24.02.2023 | 12:00

Бутуллан, булкуллан олороохтуубут... Оттон норуоту ким быыһыыр?

Ааспыт сыл бүтүүтэ Ил Түмэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуоҥҥа көннөрүүлэри бастакы ааҕыыга ылыммыта. Аҕыйах күнүнэн иккис ааҕыы буолуохтаах. Дьэ, «һуу» диэн өрө тыынарбыт дуу?
Бутуллан, булкуллан олороохтуубут... Оттон норуоту ким быыһыыр?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Сокуон итэҕэһэ-быһаҕаһа билиннэ, ситэриллиэн наада

Соторутааҕыта бу тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрээһини норуот дьокутааттара Мария Христофорова уонна Виктор Федоров иилээн-саҕалаан ыыттылар. Киирбит этиилэр, баҕа санаалар уонна көрдөһүүлэр улахан болҕомтону тартылар.

Мария Христофорова күөх экраҥҥа 2023 сыл олунньу ый туругунан Дьокуускай куоракка үлэлии турар “арыгы туочукаларын” уонна “наливайкалары” көрдөрдө. Каарта кып-кыһыл! Этэргэ дылы, биир да бүттэлээх сир хаалбатаҕын кэриэтэ. Мария Николаевна эппитинэн, бу “дьиикэй” ырыынагы уодьуганныыр уолдьаспыта аҥаардас мантан да көстөр.

Норуот дьокутаата Виктор Федоров Арассыыйа субъектара “арыгы сокуонугар” көннөрүүлэри киллэрэр бырааптаахтарын бэлиэтээтэ. Кини: “10 сыл устата сокуон үлэлээтэ, көдьүүстээҕин көрдөрдө, ону сэргэ, сорох итэҕэһэ-быһаҕаһа билиннэ, ситэрэн-хоторон биэриэххэ наада буолла”, – диэн санаатын үллэһиннэ. Ол курдук, дьокутаат ааспыт сыл сэтинньи ый бүтүүтэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини Ил Түмэн бастакы ааҕыыга өйөөбүтүн санатта. Сокуон бырайыага бу аҕыйах хонугунан, олунньу 28 күнүгэр, иккис ааҕыыга көрүллэрин иһитиннэрдэ.

Виктор Николаевич бутлегерствоны кытта күүскэ охсуһуохха диэн этиилээх. Ону таһынан, кини сокуоҥҥа “специализированный магазин” диэн тиэрмини үчүгэйдик чуолкайдыахха наада диэтэ. Билиҥҥитэ арыгы маҕаһыыннарыгар бэчиэнньэ, Кока-кола хото атыыланар. Бу маркеттарга оҕолор киириэхтэрин сөп. Ол баар –  саамай кутталлааҕа. Аны туран, итирдэр утаҕы атыылыыр маҕаһыыннар дьон олорор дьиэлэригэр үлэлиэ суохтаахтар диэн быһаарыллыахтаах. Ол эбэтэр эбийиэк “нежилое торговое помещение” диэн регистрацияланыахтаах. Билиҥҥи туругунан гараастарга, ыскылааттарга, ол-бу ичигэс пууннарга үлэлии тураллар. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ турар маҕаһыыннар боппуруостарын эмиэ көрүөххэ наада. Ону таһынан, норуот дьокутаата этэринэн, күн бүгүн Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар, кыбаарталларыгар арыгы “туочукаларын” миэстэлэрин квотанан хааччахтыыр туһунан боппуруос сытыытык турар. Юридическай өттүнэн уустук, ол эрээри үүт-хайаҕас син көстүөн сөп.

Тэрээһин кыттыылаахтара «пиибэ – арыгылааһын биир көрүҥэ” диэн биир санааҕа кэллилэр. Кырдьык, бу күүгэннээх утах боппуруоһа эмиэ салгыҥҥа ыйанан турар. Манна даҕатан эттэххэ, “наливайкаларга” пиибэ үрүйэ уутунуу cүүрүгүрэр.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэригэр сымыйа кафе аата-ахсаана биллибэт. Этэргэ дылы, олус “утаппыт” дьон сыыллан, сорох “ыксаабыт” таапачыканан да тахсыан сөп курдук.   

