06.06.2024 | 10:00

Былатыан Эверстов: «Элбэх дьоҥҥо сонуну кэпсиир кыахтаах буолар — дьол»

Былатыан Эверстов:  «Элбэх дьоҥҥо сонуну кэпсиир кыахтаах буолар — дьол»
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Хас сир аайы ураты дьон баар буолар. Кинилэр олохторун хара маҥнайгыттан атыннык олоро сатыыллар. Барыларыгар баар курдук нус-хас дьылҕаҕа дураһыйбаттар. Оннук дьикти киһинэн Дьааҥы улууһугар олорор эрээри, өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду үгүс бэлиэ спортивнай түгэннэрин көтүппэккэ хамнаһа суох сырдатар суруналыыс, киэҥ сырыылаах айанньыт, коллекционер, фотограф, спортсмен, норуот тапталын ылбыт Платон Егорович Эверстов буолар.

Дьикти киһи – Былатыан

Платон Егорович бу сотору таастаах Дьааҥытыттан бэйэтин социальнай ситимнэригэр баар бөлөхтөрүгэр  “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары сырдата кэлээри сылдьар.

 

– Платон Егорович, эйигин кытта билсиэхпин баҕарбытым ыраатта. Киһи быһыытынан интэриэһинэй, личность быһыытынан сөхтөрөр дьону ыалдьыттата ыҥырар үгэстээхпит. Бастаан ааҕааччыларбытыгар эйигин билиһиннэриэххэ...

Дьэ, сибээскэ соһуччу тахсаҥҥыт, таба тутаҥҥыт, киһини ууга-уокка түһэрдигит.

Мин 1961 сыллаахха кулун тутар 17 күнүгэр Дьааҥы Табалааҕар тоҕус оҕолоох ыалга сэттис оҕонон төрөөбүтүм. Аҕам үйэтин тухары сылгыһыт этэ, ийэм уһуйааҥҥа асчыттаабыта. Бэйэм сылгыһыппын, сонордьуппун, суруналыыспын, коллекционербын дэниэхпин сөп буолуо. Спорт улахан сүгүрүйээччитэбин.

Ийэм тоҕус оҕолоох огдообо этэ. Ол иһин миигин сайын аайы Ыылаах диэн учаастакка олорор Бардыы диэн оҕонньорго ыытан кэбиһэрэ. Кини буор сыбахтаах дьиэтин эркинигэр сыһыарбыт хаһыаттарын кыҥнайа-кыҥнайа ааҕарбын өйдүүбүн. Дьиэ сыбаҕа таммалаабатын диэн хаһыаты сыһыарар буолаллара. Биирдэ онно оройуоннааҕы көҥүл тустуу турнирын туһунан олус сиһилии суруллубут матырыйаалы булан аахтым, чөмпүйүөннэр, призердар ааттарын барыларын киллэрбиттэрин сөбүлээтим.

Сарсыныгар оҕонньорбун кытта эргэ өтөхтөрү кэрийэн, эркин хаһыаттарын барытын сыныйан аахтыбыт – спорка сыһыаннаах хрониканы, тустуу туһунан суруйуулары тэтэрээккэ сурунан ылбытым. Бардыы миигин сүгүннээбэппин билэрэ бэрт буолан, тута сөбүлэспитэ, бу дьарыкпын бастакынан өйөөбүт киһи буолбута. Ити 12 саастаахпар эбит. Онтон ыла спорт хроникатын кыаҕым баарынан хомуйар, хаһыаттан кырынан мунньар буолбутум. Бастаан көннөрү тэтэрээттэргэ сыһыаран иһэрим, кэлин халыҥ уопсай тэтэрээттэргэ, уруһуй альбомнарыгар көспүтүм.

 

– Бэйэҥ эмиэ араас көрүҥҥэ холонон көрбүт эбиккин, спортсмеҥҥын да диэххэ сөп...

Төһө да тустуу статистикатын сөбүлээтэрбин, дьиҥэ, бэйэм тустар санаам олох суоҕа. Оччолорго Дьааҥы чаҕылхай уола Степан Юмшанов биһиги оскуолабытыгар физругунан үлэлээбитэ. Кини тустууга маастарга хандьыдаат, Саха сирин күрэхтэһиилэригэр призер буолуталыыр дэгиттэр этэ. Ону кытта киэҥник бэйиэт, суруйааччы, суруналыыс быһыытынан төрөөбүт улууһуттан саҕалаан биллэн-көстөн  барбыта.

