17.12.2022 | 15:00

Быһах

Быһах
Ааптар: Сардаана
Бөлөххө киир

Оччолорго уон үстээх уол – эбэм, эһэм аахха, ыраах сытар улуустан кыра бөһүөлэккэ сайылыы кэлбитим. Бастакы сиэн буоламмын эбэм олус маанылыыра, кэмпиэт арааһа мин сиэппэр куруук толору буолара, ас мааныта мин иннибэр тэлгэнэрэ. Онтон эһэм ыраахтан, хараҕынан таптыыра, мээнэ ымманыйбат, тоҥуй соҕус оҕонньор этэ. Ол да буоллар билигин, сааһыран олорон санаатахпына, элбэххэ да үөрэтэн ааспыт эбит.

Кыра сааспыттан окко-маска, булка-алка тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьара. Ордук күүтэрим булт кэмин. Бастакы куспун тутатына таба ытан түһэрэн, омуннана  үөрэн өрө тэйиэккэлээбитим билигин да харахпар бу баар. Улахан булчут курдук санаммытым. Мин саҕа дьоллоох киһи суоҕун кэриэтэ этэ.

          Сыл-хонук ааһан, арыый улаата түспүтүм кэннэ, эһэм миигин ыраах, өрүс нөҥүө баар үүтээнигэр илдьэр күнэ үүммүтэ. Ол күн хара сарсыардаттан хомуммуппут. Аттынааҕы ыалбыт оҕото Мэхээлэ эмиэ барсар диэн буолбута. Кыра сааспытыттан тапсан, доҕордуу буола улааппыппыт. Аҥаардас ийэлээх эрэ уолу бултка сыһыарыан сөптөөх биһиги эрэ баар курдук этибит. Бэйэтэ да куруук барсаары ымсыыраахтыыра.

      Уһун айан кэннэ  өрүһү туораан баран эһэм төрөөбүт күммүнэн диэн кып-кыра саха быһаҕын бэлэх ууммута. Анаан-минээн уус киһиэхэ оҥотторбут, үп-үрүҥ хатыҥ маһынан уктаппыт, маҕан тирииттэн кыыннаппыт киһи эрэ хараҕа саатыах маҕана этэ. Быһахпын кыыныттан ороон таһааран, илиибин өрө көтөҕөн, күн уотугар күлүмнэтэ оонньообутум, хонуу устун далбаатана сүүрбүтүм. Кэннибиттэн эһэм: «Сэрэн, нокоо, быһаҕыҥ сытыыта сүр эбээт!” - диэн хаһыытыы хаалбыта. Оо, олус да үөрбүтүм, дьиҥнээх улахан, эр киһи курдук санаммытым. Бу мин саамай күндү бэлэҕим этэ.

Күн олоруута үүтээммитин булбуппут. Тиийбиппит, хата, эһэм доҕоро Апанаас күөс өрөн олорор эбит. Балайда кэпсэтэ түһэн, нус-хас чэйдээн, чүмэчини умулларан, ороммутугар сыппыппыт. Эһэм аах тирии тэллэхтээх мас ороҥҥо сыппыттара, мин табаарыспынаан аан аттыгар сиргэ, халыҥ суорҕаҥҥа сууланан, кэккэлэспиппит. Тула уу-чуумпу, ыас хараҥа, хараххын аһан да, сабан да сытарыҥ биир тэҥэ, им балай. Сотору кэминэн кэпсэтиэх-ипсэтиэх аҕай буолбут Мэхээлэм утуйан хаалбыта. Эһэм аах муннуларын тыаһа ыраатан, кыра үүтээн иһин ылан кэбиспитэ. Ол сытан сатаан уум кэлбэккэ буолары-буолбаты саныы, уҥа-хаҥас эргичиҥнээтим. Арай оргууй үүтээн аана арыллар тыаһа иһиллибитэ. Атаҕым ыкса аан диэки сыппыта. Өр-өтөр гыммакка атахпыттан туох эрэ таарыйан барбыта, туппахтыыр курдук. Мин атахпын токурута тардан истэхпинэ хам тутан ылла, ыксаан саҥа аллайдым: “Ыт киирбит үүтээҥҥэ! Ыккытын ылыҥ эрэ!”- диэн. Хабыс-хараҥаҕа харбыалаһыы буолла, атахпын тардыалыыра күүһүрэн барда. Мин өссө күүскэ саҥардым: “Дыа! Ыккытын ылыҥ эрэ! Ыккытын ылыҥ диибин!!!». Анарааҥҥым тохтуур санаата суох, иккис атахпар көстө. Санаабар хараҥаҕа тэбиэлэнэ сатаатым, хос-хос хаһыытаатым:

– Ыккытын ылыҥ эрэ! Ыккытын ылы-ыҥ!!!

– Ыппын, ыппын, чэ! – диэтэ арай билбэт куолаһым, эмискэ атаҕым таһыгар уонна ааны сабан кэбистэ.

Ол түүн кутталбыттан сүрэҕим тохтуу сыспыта, хата, хайдах эрэ ол сытан утуйан  хаалбыппын. Сарсыарда уһуктубутум эһэм аах чэй иһэ олороллоро. Түүҥҥү ыалдьыты кэпсээн истэхпинэ, илиилэринэн сапсына түспүттэрэ, барытын истэ сыппыттар эбит уонна тугу да саҥарбатахтар.

– Дьэ, нокоо, эйиэхэ бэлэхтээбит быһаҕым көстүбэт.

– Эһээ, утуйарбар остуолга уурбуппун чопчу өйдүүбүн, субу манан сыппыта.

– Суох дии. Арааһа, түүҥҥү ыалдьыт ону ылаары кэллэҕэ.

– Эһээ, ыт этэ дуо?

– Суох, ыт диэн чугаһынан манна суох этэ. Хаһан эрэ, бэрт өрдөөҕүтэ бу эҥэр биир эр киһи мунан, тоҥон өлбүтүн булбуттара. Илиитигэр саха быһахтааҕа үһү, хаарга хаанын тоҕон бүтэһик тылларын суруйан хаалларбыт диэн көрбүт дьон кэпсиир.

– Бай! Ол туох диэн суруйбут буоллаҕай?

– Таптыыбын кэргэммин, оҕолорбун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...