08.05.2024 | 17:06

Буойун хомуньуус Дьэргэстэй Миитэрэй

Буойун хомуньуус Дьэргэстэй Миитэрэй
Ааптар: Дмитрий Акимович улахан уолун Давид Дмитриевич уола, кини сиэнэ үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин 5-с ыҥырыылаах бар дьонун дьокутаата Иннокентий Давыдович Васильев ахтан аастым
Бөлөххө киир

Улуу Кыайыы күнэ чугаһаатаҕын ахсын, суолтата улам улаатан, дьириҥээн иһэр. Ол быыһыгар, историяны токурутан, кыайыы суолтатын түһэрэ сатааһын, хомойуох иһин, эмиэ көстөр. Биллэрин курдук, Аҕа дойду сэриитин алдьархайдаах содула хас биирдии оччотооҕу Сэбиэскэй сойуус киһитин олоҕун аймаабыта, айгырыппыта.

Миигиттэн элбэх киһи ыйытар: «Бу эн, урбаанньык эрээри, тоҕо эстэн бүппүт хомуньуус баартыйатыгар сылдьаҕыный?» – диэн. Мин санаабар, исторяларын үчүгэйдик билбэт, үөрэппэтэх дьон итинник өйгө-санааҕа кэлиэхтэрин сөп. История туоһулуурунан, Сэбиэскэй сойуус саҕаттан артыаллар диэн урбаанньыктар бэйэлэрэ тэрийбит холбоһуктара баар этэ. Хомуньуус партиятын өйөөччүлэр онно киирэллэрэ. Ол уруккуттан биллэр дьыала. Ити хомуньуус баартыйа диэн биһиги дьиэ кэргэн бары кэриэтэ сүгүрүйэр өйдөбүлбүт буолар. Ол курдук, мин аҕам Давид Дмитриевич (1932-1976) хомуньуустуу өйдөөх санаалаах киһи этэ. Кини аҕата, мин эһэм, Дмитрий Акимович дьиҥнээх хомуньуус этэ. Ийэм – Лилия Иннокентьевна Колесникова эмиэ итинник өйдөөх-санаалаах, билигин да араас партиялар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Ийэм өттүттэн төрүттэрим үксүлэрэ хомуньуустарын ааһан, Сэбиэскэй былаас сайдарын туһугар бэйэлэрин улахан кылааттарын, сыраларын биэрбит дьон буолаллар.

Ийэм аҕата – Колесников Иннокентий Афанасьевич (1901-1964) Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэннэ социалистическай дойдуну тутууга күүскэ үлэлэспит, элбэх сыратын биэрбит хомуньуус киһи. Биэс сыл Колчак сэриитин утары Иркутскайынан, Красноярскайынан, Ачинскайынан  Новосибирскайга тиийэ сэриигэ кыттыбыт. Онон коммунист партията миэхэ дьиҥ чахчы хаан-уруу партия буолар.

Аҕам өттүнэн ылар буоллахха, хос эһэм Хамаа-Алексей Васильев төрөппүт уолаттара ыраахтааҕы саҕана бары дьадаҥытык олорбуттар. Кинилэр Сэбиэскэй былаас кэлиитин нэһилиэктэригэр биир бастакынан уруйдуу көрсүбүттэр. Хомуньуус  партиятын салайыытынан олох сайдарын туһугар туох баар өйдөрүн-санааларын, сатабылларын биэрбит дьон.

Саамай улахан уола, Николай Алексеевич (1886-1943) төрөөбүт нэһилигэр 1927-1933 сылларга Сэбиэт солбуйаччытынан, онтон бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр, сырдатар үлэни чиэһинэйдик, тиийимтиэтик кэпсиирин, тыл этэригэр дьааһык эбэтэр олоппос үрдүгэр тахсан, улуу Элиэнньин курдук таҥнан, сэлиэччигин сиэҕэр тарбаҕын уган туран дакылааттыырын иһин нэһилиэгин дьоно ытыктаан «Элиэнньин Ньукулай»  диэн аат биэрбиттэр. Ити кэмҥэ сир түнэтиитэ, кулаактааһыны ыытыы, улахан дьону үөрэтэр “Кыһыл муннугу” аһыы, саҥа оскуола тутуутун кэмэ этэ. Ол кэмҥэ бэйэтин нэһилиэгэр дьон култууратын таһымын үрдэтэр үлэни киллэрбит, чахчы ыарахан кэмҥэ үлэлээн кэлбит киһи буолар.

