Булуҥҥа үөрэхтээһин Экспедицията үлэлээтэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Булуҥ оройуонугар үтүө үгэскэ кубулуйбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэхтээһиҥҥэ экспедицията үлэлээтэ. Наука, искусство уонна спорт эйгэлэригэр дьоҕурдаах оҕолору оройуон киинигэр Тиксиигэ мунньан көрүү-истии буолла. Сыал-сорук - талааннаах оҕолору өйөөһүн, сайдалларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, сөбүлүүр хайысхаларынан үөрэтии, иитии. Көдьүүстээхтик үлэлээбит 16 киһилээх экспедицияны Спорка солбугу бэлэмниир өрөспүүбүлүкэ киинин дириэктэрин солбуйааччы Аграфена Колесова салайда.
Булуҥҥа үлэ күөстүү оргуйар
Бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт исписэлиистэр Тиксии бөһүөлэгин орто оскуолатынан, гимназиянан, оҕо уһуйаанынан, култуурунай-спортивнай комплексынан тарҕаһаннар математикаҕа, физикаҕа, биологияҕа, нуучча тылыгар олимпиадалары оҥороннор, оҕолор үөрэхтэрин, билиилэрин-көрүүлэрин, балет үҥкүүтүгэр, музыкаҕа дьоҕурдарын, эт-хаан өттүнэн сайдыыларын чинчийдилэр, маастар кылаастары, учууталларга, тренердэргэ семинардары ыыттылар, методическай көмөнү оҥордулар. Ыам ыйыгар Тиксиигэ физкултуура учууталларыгар, тренердэргэ, спорт салаатын исписэлиистэригэр идэни үрдэтэр куурус кэлэн үлэлиирин туһунан Аграфена Колесова иһитиннэрдэ.
Экспедиция тиийэригэр биэс хонуктаах “Дети Севера” бэстибээл үгэнэ этэ. Найба, Сииктээх, Намы, Таймылыыр, Быков, Күһүүр нэһилиэктэрин оҕолоро Тиксиигэ түмсэннэр, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан, өбүгэлэр оонньууларын сэттэ көрүҥэр күрэхтэһэн, сэргэхсийии бөҕө. Кинилэри физкултуура учууталлара, тренердэр салайан аҕалбыттар. 25 көс тэйиччи Күһүүр оскуолатын оҕолоро хайыһарынан биэс күн айаннаан кэлбиттэр. Сорох нэһилиэктэртэн бураннарынан, таймылыырдар оптуобуһунан кэлбиттэр.
Хоту сир айылҕаҕа чугас, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар оҕолоро хамсаналлара-имсэнэллэрэ сылбырҕа, эт-сиин тургутууларыгар үчүгэйдэрин көрдөрдүлэр. Холобур, скакалканы баһылаабыттар диэн чинчийээччилэр астыналларын биллэрдилэр. Ол биир сүрүн төрүөтүнэн, интэриниэт ситимэ суоҕунан, оҕолор бириэмэлэрин таһырдьа ыраас салгыҥҥа атаараллара буолар. Оҕолор буулдьанан уонна ох саанан ытыыны сэҥээрдилэр эрээри, онуоха анал тэриллэрэ, тренердэрэ суох эбит.
Булуҥ нэһилиэктэригэр, Тиксиигэ таһаҕас кэлиитин сыаната ыараханынан тутуулар аанньа ыытыллыбаттар, спортивнай саалалар, оскуолалар сэбиэскэй кэмнээҕилэр. Тиксиигэ бүтэһик тутуу, 2012 сыллааҕы култуурунай-спортивнай комплекс — бөһүөлэк киэргэлэ. Сылга биирдэ буолар “Дети Севера” күүтүүлээх-кэтэһиилээх оройуон оҕолорун күрэхтэһиитэ ити КСК-ҕа буолар оҕолор улахан бырааһынньыктара. Экстремал-айанньыт, билигин 80 саастаах Семен Семенович Шамаев саҕалаабыт, көҕүлээн тэрийбит Оонньуулара 28-с төгүлүн ыытылыннылар.
Санаа атастаһыыта
Тустуунан дьарыктанар 11-с кылаас үөрэнээччитэ, 90-н тахса кг үктүүр Карим Максимов 250 км сири түөрт суукканан кэлбиттэрин туһунан кэпсээтэ. Балааккаҕа хонон, бэрэски, булочка өйүөлэнэн, уот оттунан, астанан, ол иһин тото-хана аһаан, сэниэлээхтик сылдьыбыттар. Маҥнайгы эрэ күннэригэр сылайбыттар, кэлин күҥҥэ 30-40 км “көтө-көтө” барбыттар. “Оройуоммут историятыгар киирэр буоллубут” диэн үөрэр, астынар. Оҕолору айанныы үөрүйэх булчуттар, учууталлар салайбыттар уонна айаннарын оскуолаларын 130 сылыгар уонна хайыһарынан айан саҕаламмыта 50 сылыгар анаабыттар. Карим эһэтин батан муоратааҕы флот хапытаана буолар бигэ санаалаах. Оскуола кэнниттэн, салгыы үөрэнэн, идэ ылан, “Күһүүрбэр кэлиэм, уонна ханна барыахпыный”,- диир.