Сиэрдээх бизнес үһү дуо?

Төгүрүк остуолга контрафакт, бутлегерство курдук сытыы кыһалҕалар тумнуллубатылар. Кырдьык, аныгы үйэҕэ тустаах “өҥөнү” оҥорооччулар төлөпүөнүнэн сакаастаатаххына, үлэспит “утаххын” сонно тута дьиэҕэр тиэрдиэхтэрин сөп. Бу, ама, сиэрдээх бизнес үһү дуо? Нэһилиэнньэ доруобуйатын айгыратан аһаан-таҥнан, арыгынан харчы оҥостон олорор дьону “урбаанньыттар” диэн ааттыыр сөп дуо?

СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьев этэринэн, юридическай сирэйдэр эрэ лицензиат буолар кыахтаахтар. 2023 сыл саҕаланыытыгар оннук “сирэй” ахсаана 459 эбит. Урукку сыллары көрдөххө, 2021 сылга – 423, 2020 сылга – 407. Статистика итирдэр утаҕынан эргинээччи элбии турарын дьэҥкэтик көрдөрөр. Максим Михайлович иһитиннэрбитинэн, “арыгы туочукатын” ахсаана – 1066, онтон 819-һа – аһыы утаҕы биирдиилээн атыылыыр маҕаһыын, 247-тэ – арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ.

Миниистири солбуйааччы араас бэрэбиэркэлэр, профилактическай тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллалларын бэлиэтээтэ. Ол эрээри былырыын 8 юридическай сирэй лицензиятын көтүрэргэ диэн сайабылыанньа суруллубутун үрдүнэн, хомойуох иһин, тустаах федеральнай уорган өттүттэн аккаас кэлбит. 

СӨ урбаанньыттарын көмүскүүр боломуочунай Альбина Кычкина бизнес эйгэтэ сокуон бырайыагын ылынарга тугу үлэлээбитин билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, аһыы утаҕынан эргинэр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр суоттуур, кээмэйдиир үлэ Дьокуускай куорат эрэ эбийиэктэригэр ыытыллыбыт. Альбина Егоровна: “Сокуон бырайыага өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар сыһыаннаах. Онон бүттүүн өрөспүүбүлүкэни хабар ырытыы  оҥоһулларын ирдиибит”, – диэн туруоруста. 

Үтүө суобастаахтык үлэлиир уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин уонна сымыйа кафелары, “наливайкалары” суулуу тутар, этэргэ дылы, биир хааһахха хаалыыр сыыһа. Саха сирин ресторатордарын, отельердарын уонна туризмын Национальнай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова аһыы утаҕынан эргинэр тэрилтэлэргэ эбийиэк иэнин хааччахтыыр сокуон ылылыннаҕына, бастакынан, көҥүллээх урбаан (легальный бизнес) эмсэҕэлиэн сөбүн ыйда уонна лицензиаттар болдьохторо бүтүөр диэри үлэлииллэрин туруоруста.

 

Сөптөөх усулуобуйа суох

Ил Түмэн Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров Саха сирин бары улуустарыгар, чуолаан киин балыыһаларга, арыгыга ылларбыт ыарыһахтары эмтээһини күүскэ тэрийиэххэ наада диэн этиилээх. Аһыы утахха убаммыт киһини иннин ылан эмтэтэр да уустук. Аны туран, ыраах улуус олохтооҕо Дьокуускайга диэри айаннаан кэлиэн, кинини ким эрэ арыаллыан наада. Онон дьокутаат этэрэ оруннаах.

