28.09.2022 | 16:00

Быстах байыаннай хомуур боппуруостарынан Координационнай киин тэрилиннэ

СӨ Уопсастыбаннай палаатата быстах байыаннай хомуурга барааччылары кытта сибээстэһэр Координационнай киини тэрийдэ диэн иһитиннэрдэ СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Быстах байыаннай хомуур боппуруостарынан Координационнай киин тэрилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Координационнай киин улуустар түмсүүлэрин кытта Арассыыйа Армыыйатын кэккэтигэр ыҥырыллыбыттары тиһиктээхтик хомуйууга, дааннайдарын бэрэбиэркэлээһиҥҥэ, реабилитация үлэтин сүрүннүүргэ уонна төннөн кэлэр боппуруостарын быһаарарга үлэлэһиэҕэ.  

Быстах байыаннай хомуур боппуруостарынан СӨ Байыаннай Комиссариатыгар уонна Байыаннай прокуратуратыгар туһуламмыт сайабылыанньалары тутар аадырыс: Дьокуускай куорат, Курашов уул., 24, 4-с этээс, 401-с кэб. Итиэннэ сайабылыанньалары oprs11@mail.ru электроннай аадырыска ыытыахха сөп.

Гражданнартан сайабылыанньа киирдэҕинэ СӨ Уопсастыбаннай палаатата суруктары СӨ Байыаннай Комиссариатыгар уонна Байыаннай прокуратуратыгар ыытар.

Киирбит сайабылыанньалар суһаллык көрүллэллэр, ол иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы норуодунай фроҥҥа уонна «Биир Ньыгыл Арассыыйа» Баартыйа уопсастыбаннай приемнайыгар киирбит суруктар.

Сайабылыанньа суруйарга юристар көмөлөһүөхтэрэ. Консультация ылар төлөпүөн нүөмэрэ: 8 (4112) 507-363.

Итини сэргэ Координационнай кииҥҥэ быстах байыаннай хомуурга барбыт гражданнар дьиэ кэргэттэригэр уонна нэһилиэнньэҕэ психологическай көмө оҥоһуллар.

Психологическай көмөҕө үлэ күннэригэр эрийэр нүөмэр: 8 (4112) 31-91-09.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...