Билигин, хос эһэм Хамаа-Алексей Васильев уола, мин эһэм Васильев Дмитрий Акимович туһунан ахтан ааһыахпын баҕарабын.

Кини 1914 сыллаахха төрөөбүт. Төрөппүт дьоно элбэх оҕолоох буолан, кыратыгар, Намылысын Акыым (Толоон Акыым) диэн ырааҕынан аймахтарыгар, сэниэ дьоҥҥо ииттэрэ биэрбиттэр. Ол иһин Акимович диэн суруллубут. Эһэм эдэриттэн сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах уол эбит. Ол иһин Дьэргэстэй диэн хос ааты иҥэрбиттэр. Онон кинини дьон Дьэргэстэй Миитэрэй диэнинэн ордук билэллэр. Сэбиэскэй былаас кэлбитин кэннэ Акыым, уола Дьэргэстэй комсомолга киирбитин истэн баран, уолун ат буоһатынан таһыйбыт диэн кэпсээччилэр. Эһэм, төһө да атын ыалга иитилиннэр, улаатан баран хаан тардыыта баһыйан, Сэбиэскэй былаас кэлбитин кэннэ дьонугар, Хамааларга көһөн кэлбит. Билигин, Дмитрий Акимович Хамаа аймах дьонугар, саамай элбэх сыдьааннаах киһи буолар. Барыта уон оҕолоох, икки сүүһүнэн сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх. 

Эһэм – Дмитрий Акимович 1935-1944 сылларга хомсомуол, 1945 сыллаахха ССКП чилиэнэ буолар. Кини сүрдээх активнай позициялаах буолан, олох оргуйар үөһүгэр куруук инники сылдьыбыт. Сэбиэскэй былаас ыытар политикатын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, Сэбиэскэй былаас бөҕөргүүрүн туһугар кыаҕын биэрэн туран үлэлээбит. Дмитрий Акимович 1936 сыллаахха, сүүрбэ икки саастаах эдэр киһи, Акана нэһилиэгин “Нучча күөлүнэн” тула тарҕанан олорор уон ыалы холбоон, “Конституция” колхоһу тэрийбит уонна онно бэрэссэдээтэлинэн анаммыт. Бу баара-суоҕа сүүрбэ икки сааһыгар, айылҕаттан салайар дьоҕурдаах буолан, дьон убаастабылын, үрдүк сыанабылын ылбыт киһи.

Бөдөҥсөтүү бэлиитикэтигэр сөп түбэһиннэрэн, колхуостаахтарын агитациялаан, 1939 сыл бүтүүтэ колхуоһун “Ленин суола” колхуоска холбообут. Олхтоохтор колхуоска бэрэссэдээтэл буол диэн көрдөһө сатаабыттарын үрдүнэн, үөрэҕэ суохпун диэн салайар үлэттэн бэйэтэ аккаастамыт. Кэлин бэйэтэ үөрэнэн, ааҕар-суруйар буолбут.

Сүрдээх үлэһит, чиэһинэй, судургу, эппит тылыгар турар, сытыы-хотуу майгылаах, эдэр киһи өссө да үөрэнэн сайдан иһиэ этэ. Ону 1941 сыллаахха саҕаламмыт, хас бирдии сэбиэскэй киһи олоҕор этиҥ буолан ньиргийбит, чаҕылҕан буолан чаҕылыйбыт Аҕа дойду сэриитэ мэһэйдээбит.