Владимир Ильич  иһитиннэрбитинэн, Нерюнгри, Мииринэй, Алдан, Ленскэй, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка (Богдан Чижик уул., 31,) вытрезвитель тэрийии туһунан сокуон бырайыага бэлэмнэнэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансер кылаабынай бырааһын солбуйааччы Любовь Копылова сокуон ылыллыаҕыттан уонна чөл олохтоох нэһилиэктэр баар буолуохтарыттан дьон арыгыга ылларыыта икки төгүл аҕыйаабытын бэлиэтээтэ. Ол эрээри нэһилиэнньэ орто уонна кыаммат араҥата аһыы утахха ордук убанара, эбиитин хаачыстыбата суох арыгыны иһэрэ кистэл буолбатаҕын эттэ. Дьиҥинэн, улуус аайы нарколог быраас ыстаапката көрүллэр, ол эрээри, хомойуох иһин, билиҥҥи туругунан бары хааччыллан олорботтор. Аны туран, уруккуга холоотоххо, “острый психоз” диагноз ордук сытыытык уонна түргэнник туруоруллар буолбута уопуттаах быраастары улаханнык дьиксиннэрэр.

“Билигин Аллайыаха, Горнай,  Эдьигээн, Уус Алдан, Уус Майа, Бүлүү улуустарыгар нарколог быраастар суохтар. Онон анал биригээдэлэр миэстэтигэр тиийэн үлэлииллэр. Үгүстэр наркологическай сулууспа эргэ мас дьиэлэргэ, мөлтөх усулуобуйаҕа үлэлии олорорун билэр буолуохтааххыт”, – диэтэ.

Кырдьык, сөптөөх усулуобуйа суоҕа быраастар үлэлэрин атахтыыр, ыарыһахтар эмтэнэргэ сөбүлэспэттэрэ итиннэ сытар да буолуон сөп. Түгэнинэн туһанан Любовь Николаевна дьокутааттар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир наркологическай диспансер тутуутун үбүлээһинин өйүүллэригэр көрдөстө.

 

“Оһуохай”, “Олоҥхо” суох буолуохтаах!

Билиҥҥи ырыынак үйэтигэр оҕуруктаах өйдөөх урбаанньыттар араас албастары тобулаллар, бэл диэтэр, саха сиэринэн-туомунан “сирэйдэнэн”, бара сатаан аһыы утаҕы норуот үйэттэн үйэҕэ илдьэ кэлбит барҕа баайын кытта “дьүөрэлииллэр”. “Олоҥхо”, “Хомус”, “Байанай”, “Оһуохай” о.д.а. ааттаах арыгы бородууксуйаларын уопсастыбанньыктар ыарыылаахтык ылыммыттара, атыыттан суох оҥорору туруорсубуттара ыраатта. Маныаха Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Федор Белолюбскай оҥорон таһаарааччылар саха итэҕэлин, үтүө үгэһин көрдөрөр тыллары туттартан туттуннуннар диэн этиини көтөхтө.

Оттон Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев арыгы атыытын бириэмэтин өссө кылгатыахха, аһыы утаҕынан эргиниини улуус кииннэригэр биир эрэ сиргэ көҥүллүөххэ, ону даҕаны видеонан кэтээн көрүүлээх буолуон  наада, оччоҕуна эрэ бэрээдэктиэххэ сөп диэн этиилээх. Кини үөрүүлээх тэрээһиннэрбитин аһыы утаҕа суох оҥоруохха диэн ыҥырда.

Горнай улууһун Атамай нэһилиэгин баһылыга Айсен Павлов олохтоох бэйэни салайыныы үтүө холобурун кэпсээтэ. Ол курдук, арыгы атыыта олоччу бобуллуоҕуттан, дьон аһыы утахтан аккаастаныаҕыттан нэһилиэктэрин олоҕо тупсубут, үүнэн-сайдан барбыт. “Горнай улууһа 9 нэһилиэктээҕиттэн 8-һа – чөл олохтоох”, – диэн кини киэн тутта кэпсээтэ.

***

Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин этиитэ үгүһү толкуйдатар: “Сыыппараҕа, миэтэрэҕэ, бырыһыаҥҥа бутуллан, булкуллан олоробут. Арыгы күнүс дуу, киэһэ дуу атыыланыахтааҕын быһаара сатыыбыт... Көҥүллээх дуу, көҥүлэ суох дуу диэн. Оттон норуоту ким быыһыыр?

Аҕыйах күнүнэн, этэргэ дылы, бүтэһиктээх туочука турара дуу? Эбэтэр эмиэ туохтан эрэ иҥнэн, уһаан-кэҥээн, үһүс ааҕыы буолара дуу?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....