Кини миигин уҥуохпунан улахаммын сөбүлээн, тустуу секциятыгар ыҥырбыта. Дьарык иннинэ барыбытын устуруойдатан баран, миигин устуруой иннигэр ыҥыран, бэйэтэ тутуһан көрөн, оҕолорго тустуу албастарын быһаарар буолара. Онтон ыла күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум.

Сопхуоска үлэлиирим саҕана күрэхтэһии арааһа ыытыллара. Сырыы аайы үлэбиттэн көҥүллээбэт буоллахтара. Бардахпына улахан ыйааһыҥҥа киһи аҕыйах буоларын иһин, онно киирсэрим. Онон, атыттар ыйааһыннарын түһэрэн эрэйдэнэр эбит буоллахтарына, мин ыйааһыннаныы иннинэ ууну иһэн киллиргэтии да киллиргэтии. Хоттордохпуна даҕаны, хамаандабар очукуо биэрэр буоллаҕым. Инньэ гынан Дьааҥы чемпионаттарыгар аҕыс мэтээллээхпин.

Спорт араас көрүҥэр холоммутум – хапсаҕайга, тустууга, сүгэни быраҕыыга, волейболга, туризмҥа, харбааһыҥҥа, остуол тенниһигэр о.д.а. – туохтан да толлон турбатаҕым. Улууһум чиэһин көмүскээри, сырдатар сыаллаах тиийэн баран даҕаны көбүөргэ тахсан тустар, бассейҥҥа умсан харбаан барар улгум, боростуой соҕус киһибин.

Степан Юмшанов “Холбос” бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Улуус хаһыатыгар спорт туһунан бэркэ суруйара. Онтон мин 1984 сыллаахтан ситимин быспакка суруйар идэлэммитим. Кэнники аҕа табаарыһым: “Солбуйар киһилэнним”, – диэн үөрэрэ.

 

Байыаннай буолуохпун баҕарарым

– Туох идэлээх, үөрэхтээх киһигиний?

Оҕо сылдьан байыаннай буолар баҕа санаалааҕым. 1975 сыллаахха “Советский воин” сурунаал ыыппыт викторинатыгар кыттыбытым. Ыйытыыларга таба хоруйдаан, кылаабынай эрэдээктэр Борис Аристов, оборуона миниистирэ, маршал, ССРС икки төгүллээх геройа Андрей Гречко илии баттааһыннаах Махтал сурук туппутум. “Самому молодому участнику” диэн суруктааҕа. Дьэ, онтон ыла байыаннай буоларга быһаарынан, байыаннай дьыала туһунан сурунааллары, кинигэлэри ааҕан, мунньан барбытым.

Сүүрбэччэ сыл устата суруппут сурунаалларым (“Советский воин”, “Военно-исторический журнал”), байыаннай дьыала туһунан сүүһүнэн кинигэ билигин да дьиэбэр бааллар.

Бу ыра санаам эрдэттэн туолбат дьылҕаламмыта – байыаннай училище ирдэбиллэригэр доруобуйам туруга эппиэттээбэтэ биллибитэ. “Ээ, оччоҕуна хаһан да, ханна да үөрэнэ барбаппын”,– диэн оҕолуу максималист санаабар оҕустаран, өсөһөргө барбытым. Аны оскуолабын бүтэрэрим саҕана ийэм өлөн тулаайахсыйбытым.

Ол эрэн ким да үөрэттэрэ сатаабатаҕа, өйөөбөтөҕө диэбэппин. Улууһум хаһыатын эрэдээктэрэ Х.И.Рожина Жданов куоракка (билиҥҥитэ Мариуполь) суруналыыстыка үөрэҕэр ыыта сатаабыта, миэстэтин эрдэ кэпсэтэн туран – мин буоллаҕына атыыр аккаас. Степан Юмшанов Райпоҕа бэрэссэдээтэллии сылдьан хаста да төхтүрүйэн атыы-эргиэн училищетыгар, Москубаҕа товаровед үөрэҕэр ыыта сатаабытын эмиэ аккаастаабытым.