Хоту сир оҕолоро үксүлэрэ итинник санаалаахтар.
Таймылыыр 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Виктория Хомустахова спорт элбэх көрүҥүнэн дьарыктанар. “Дети Севера” сүүрүүгэ, маамыктаны быраҕыыга, тутум эргииргэ, хабылыкка-хаамыскаҕа күрэхтэстэ, ансаамбылга үҥкүүлүүр. Бу хаһыс да кэлиитэ эбит. Биология, саха тылын, физкултуура уруоктарын сөбүлүүр. Дойдутун Таймылыыры хайа да бэйэлээх омук сиригэр биэрбэт, “туундарабыт наһаа кыраһыабай”, “Дьүкээбил хайалара наһаа үчүгэйдэр, сир аһа дэлэй” диир. Оптуобуһунан суукка кэриҥэ айаннаан кэлбиттэр, бөртөлүөтүнэн 2,5 чаас көтөллөр эбит. Бөһүөлэктэригэр сүрүн дьарыктара балыктааһын. Кыыс аҕатыгар, бырааттарыгар муксуун, уомул, тууччах илимҥэ иҥнибиттэрин араарарга, оҥочону эрдэргэ көмөлөһөрүн кэпсиир. “Бурааны” бэһис кылаастан ыытар. Физкултуура учууталын үөрэҕин бүтэрэн тапталлаах Таймылыырыгар оҕолору үөрэтэр баҕалаах.
Тиксии гимназиятын физкултуураҕа учуутала тустуук Валерий Васильевич Самойлов үөрэнээччилэрин хайыһарга, тустууга эрчийэрин таһынан гимнастиканан эмиэ дьарыктыыр. Гимнастиканы сүрүн көрүҥ быһыытынан ааҕан, физкултуура учуутала хайаан да сатыахтаах диэн сүбэни ылынан, эдэр-эмэн саастарыгар бэйэтэ анаан-минээн баһылаабыт. “Дэриэбинэлэргэ култуурунай-спортивнай комплекстар тутуллаллара буоллар” диэн баҕа санаатын биллэрэр.
Күһүүр оскуолатын тустууга тренерэ, бэйэтин кэмигэр ССРС орто-анал үөрэх кыһаларын боруонса медалиһа, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бөҕөстөрү иитэн таһаартыыр Дмитрий Дмитриевич Бурнашев толору инбэнтээрдээх, оборудованиелаах тустууга аналлаах спортивнай саалалаах буолуохтарын баҕарар.
Түмүк
“Дети Севера” бэстибээл түмүгүнэн Күһүүр орто оскуолатын оҕолорун түмсүүлээх хамаандата бастаата, иккис уонна үһүс бириистээх миэстэлэри Арктическай гимназия уонна Таймылыыр оскуолатын үөрэнээччилэрин хамаандалара ылаттаатылар.
Экспедиция үлэтин түмүгүнэн Булуҥ оройуонун дьаһалтата уонна Спорка солбугу бэлэмниир өрөспүүбүлүкэ киинэ бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитин ылыннылар. Бу туһунан улуус баһылыга Афанасий Афанасьевич Андросов санаатын үллэстэригэр талааннаах оҕолору көрдүүр экспедиция үлэтигэр махтанна. Бэриллибит сүбэлэр, этиилэр сүнньүлэринэн үлэ ыытылларын мэктиэлээтэ. Булуҥ оройуонугар, ол иһигэр Арктическай улуустарга баар сүрүн кыһалҕанан сырыы-айан ыараханын бэлиэтээтэ. Тиксииттэн Дьокуускайга көтөр билиэт сыаната кэлэ-бара 50-70 тыһ.солк тэҥнэһэрин, ол үгүс ыалга кыаллыбатын, ол да буоллар оҕолор тустарыгар кэмчилээһин суох буолуохтааҕын, туох кыалларын сөптөөхтүк тобулуохтаахтарын, оҥоруохтаахтарын эттэ. Саамай сүрүнэ — талааннаах оҕо сайдар сааһын кэмэ мүччү тутуллуо суохтааҕар тохтоото. Хоту сиргэ талааннаах оҕолор баалларын, кинилэр тахсалларын туһугар туох кыалларынан өйөбүл баар буолуоҕа диэтэ.