыбаттар диэн. Оттон кини бу оҕолор ийэлэрин ойох ылан олорор, төрөппүт аҕалара буолбатах буоллун?

Өскөтүн кини оҕолору иитэ ылбыт эбэтэр эппиэкэҕэ ылбыт түгэнигэр, мобилизацияҕа хабыллыбат.

ВИЧ диагнозтаахтар хабыллаллар дуо?

Суох.

I группалаах инбэлиити көрөн олорор киһи ону бигэргэтэр инниттэн военкомакка туох докумуоннары биэриэхтээҕий?

Бэбиэскэни ылбыт киһи кини аймаҕа эбэтэр көрөр киһитэ куруук көрүүгэ-истиигэ наадыйарын туоһулуур медико-социальнай экспертиза түмүгүн, ону сэргэ бу ыйыллыбыт аймаҕа чороҥ соҕотоҕун туоһулуур дьиэ кэргэн ыспыраапкатын туттарыахтаах.

Бэбиэскэни инбэлиит киһиэхэ туттарбыт түгэннэригэр, бу киһи тугу гыныахтааҕый?

Инбэлиит бэйэтэ (эбэтэр кыаммат буоллаҕына, эппиэкэлээччи) военкомакка кэлэн инбэлиитин туоһулуур докумуоннарын туттарыахтаах.

Урут сулууспалыы сылдьыбытым, ол эрээри  бойобуой дьайыыларга кыттыспатаҕым, миигин мобилизациялыыр уонна анал байыаннай эпэрээссийэ сиригэр ыытыахтарын сөп дуо?

Ыытыахтарын сөп, анал байыаннай эпэрээссийэ сириттэн тутулуга суох,  бойобуой кыргыһыыларга кыттыбатах да дьону ыытыахтарын сөп. Ол иһигэр эрдэ ыҥырыынан сулууспалаабыттар эмиэ киирэллэр.

Байыаннай билиэппэр “Сулууспаны ааспатах” диэн бэлиэ баар буоллаҕына, хомуурга хабыллабын дуо?

Быстах байыаннай хомуурга маннык суруктаах гражданин ыҥырыллыан сөп, ол гынан баран сулууспалаабыт эбэтэр байыаннай-учуотунай идэлээх дьон бастакынан ыҥырыллаллар.

Бэбиэскэни түүннэри туттараллара сокуоннай дуо?

Бэбиэскэни түүннэри-күнүстэри туттарыахтарын сөп.

Хомуур кэмигэр байыаннай билиэти сүтэрбит буоллахпына, хайдах буолабыный?

Байыаннай билиэт хос оҥоһуллар кыахтаах.

Мобилизацияламмыт киһи байыаннай бэлэмнэниини ханна барарый?

Байыаннай бэлэмнэнии байыаннай уокурук иһигэр киирэр байыаннай чаастарга ыытыллар.

Хомуурга ыҥырыллыбыт киһи үлэлиир тэрилтэтиттэн ханнык төлөбүрдэри аахсар кыахтааҕый?

Мобилизацияламмыт үлэһиккэ хамнаһа, ону таһынан үлэ дуогабарыгар, кэлэктиип дуогабарыгар уо.д.а. көрүллүбүт төлөбүрдэр барыта бэриллиэхтээх.

Ол курдук үлэ биэрээччи бэбиэскэ куоппуйатынан бирикээс таһаарар.

 

Мобилизацияҕа хабыллыбыт дьон сулууспалара хайдах төлөнөрүй? Кинилэргэ туох төлөбүрдэр, чэпчэтиилэр көрүллүөхтэрэй?

— Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдуга быстах хомуур биллэриллибитин туһунан ыйааҕар олоҕуран, байыаннай сулууспалаахтарга араас чэпчэтиилэр көрүллэллэр.

 

Ол курдук: босхо айан, аһынан-үөлүнэн, туттар малынан, олорор дьиэнэн хааччыйыы, булгуччулаах судаарыстыбаннай тус страховкалааһын, сулууспатыттан уурайбытын кэннэ үрдүк уонна орто профессиональнай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр быһа киирии уонна эбии социальнай өйөбүллэр киирэллэр.

 

Ону таһынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара «Бойобуой дьайыылар бэтэрээнэ» диэн статуһу ылаллар, онно эмиэ туспа чэпчэтиилэр көрүллэллэр.

 

Хомунаалынай:

Олорор дьиэ куортамыгар, көрүүтүгэр-истиитигэр төлөбүр аҥаара (50%). Бу элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ, уопсай баайы-дуолу өрөмүөннээһиҥҥэ, ону тэҥэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ көрүллэр.

Нолуогабай:

Баай-дуол нолуогуттан босхолооһун: кыбартыыра, дьиэ, гараас. Чэпчэтии хас биирдии көрүҥ биир эбийиэгэр көрүллэр, холобур, биир кыбартыыра, биир дьиэ уонна биир гараас нолуогуттан босхолонуохха сөп;

Сир нолуогуттан босхолооһун (иэнэ алта суотайтан таҕыстаҕына эрэ).

Тырааныспар нолуогар чэпчэтии (регионтан тутулуктаах).

Медицинскэй:

Бэтэрээн биэнсийэҕэ тахсыбытын кэннэ сулууспалаабыт кэмигэр сыһыарыллыбыт поликлиникатыгар уонна балыыһатыгар көрдөрүнүөн сөп;
Судаарыстыбаннай гарантия бырагырааматын чэрчитинэн медицинскэй көмөнү уочарата суох ылыахтарын сөп.

Үлэ чэпчэтиилэрэ:

Сыллааҕы уоппускаларын бэйэлэригэр табыгастаах кэмҥэ ылар кыахтаахтар;

Эбии 15 халандаарынай күн төлөбүрдээх уоппуска көрүллэр;

Эбии профессиональнай үөрэҕи ылар кыахтаахтар;

Ыйдааҕы төлөбүрдэр уонна биэнсийэҕэ эбии төлөбүр көрүллэллэр;

Ый аайы 3000 солк.тахса харчынан төлөбүр (2022 с. балаҕан ыйын туругунан);

Үлэлээбит сылларынан биэнсийэ, инбэлиит эбэтэр иитээччитин сүтэрбит дьоҥҥо социальнай биэнсийэ кээмэйэ 32% үрдүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....