Бэйэбин улахан булчутунан ааҕымматарбын да, сүүрбэттэн тахса сыл кадровай булчут этим. Кыра эрдэхпинэ Бардыы оҕонньор балыктыы барарыгар сүгэн илдьэрин өйдүүбүн, ол аата бэрт кыра киһи быһыылаахпын. Бардыы үйэтин тухары соҕотох сылдьан кырдьыбыт киһи этэ. Аны соҕотох ийэттэн төрөөбүт эбит. Үйэтин тухары аар тайҕаны кэрийбит улахан булчут, Байанайдаах айылҕа оҕото. Биир кэмҥэ эсэһитинэн аатыра сылдьыбыта. Табалаах оскуолатыгар хачыгаардыы сырыттахпына “Бардыы кыайбат буолан эрэр, мөлтүү быһыытыйбыт, киниэхэ доҕор буолар киһи наада” диэбиттэригэр, сопхуос булчута буолан хаалбытым. Наар күндү түүлээҕи сонордоһорбут. Тайаҕы эҥин анаан бултаспакка, сиирбитигэр эрэ, туһахтаан ыларбыт.

Билигин да үүтээммэр сынньана тахсабын. Атах тардыстарга матасыыкылыкы, бураны миинэбин.

Уонна аппын мииммитинэн сылдьабын. Ийэм миигин атаахтатан 9-с кылааска сырыттахпына ат ылан биэрбитэ. Билигин да сылгылардаахпын. Дьааҥы улууһугар биһиги Табалаахпытыгар эрэ чыыбааҕы ото үүнэр. Чыыбааҕыны сиэн уойбут сылгы сыата саһархайдыҥы өҥнөнөр, наука этэринэн, бу маннык эт ордук иҥэмтэлээх уонна эмтээх эбит, ол иһин олус күндүргэтэллэр. Күһүөрү сайын сылгыларбытын чыыбааҕы ото хото үүнэр сиригэр үүрэбит – олус кэрэ айылҕалаах, таҥара анаан оҥорбут сирэ баар, эдэр уолаттарбыт онно баран хаастыыллар.

 

Былыт

– Тоҕо Былыт диэн ааттааххыный?

Ийэм иҥэрбит таптал аатым. Табаарыстарым Былыт дииллэр. Наһаа элбэх табаарыстаахпын. Мин боростуой киһибин, кэпсэтинньэҥмин, кими баҕарар кытта тапсабын, ол иһин барыларын “табаарыстарым” диэн иһэбин быһыылаах. Ханнык баҕарар үрдүк дуоһунастаах спорт салалтатын дьонугар кабинеттарыгар киирэн кэллиэксийэбэр атрибутиканы бэлэхтэтэн тахсыахпын сөп – миигин билэр дьон олус элбэх.

 

Сахалар спорду сэҥээрэллэр

– Биир-биэс хамнаһа суох спортивнай сонуннары тарҕатаҕын. Социальнай ситимнэргэр киһи бөҕөлөөххүн. Маннык дьарыккын туох санааттан саҕалаабыккыный?

Бастаан бассаапка “Дьааҥы спортсменнара”, “Дьааҥы успуордун сонуннара”, “Дьааҥы хапсаҕайа” эҥин диэн тус-туһунан бөлөхтөрдөөх этим. Онтон барытын биир сиргэ түмэн, “Былатыан сонуннара” диэн бөлөх оҥорбутум, улууһум спорка ситиһиилэрин сырдатабын, Дьааҥыттан сыдьааннаах спортсменнар ситиһиилэрин билиһиннэрэбин,  спорт историятын ыытабын. Биһиэхэ интэриниэт сибээһэ быстар мөлтөх, хаартыска ыытыахпын кыаллыбат, ол иһин тэттиктээн саамай сүмэтин эрэ суруйан ыытарбын дьон наһаа сэҥээрэр. Улууһум хаһыатыгар толору суруйуохпун сороҕор хаһыат балаһата тиийбэт, араастык хааччахтанар, ол иһин инник ытыс саҕа сонуннарынан үлэлиибин.

Ол да буоллар фейсбук, телеграм, инстаграм (Арассыыйаҕа бобуллубут социальнай ситим – аапт.) ситимнэригэр эмиэ сырдатабын.

