06.10.2022 | 17:00 | Просмотров: 709

Быраап инициативаларын куонкуруһа салҕанар

Дьокуускай бастакы бэрэстэбиитэллээх уорганын 200 сылыгар анаммыт Бүтүн куораттааҕы быраап инициативаларын куонкуруһугар сайаапкалары хомуйуу сэтинньи 15 диэри салҕанар диэн куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куонкуруска 16 саастарыттан 35-гэр диэри ким баҕалаах кыттар.

Кыттааччы Дьокуускай куораттааҕы Дуума нормативнай-быраап аактатын, быһаарыытын маннык хайысхаларынан бэлэмниэхтэээх:

— ыччат предпринимательствота уонна инновационнай үлэ;

— спорт, култуура, медиа уонна коммуникациялар;

— олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыы;

— социальнай эйгэ уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата;

— уо.д.а.

Бырайыак нормативнай-быраап аакталаах, быһаарыы суруктаах, олоххо киирэригэр үбүлээһин ирдэнэр буоллаҕына финансовай-экономическэй төрүттээх, бырайыакка уларытыылары киллэрэргэ нормативнай-быраап аакталара испииһэктээх, резюмелаах,  мэктиэлиир суруктаах буолуохтаах.

«Бырайыактары сыаналааһыҥҥа социальнай-экономическэй суолтата, сокуон сыыһатын уларытыыта, баар быраап сыһыаннаһыыларын судургутутуута, билиҥҥи олоххо эппиэттиирэ учуоттаныаҕа», — диэн кэпсээтэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума Быраапка управлениетын начаалынньыга Алексей Доценко.

Кыайыылаахтар дипломнарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Сайаапкалары yktgorduma@mail.ru электроннай почтаҕа ылаллар.

Куонкурус балаһыанньатын кытта yktgorduma.ru сайтка билсиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.