Булда оонньообут
Мира Николаевна, Хаҥалас улууһа:
– Аҕам, дьиҥэр, улахан булчута суох киһи этэ. Ол да буоллар, иллэҥ кэмигэр балыктыырын олус сөбүлүүрэ.
Бу сиртэн соһуччу күрэнэр сылыгар биһиэхэ олорбута. Ол сайын булда оонньообута. Хаһан да, ким да балыктаабат күөлүттэн, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, тааһынан собону аҕалара. Олохтоохтор сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттара.
Мин дьиксинэ саныырым даҕаны, тугу да саҥарбат этим. Аҕам бултуйан, оҕолуу үөрэрэ, өссө умсугуйарга дылыта. Дьиэлээхтэр оччо элбэх балыгы бары саба түһэн, хатырыктаан, иһин-үөһүн ыраастаан, тута тоҥорон иһэрбит. Морозильник туолбута. Билэр-билбэт дьоммутугар бэрсэрбит, бэйэбит да тото-хана сиирбит. Оттон балыксыппыт күн аайы илии тутуурдаах кэлэрэ.
Кэлин санаатахха, аҕабыт суох буолбутун тоҕус, түөрт уон хонугар тиийэр собону хаһааммыт эбит. Оруобуна түөрт уон хонугар бүтэһик буһарыыны ириэрэн астаабыппыт.
Аҕам барахсаны Байанайа бүтэһигин баарынан-суоҕунан күндүлээбит, ол иһин да булда оонньообут эбит.