07.04.2023 | 17:45

Бучукаар

Бучукаар
Ааптар: Ксенофонт Васильев, Ньурба, Маар
Бөлөххө киир

Муус устар 3 күнэ – Саха комсомолун төрөөбүт күнэ (1921). Биһиги түбэ биир чаҕылхай киһитэ комсомолец, ревкомовец Кирилл Григорьевич Ефимов-Бучукаар (сурукка киирбитинэн Еремис ола Кирила Григорьев (1892-22.05-1922-10.06) төһө эмэ быыһанар кыахтаах эрээри, састахпына дуу, куоттахпына дуу, мин оннубар дьоммун-сэргэбин сиэхтэрэ диэн санаанан салайтаран өлбүт эбит. Буолбут түбэлтэни саас-сааһынан ырытан көрүөххэ.

   Сурукка киирбитинэн көрдөххө, I Хаҥалас нэһилиэгэр «Саһыл уйалаах» диэн сиргэ олорор Григорий Ефимов үс уол, биир кыыс оҕолононнор (Герасим, Кирила, Василий, Ирина), син дьон тэҥэ курдук сананан, ньир-бааччы ыал буолан олорбуттар (НА ф.343,оп2,д1. Хаҥалас нэһилиэгин биэрэпиһэ, 5.6.1895 с.). Оҕолоруттан сытыытынан-хотуутунан, өйүнэн-санаатынан ордуктара буолан, Кириланы Ньурбаҕа 4 кылаастаах начаалынай оскуолаҕа үөрэттэрэ ыыппыттар. Кирила сатаан ааҕар буолаат, араас кинигэни умсугуйан ааҕар буолбут. Билбитин-көрбүтүн бииргэ үөрэнэр табаарыстарыгар кэпсиир идэлээх эбит. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар ыччат ортотугар лидер буолар талаана аһыллыбыт.

Үөрэххэ тардыһыылааҕын иһин дьонно Кириланы Бүлүүгэ начаалынай училищеҕа салгыы үөрэттэрэ ыыппыттар. Онно тиийэн өйө-санаата өссө аһыллан, дьону-сэргэни кытта билсэн, араас куруһуокка сылдьан, революционнай үлэтэ саҕаланар. Ити кэмҥэ дьадаҥы дьон олоҕун тупсарарга анаммыт Сэбиэт былааһа олохтонор. Бүлүүгэ эмиэ революционнай кэмитиэт тэриллэр. Кирила Бүлүү уеһыгар 1917 сыллаахха революционнай кэмитиэт чилиэнэ буолар, комсомол аатын сүгэр. Училищеҕа 2 эрэ сыл үөрэнэр. Сибииргэ Колчак былааһа бүрүүкээбит кэмигэр 1920 сылга диэри Сунтаарга ревком чилиэнэ буолар. Онтон дойдутугар I Хаҥаласка кэлэн Василий Борисовка суруксуттуур. Ол сылдьан Егор Борисов кыыһын Ефросинияны кэргэн ылар. Сэбиэскэй былаас иккиһин эргиллэн кэлбитигэр I Хаҥалас олохтоохторо 1921 сыллаахха олунньу ый 21 күнүттэн Бучукаары Марха улууһугар ревком чилиэнинэн талаллар (НА ф81, оп2, д5.Марха улууһун ревкомугар анааһын). Сири түҥэтии саҕаланар. Бучукаар сир үчүгэйин баайдартан былдьаан ылан, дьадьаҥыларга түҥэтэлиир.

Кыратык Барыыһаптар тустарынан:

Былаас уларыйыан иннинэ I Хаҥаласка Борисов Егор Семенович (Күөрэккин) диэн 1809 сыллаахха төрөөбүт киһи оҕолорунуун, сиэннэриниин төрүт-уус аймахтыы дьон буолан нэһилиэк салалтатын, сирин үтүөтүн үксүн баһылаан олорбуттар. 1921 сыллаахха сэтинньи ый 21 күнүгэр нэһилиэк дьокутааттарын талар быыбар испииһэгэр Василий, Владимир, Николай, Михаил, Павел, Федот диэн куоластара быһыллыбыт, сирдэрэ-уоттара былдьаммыт дьон бааллара ыйыллар. Кинилэри таһынан куоластара быһыллыбатах, ол аата баай аатырбатах син биир нэһилиэк сиригэр олохсуйан олорор Николай II, Иосиф, Митрофан, Анна, Егор, Тит, Григорий Борисовтар сурулла сылдьаллар.