Дьааҥы спордугар аналлаах кинигэлэрдээхпин, “Панорама Верхоянского спорта” диэн сыл аайы таһаарар кинигэм үбүлээһинэ кыайтарбакка тохтообута. “Вольная борьба Верхоянья” (1967-2023) ыйынньык-кинигэ таһаардым. Манна хас да уонунан тэтэрээккэ, блокнокка сурунан испит дааннайдарым киирдилэр. Үбүлээһинэ кыаллыбакка, үчүгэйдик хаартыскалаабатым. Дьааҥы бастакы маастара К.А. Никитин 80 сыллаах үбүлүөйүгэр буклет оҥорбутум.

 

– Бассаапка баар бөлөҕүҥ дьоно «Азия оҕолоруттан» эн сонуҥҥун ааҕаары, сөмөлүөккэ билиэт атыылаһан биэрдилэр ээ. Бырайыас сыаната да ботуччу. Кэлэр-барар сырыыларгын барытын бэйэҥ хайдах уйунаҕын?

Уопсайынан, сахаларга спорду сөбүлүүр киһи элбэх да, сырдатааччы аҕыйах. Күрэхтэһиннэрэ илдьибит тренердэртэн, физкультура учууталларыттан ким да киэҥник сырдатыыны ирдээбэт. Иҥэн-тоҥон, историяҕа, хроникаҕа сигэнэн суруйар киһи тарбахха баттанар. Миэстэтиттэн тута репортажтыыр киһи эмиэ аҕыйах. Телеграм-ханаалларга, ютубка көрдөрбүттэрэ сибээс мөлтөх сиригэр көстүбэт. Бассаап курдук боростуой ситимҥэ сырдатыыга эмиэ наадыйаллар.

Бар дьонум өйөбүлүн оччоттон баччаҕа диэри билэн кэллим. Эрэллэрин түһэн биэрбэккэ, «Азия оҕолоругар» спорт араас көрүҥүн сырдата тиийээри сылдьабын.

Мин араас айаннарбын бэйэм уйунабын, 3-4 ыйдаах биэнсийэм мунньулунна да, куоракка кэлэр билиэтим сыаната тахсар. Миигин ким да туппат, көҥүл сылдьарбын сөбүлүүр киһибин. Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан тэрээһиннэргэ сырдатааччы быһыытынан хамаандаҕа киллэрэн илдьэ бараллар.

 

Коллекционер

– Аны уугар-хааргар киирэн туран араас малы мунньар төлөннөөх коллекционер эбиккин. Туохтан саҕалаабыккыный?

Бастаан, ити эппитим курдук, байыаннай буолар баҕа санаам баһыйан, почтанан сакаастаан байыаннай тиэмэҕэ 500-тэн тахса кинигэни муспутум. Онон саҥа сүүрээҥҥэ олорсон спортивнай кинигэлэри мунньан барбытым – билигин ханна да баппат буолаары гынна. Атын улуустар спортарын сырдатар кинигэлэр элбээн иһэллэр, табаарыстарым мунньарбын билэн бэлэх-туһах оҥороллор.

Коллекциям арааһа элбэх. Билиҥҥи туругунан 4700-тэн тахса уруучука, 1468 спортивнай күрэхтэһиилэр мэтээллэрэ бааллар. Өссө спорт тиэмэтигэр вымпел, брелок, талисман, значок элбэх. Маны тэҥэ остуол халандаардарын, ырыанньыктары мунньабын.

Саамай сыаналааҕым – Рио Олимпиадатын кыһыл көмүс мэтээлэ уонна Нурсултаҥҥа ыытыллыбыт көҥүл тустуу чемпионатын мэтээлэ – манна бэйэм баран кэлбитим.

***

– Эн санааҕар, дьол диэн тугуй? Эн дьоллоох киһигин дуо?

Оо, ону ким сөпкө эппиэттиир кыахтааҕа эбитэ буолла. Хас биирдии киһиэхэ бэйэтэ туспа эппиэттээҕэ буолуо. Олох олорор, этэҥҥэ сылдьар, өссө элбэх дьоҥҥо сонуну кэпсиир кыахтаах буолар – дьол.

Уонна мин сирдээҕи дьоллорум – сиэннэрим, биэс сиэннээх киһибин.

Төрөөбүт дойдубар бэриниилээх патриоппун. Дьааҥы спордун, спорстменнарын туһунан 16 кинигэлээхпин, үбүлээһинин кыайдахпына, өссө да былааннар бааллар.

– Платон Егорович, Дьоллоох Дьокуускайга көрсүөххэ диэри!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...