Эһэм Миитэрэй Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн көмүскүү 1941 сыллаахха бырааттарын Баһылайы уонна Уйбааны кытары ыҥырыллан сэриигэ барбыттара. Ленинградскай фроҥҥа сэриилэспиттэр. Хаһан да сиэрии диэни билбэтэх-көрбөтөх алаас дьонугар, уоттаах кыргыһыы хонуутун ортотугар сылдьыы туохтааҕар да ынырык буолуо. Ону ол диэбэккэ, бэйэтин кыанар, сытыы-хотуу буолан, разведкаҕа ананар. Онно сылдьан, биир түүн, немецтар разведчиктара ханна баалларын билэн уонна кинилэр блиндажтарын суох оҥорон, анал үөрэхтээх 24 фашискай разведчигы билиэн ылаллар. Бу түгэн эһэм чахчы кыахтааҕын, хорсунун, түргэн толкуйдааҕын көрдөрөр дии саныыбын. Онтон 1943 сыллаахха илиитигэр уонна төбөтүгэр ыараханнык бааһыран, «Слава III степени» уордьаннаах дойдутугар эргиллэн кэлэр. Биллэрин курдук, маннык ордены уоттаах сэриигэ бэйэтин чахчы хорсуннук көрдөрбүт эрэ дьоҥҥо биэрэллэрэ.

Уоттаах сэрии буойуна Дмитрий Акимович дойдутугар эргиллэн кэлээт, сэрииттэн айгыраабыт дойдутун чөлүгэр түһэрсэн, түүнүн күнүн аахсыбакка үлэлээн барбыт. 1944 сыллаахха фронтовигы, сытыы, салайар дьоҕуурдаах диэн Куочай нэһилиэк сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Оччолорго Куочай нэһилиэгэ улахан эбит: икки бөһүөлэктээх, үс улахан колхуостаах, сэттэ кылаастаах оскуолалаалаах, детдомнаах. Эһэм манна бэрэссэдээтэлинэн 1947 сылга диэри үлэлээбит. Куочай нэһилиэгин хаалыыттан таһаарыыга улахан өҥөлөөҕүн Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуоттаах грамоталара, араас наҕараадалара туоһулууллар.

Бу кэмҥэ, 1944 сыллаахха,  дойдутугар Аканаҕа олорор Соппуруон диэн сэниэ киһи кыыһын Борускуону Куочайга күрэтэн аҕалан, кэргэн ылан, алаһа дьиэни тэринэллэр, ыал буолан олороллор. Эдэр дьон уруккаттан бэйэлэрин сөбүлэһэллэрин билэр эрээри, Соппуруон кыыһын Дьэргэстэйгэ кэргэн биэриэн баҕарбат эбит. Ол иһин, эһэм быраата Баһылай, Соппуруон үлэлии сырыттаҕына Борускуону күрэтэн аҕалан, Марха өрүскэ атынан эһэбэр тиксиһиннэрэр. Оннук тапталлаах Борускуотунуун ыал буолан Куочайга олороллор. 1945 сыллаахха бастакы уоллара Миисэ төрүүр. Ол сыл Соппуруон Дьэргэстэй Миитэрэйдээххэ  кэлэн кыыһын уонна сиэнин көрсөн барар. Бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, үчүгэйдик олороллорун көрөн, сиэннэммититтэн үөрэн, кыыһын уонна күтүөтүн бырастыы гыммыт. Ити кэнниттэн мин эһэлээҕим өссө алта оҕолоноллор. 

Эһэм 1947-1951 сылларга  “Сталин суола”  колхуос бэрэссэдээтэлинэн, 1951 сылтан бөдөҥсүйбүт “Сталин суола” холкуоска биригэдьииринэн, сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу кэмҥэ сылгы боруодатын тупсарарга улахан селекционнай үлэни ыытар. Дьокускайтан ыарахан таһаҕаһы соһор (тяжеловоз) аттары аҕалан, кэлин Ньурбаҕа араас боруода аттар баар буолаллар. Тяжеловес уонна сүүрүк сиэнчэр аттары аҕалан ииппит. Ити аттары мин Аканаҕа үөрэнэ сылдьан көрөр этим. Биирдии-иккилии бэрэбинэни соһон, хааман-сиимэн иһэр бөдөҥ, модьу атахтаах, үрдүк уҥуохтаах аттар. Саха боруода сылгытыттан 2-3 төгүл улахан, көстүүлээх көрүҥнээх, чахчы кыахтаах аттар этилэр.  Кэлин күөх Ньурбатын албан аатын аатырдар, номоххо киирбит сүүрүктэри үөскэппитэ.

