Бырагыраамаҕа киирбэтэх дьиэлэр кыһалҕалара
Баһылык Евгений Григорьев Строительнай уокурук ордук кыһалҕалаах дьиэлэрин олохтоохторун кытта уочараттаах көрсүһүүтэ Пионерскай уул., 21, 23 тиэргэннэригэр буолан ааста.
Көһө сылдьар мунньахха куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, уокурук управатын салайааччыта Василий Пинигин, «Юнион» Салайар хампаанньа, Олохтоох дьаһалта структураларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Олохтоохтор кыһалҕалара - олорор дьиэлэрин туруга, саас хаар кэмигэр тиэйиллибэтэ, ол уута кэмигэр оборторуллубата, бөх хомуллубата, баһаары сэрэтэр автономнай оборудованиелар арахсыбыттара, электричество уотун ситимин туруга.
Управа быйыл саҥа анаммыт баһылыга Василий Пинигин иһитиннэрбитинэн, бу саас былырыыҥҥыттан үс төгүл элбэх уу оборторуллубут: 2022 сыл - 23 тыһ. куб/м, 2023 сыл - 70 тыһ. куб/м. Аҥаардас Пионерскай уул., 21 дьиэ тиэргэниттэн 6 тыһ. куб/м уу тиэйиллибит, Пионерскай уул., 23 – 6,5 тыһ. куб/м тахса. Маннык балаһыанньа, биллэн турар, дьиэлэр намыһах сиргэ туралларыттан эмиэ тахсар. «Куорат хаһаайыстыбатын дьаһайар сулууспа» дириэктэрин солбуйааччы Светлана Чусовская иһитиннэрбитинэн, балаһыанньаны быыһыыр сыалтан бу дьиэлэр анныларыгар үөскүүр ууну хомуйар холуодьас оҥорор уонна Жорницкай уулуссатын лотоктарыгар таһаарар, ону сэргэ ардах, хаар уутун оборторор носуос-пуомпалары туруорар былаан баар эбит.
«Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ дириэктэрин солбуйааччы Вадим Семенов иһитиннэрбитинэн, Пионерскай уул., 21 дьиэтэ 2018 сылга саахалланар туруктааҕынан билиниллибит, оттон Пионерскай уул., 23 – 2020 эрэ сыллаахха. Онон саахалланар туруктаах дьиэлэри көһөрүү федеральнай бырагырааматыгар хапсыбаттар. Оттон 2, 4 уонна 17 кыбаарталлары комплекснай сайыннарыы бырайыагынан көһөрүү былааныгар 2026-2029 сс. тураллар.
Пионерскай уул., 21 дьиэҕэ 16 кыбартыыраттан иккитэ – муниципальнай, 14 – чааһынай бас билиигэ. Ол эрээри хаһаайыттар үгүстэрэ манна олорботтор, икки кыбартыыра олохтоохторо мантан атын олорор дьиэлэрэ суох. Пионерскай уул., 23 дьиэ эмиэ 16 кыбартыыралаах, ол иһигэр 6 кыбартыыра – муниципальнай, 10 – чааһынай. Дьиэ 11 кыбартыыратыгар дьон куруук олорор, тоҕус кыбартыыра хаһаайыттара мантан атын олорор дьиэлээхтэр, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр.
Көһө сылдьар мунньах түмүгүнэн куорат дьаһалтата кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр атын суолу-ииһи көрдүүр соругу туруорунна.