07.07.2022 | 14:00

Бырдах

Бырдах
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Учуонайдар бырдаҕы 400 000 төгүл улаатыннаран көрбүттэр – кини төбөтүгэр 100 харахтаах эбит. Биир аччык бырдах ыйааһына – 1 миллиграмм, топпут бырдах – 5 миллиграмм. Айаҕар 48 тиистээх, 3 сүрэхтээх – биир ортотунан уонна икки кынатыгар эмиэ туһунан сүрэхтэрдээх. Хас биирдии сүрэҕэ икки кылаапаннаах.

Бырдах сылааһы билэр уорганнаах. Маннык уорган, бэл, чыычаахтарга суох. Ол аата кини хараҕынан буолбакка, ордук сылааһынан сирдэтинэр. Онон хараҥаҕа кумаар көрбөт дии  саныырбыт сыыһа эбит. Кыһыл оҕо этин температурата улахан киһиттэн үрдүк буолар, онон түүн ордук оҕону буулуур.

Хааны анаалыстыыр уорганнаах. Икки киһиттэн биирин, минньигэс диэбитин эрэ талан уулуур.

Хааны убатар кыахтаах. Киһи хаана хойуу буолан, бырдах ону бэйэтэ убатан иһэр.

Бастаан ыстыырыгар ыарыытын биллэрбэт анестезиялаах. Ол иһин ыарыытын, ыстаан, хааммытын испитин эрэ кэннэ, анестизията аастаҕына билэбит.

Киһини-сүөһүнү тыһы эрэ бырдах ыстыыр, атыырдар үүнээйи сүмэһининэн аһылыктаналлар. Тыһылар хааны сымыыттаары иһэллэр. Хаанынан тимир уонна белок киирэр. Топпут бырдах 200-чэкэ сымыыты уурар кыахтаах. Оттон аччык бырдах 5-10 эрэ сымыыттыыр эбит.

Киһи кулгааҕар иһиллэр дыыгынас саҥа – тыһы бырдах кынатын тыаһа. Сөкүүндэҕэ 600-тэ сапсынар буолан, итинник тыастаах. Маннык тыаһынан кини атыыры ыҥырар. Атыырдар тыһы кумаар кынатын тыаһынан сааһын билэллэр, аҕа саастаахтарын ордороллор.

 

Бырдахтан харыстанар ньымалар

Бырдах гвоздика, базилик, эвкалипт уонна анис сытыттан куттанар эбит.

1. Валериана сыта уонна табах буруота кумаары киэр кыйдыыр.

Камфора сытын эмиэ сөбүлээбэт.

2. Өтөххө үүнэр көнө сүрүннээх дороххой от – локуура (пырей) сытыттан кумаар куотар.

3.  Черемуха эбэтэр базилик сибиэһэй сэбирдэхтэрин кырбаан, сыт таһааран, бырдаҕы үүрүөххэ сөп.

4.  Гвоздика, базилик, анис уонна эвкалипт. Бу арыыларынан бистэ сырыттахха эбэтэр духига таммалатан тутуннахха, бырдах чугаһаабат. Чүмэчигэ эбэтэр кутаа уокка эмиэ кутуохха сөп.

Уокка холбонор фумигатор анал убаҕаһа бүттэҕинэ, 100 бырыһыаннаах эвкалипт сүмэһинин туттуохха сөп.

5. Чааһынай дьиэҕэ, даачаҕа түннүк анныгар бузина олортоххо, үөнү-көйүүрү дьиэҕэ киллэрбэт. Түннүк анныгар помидор үүнэрэ эмиэ үөнтэн-көйүүртэн харыстыыр.

6. Тиит эриэхэтигэр сылабаарда оргутуҥ, кутаа уокка кытыан, эрбэһин отун быраҕан буруолатыҥ.  

7. Сытыган эрбэһин отун оргутан биһиннэххэ, бырдах ыстаабат.

 

Бырдах бааһын оһордорго:

— 1 ч. нь. соданы 1 ыст. ууга суурайан соттобут.

— Ууга нашатырнай испиири холбоон сотуннахха, кыһыппат.

— Марганцовкалаах уунан сотуннахха, кыһыйарын уоскутар.

— Бырдах сиэбит сирин кефиринэн биһиннэххэ, испитэ хаптайар.

— Черемуха, петрушка, мята, биэс тымырдаах от сэбирдэҕинэн сотуннахха, бааһы уоскутар.

— Былыргы «Звездочка» бальзам эмиэ олус туһалыыр.

Кумаардар араҕас, саһархай өҥү сөбүлээбэттэрин учуонайдар быһаарбыттар. Даачаҕа, ойуурга тахсаргытыгар араҕас таҥаһы таҥна сылдьыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....