27.12.2019 | 10:11

БЫРААҺЫННЬЫК КЭННЭ АБЫРАХТАММАТ ТУҺУГАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы көр-нар кэннэ сарсыныгар төбө ыарыытыттан быыһанарга, бырааһынньыктааҕы остуолга олорорбутугар 10 сүрүн быраабыланы тутуһуохтааххыт:

  1. Уугутун ханан туруҥ. Бырааһынньык сүпсүлгэнигэр быыс булан күнүс 1-2 чаас утуйа түһэр тоҕоостоох. Сынньаммыт организм аһы иҥэринэрэ, ону тэҥэ итирдэр утахха утарылаһыыта күүһүрэр. 
  2. Активированнай уголь” таблетканы 2-4 устууканы иһэн кэбиһэр ордук. Энтеросорбент быһыытынан бастакы сампаан бакаалын буортутун намыратар. Икки чаас буолан баран өссө 2 таблетканы ыйыстабыт. Уголь арыгы итирдэр чааһын үчүгэйдик оборор, ыраастыыр.

Оттон баай-талым астаах остуолга тото аһыах иннинэ “креон”, “мезим” курдук ферменнэрдээх ис эмин эрдэттэн иһэн кэбиһиэххэ сөп.

  • Аччык искэ арыгыны иһимэҥ. Кыччаабыта чаас аҥаара инниттэн аһаабыт буолуохтааххыт. Арыгы хааҥҥа тарҕанарын бытаардар астар диэн бааллар – сымыыт, убаҕас гына буспут ириис хааһы, авокадо, үүт астар. Мяталаах уонна лимоннаах чэйи остуолга олоруох иннинэ иһэр эмиэ табыгастаах.
  • Киэһэ устата – биир утах. Бырааһынньык устата арыгы биир эрэ көрүҥүн амсайыллар, атыны кытта булкуйуллубат.

Саамай сымнаҕас көрүҥ – сухуой үрүҥ вино.

Ханньаахтан, вискиттэн, брендиттэн улаханнык өлөттөрүөххэ сөп. Бу аһыы утахтарга састааптарыгар конгенер, танин, эллаговая кислота диэн эттиктэр бааллар.

Кыһыл арыгыттан төбө хайаан да сарсыныгар ыалдьар. Тоҕэ диэтэххэ, бу арыгыга этанол уонна метанол тэҥинэн сылдьаллар.

Сампаан элбэх саахардаах уонна углекислай гаастаах буолан, арыгыта киһи хааныгар түргэнник тарҕанар.

  • Бытааннык иһиҥ. Арыгыны сыалай бакаалларынан киллиргэччи буолбакка, кыра омурдуунан уонна бытааннык иһиллиэхтээх. Оччоҕо арыгы баһыйар өттө мэйиигэ дьайбакка, искэ буһар диэн буолар.
  • Арыгы араас көрүҥүн булкуйумаҥ. Булкуйан иһэр киһи хайдах итирбитин билбэккэ да хаалар. Арыгы араас көрүҥүн иһэн холуочуйан дуу, итирэн дуу баран, утуйан турбут киһи төбөтө ордук улаханнык ыалдьар. Хас да күн устата өлөттөрүөххүтүн сөп.

Арыгы хайаан да  үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаах.

  • Кыраадыһы тутуһуҥ. Иһэр арыгыгыт кыраадыһа аллараа түспэккэ, үрдээн иһэрэ ордук диэн суруйаллар.
  • Атын итирдибэт утахтары көмөлөһүннэриҥ. Холобур, ханнык баҕарар итирдэр утаҕы кытта сок, морс, уу тэҥҥэ иһиллиэхтээх. Куртахха төһөнөн элбэх уу киирэр да, соччонон кини испиири суурайар. Онон итириигэ тиийимиэххэ да сөп. Оттон гаазтаах утахтар арыгыны кытта буккустахтарына –  төттөрүтүн түргэнник итирдэллэр.
  • Бырааһынньык остуолун кэннэ утуйаргытыгар 2 ыстакаан ыраас уу эбэтэр ханнык баҕарар гааһа суох сок истэххитинэ организм арыгыттан ыраастанарыгар көмөлөһүөххүт. Эбэтэр икки ньуоска мүөт сиэн баран утуйуохха сөп.
  • Үҥкүүлээҥ! Остуолтан сөп буола-буола туран үҥкүүлээн имитиэххитин наада. Хамсаныылаах көрдөөх оонньуулары, күрэхтэһиилэри ыытыахха сөп. Таһырдьа тахсан салгын сиэн киирэр эмиэ туһалыаҕа. Арыгы иһэ-иһэ табахтыыр куһаҕан – табах өлөттөрүүнү өссө күүһүрдүөҕэ.

АСПИРИН ТУҺАЛААБАТ

Улахан “аһааһын” кэннэ төбө ыарыыта хам туттаҕына, бастатан туран, элбэх уу иһиэхтээххит. Организмҥытыгар тиийбэт ууну хааччыйаҕыт, оччоҕо уу токсиннар тахсалларын түргэтэтэр.

Төбө ыарыыта арыый да ааһан, аппетиккыт уһугуннаҕына, сылаас миин эбэтэр саахара суох убаҕас кофе, лимоннаах чэй, тымныы хомпуот иһиэххитин сөп.

Арыгыттан өлөттөрүүнү утары үлэлиир рекламаланар эмп арааһа элбэх, аптекаҕа ыһылла сытар. Ол иһигэр аспирин кытта киирэр. Ол эрэн аспирины арыгылааһын кэннэ 6-8 чаас ааспыт буоллаҕына биирдэ иһиллиэхтээх. Онтон атын туһалыырынааҕар, киһи олоҕор кутталлаах буолуон сөп.

Маннык «абырахтаныы” сүбэлэрэ киһи киһиэхэ араас-араастык дьайаллар. Биир киһиэхэ туһалыыр ньыма атын киһиэхэ туох да туһаны аҕалымыан сөп. Холобур, “аһааһын” буолуон иннинэ биир улахан ньуоска ынах арыытын сиир ньыма баар. Ол арыы куртахха киирэн ууллан, арыгы ис убаҕаһын кытта булкулларыгар мэһэйдиир диэн. Ол эрэн уһун “аһааһыҥҥа” бу ньыма барбат – арыы искэ иҥэн, туһалаабат буолан хаалар.

НОРУОТ НЬЫМАЛАРА

Ис кислотнай уонна щелочной балансы ороһуол, тууһаммыт хаппыыста, тууһаммыт оҕурсу тупсараллар. Уопсайынан ууту тиийбэккэ интоксикацияламмыт организмҥа элбэх туустаах ас абыраллаах буолар.

Кефир, кымыс курдук аһыйбыт үүт астар кытта туһалаахтар. Куурусса этин миинэ эмиэ “абырах” буолуон сөп.

Арыгыттан өлөттөрүүнү арыгынан эмтиир – саамай улахан сыыһа. Ол кэриэтин сылаас уулаах ваннаҕа киирэн сытыаххытын, таһырдьа салгыҥҥа дьаарбайыаххытын сөп.

Өлөттөрүүттэн быыһыыр универсальнай ньыма диэн суох. Саҥа сыл маҥнайгы күнүн төбө ыарыыта суох, чөл өйдөөх көрсөргэ биир эрэ соҕотох бэртээхэй ньыма баар – Саҥа дьылы көрсүү бырааһынньыгар биир да хааппыла арыгыны иһимэҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...