1955-1956 сылларга комплекснай биригээдэ биригэдьииринэн ананар. Биллэрин курдук, 1957 сылтан колхуостар бары сопхуос буолбуттара. Мин эһэм онно аттарын дьаһайар старшай куонньугунан үлэлээбитэ. Кэлин доруобуйата мөлтөөн үһүс нүөмэрдээх оскуолаҕа 1974 сылга дылы завхоһунан үлэлээбитэ.

Мин эһэбин кырдьан, үлэлээбэт буолан дьиэтигэр олорор буолбутун эрэ кэннэ билсэн көрсүбүтүм. Алтыс кылааска дылы Аканаҕа эбэбэр олорон үөрэммитим. Онтон дьоммор Сунтаарга уонна Аканаҕа кэлэн ааһарбар булгуччу Ньурбаҕа таарыйааччыбын. Ньурбаттан Аканаҕа дылы суолу убайым, эһэм уола, Михаил Дмитриевич була охсон, атааран иһэрэ. Тоҕо эрэ биирдэ даҕаны  эһэҕэр сылдьан аас диэн сырытыннарбатахтарыттан билигин хомойо саныыбын. Хас биирдии киһиэхэ эһээ, эбээ диэн олох чугас, мэлдьи сүбэлии-амалыы, көрө-такайа сылдьар дьон буоллаҕа...

Олохтоох дьон ахталларынан, эһэбин, Дьргэстэй Миитэрэйи биирдэ көрбүт киһи умнубат киһитэ этэ дииллэр. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, биллэр биллибэт үөһээ уоһугар тыырбалаах бытыктаах, түөрт кырыылаахтыҥы, кыһаан харатыҥы сирэйдээх, бааһынайдыҥы дьүһүннээх, толору эттээх-сииннээх, үрдүк культууралаах, дьоһун, тойон көрүҥнээх киһи эбит. Чахчы даҕаны мин эһэм бэйэтин нэһилиэгин дьонун, уон оҕотун, элбэх сиэннэрин убаастабылын, тапталларын билбит киһи. Биһиги бары маннык эһэлээхпитинэн киэн туттабыт! Кини олорон ааспыт олоҕо биһиэхэ куруук холобур буолан хаалыаҕа дии саныыбын.

Кини бастакы кэргэнэ, мин эбэм, Анна Петровнаттан  үс оҕолоох. Олортон улаханнара, мин аҕам – Васильев Давид Дмитриевич.  Аҕам үрдүк үөрэхтээх историк учуутал буолан, Ньурбаҕа, Сунтаарга үлэлээбитэ. Элбэх оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ. Ол кэмҥэ Сунтаарга, уруккута аҕыс кылаастаах оскуола, билиҥҥитэ 2-с нүөмэрдээх оскуоланы туттарбыта. Олоҕун кэнники сылларыгар Сунтаар райкомугар тыа хаһаайыстыбатын профсойууһун салайар отдел салаайааччытынан үлэлээбитэ. Сунтаардар аҕабын, Давид Дмитриевиһы улаханык  убаастыыр, ытыктыыр этилэр.

Эһэм иккис оҕото, Мария Дмитриевна, уон биир оҕолоох герой ийэ. Үһүс оҕото – Елена Дмитриевна, Ленин уонна Үлэ кыһыл знамята уордьаннаах тарбыйах көрөөччү. 1971 сылга буолбут ССКП ХХIV съеһин делегата.

Ити курдук, эһэм уонна кини оҕолоро бары дьоҥҥо, норуокка улаханнык убаастанар дьон этилэр. Сэрии, үлэ бэтэрээнэ, коммунист партия төлөннөөх саллаата, Дмитрий Акимович Васильев дьоһун олоҕу олорон ааспыт диэн киэн тутта саныыбыт. Эн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ,  Эн килбиэн ааккын түһэн биэрбэккэ дойдубут сайдарын туһугар кыахпыт баарынан үлэлиэхпит диэн эрэнэбин!

Бу кэлээри турар Улуу кыайыы 79 сылын көрсөр күн мин эһэм бырааһынньыга буолар. Онон биһиги бу күннэргэ, бу уоттаах сэриигэ сылдьыбыт дьоммутун ахтан, санаан ааһыахтаахпыт! Кинилэр олохторун өрө тутан холобур көрдөрүөхтээхпит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....