Кутуйах Харахха олорбут Байбал атыынан-эргиэнинэн дьарыгырбыт. Сирэ-уота Хорула Сататыгар тиийэ, Сахсанан, Буккунанан, Кутуйах Хараҕынан тайаан сытар эбит. Нэһилиэк сайдарыгар бэрт элбэх үтүөлээх киһинэн дойдутугар сыаналанар эбит. Кини туттарбыт тутуулара, өрүскэ Кириэстээх аартыгар киирэр суола билиҥҥэ диэри туһалыыллар. Атын бырааттар сылгынан-сүөһүнэн дьарыгырбыттар. Егор уонна Федот Борисовтар Уһунча тулатынааҕы алаастары сир гынан олорбуттар. Мас арыыга олохсуйбут Мэхээлэ уонна Егор дьадьаҥылар диэн аатырбыттар. Борисов Егор Егорович оҕолоро: Константин, Ефросиния, Василий, Дария, Егор (булкуйбат кыһалҕатыттан кыра Егор диэххэ), Марфа, Ефим.

Кыра Егор нэһилиэккэ суруксутунан үлэлээбит. Нэһилиэк туһунан (билигин да көстө илик) бэрт элбэх суруллубут матырыйааллаах буолуохтаах диэн нэһилиэк дьоно сабаҕалыыллар. Кыра уол Ефим Хатыынан, Куочайынан, Чаппанданан, Ньурбанан үлэлээн сылдьыбыт, аатырбыт учуутал. Марфа I Хаҥаласка биир эмиэ аатырбыт үлэһит, мэтээллээх ыанньыксыт. Үөһэ ахтыллыбытын курдук, Ефросиния – Бучукаар кэргэнэ.

Бучукаар дьаһайыытынан биһиги сирбитин былдьаатылар диэн ходоҕойдоро кыпчыттараннар, күтүөттэригэр кырыыланаллар. Ордук Василий, Федот Бучукаары утары туруналлар. Бастаан утаа төһө да былаас уларыйбытын иһин нэһилиэккэ уруккуттан дьаһайан олорбут дьон тыллара ыйааһыннаах эбит. Дьону өрө туруораннар, албас буланнар, 1921 сыл от ыйын 27 күнүттэн Бучукаары II Хаҥалас уонна Таркаайы нэһилиэктэрин аатыттан ревком чилиэнэ оҥортороллор. Ревкомҥа I Хаҥалас аатыттан чилиэнинэн Борисов Василийы туруораллар (НА ф81, оп2, д5.Марха улууһун ревкомун састаабыгар уларытыылар).

Бучукаар II Хаҥаластан талыллан баран Марха улууһун ревкомун сэкирэтээрэ буолар. Өһүрбүт ходоҕойдоруттан тэйээри, дьонун таһыгар, Элэһин диэн сиргэ олохсуйар (Элэһин диэн Аканаттан Чкаловка баран истэххэ Куртах диэн «Марха» совхоз сайылык ферматын таһа. Суоппардар суол оҥоһуллуон иннинэ былыык буордаах Элэһиҥҥэ бэрт элбэхтик эрэйдэммит сирдэрэ). Үлэтигэр 3,5 көстөөх сиргэ кэлэ-бара сылдьар. Соччо ыарык оҥостубат буолан, оччо тэйиччи сиртэн үлэтигэр кэллэҕэ-бардаҕа. Кириланы кыанар-хотунар киһи этэ диэн кэпсииллэр. Ыһыахтарга тустан киһиттэн охтубатаҕа, атах оонньуутугар иннигэр киһини түһэрбэтэҕэ дэһэллэр. Тас көстүүтүнэн орто уҥуохтаах, сөбүгэр эттээх-сииннээх, сырдык маҕан ыраас сэбэрэлээх, төгүрүк сирэйдээх киһи эбитэ үһү. Акана олохтооҕо Лаврентий Павлов кэпсээнинэн, Дьаархан олохтооҕо биир эмээхсин, Бучукаар аатын истээт, Бучукаар туһунан кэпсииригэр сирэйдиин-харахтыын сырдаан кэлбит. Тарбах үрдүгэр сэттэтэ эргийэр киһи этэ. Ньурбаҕа кэлэрин-барарын көрөр этим. Киһи киэнэ килбиэннээҕин бандьыыттар сиэн тураллар. Чугас эргиннээҕи кыргыттар, дьахталлар бары нохтоолорун туттарбыт аҕай киһилэрэ этэ диэбит. Бучукаар кыыһыттан биир уол, биир кыыс оҕо хааланнар, утум быстыбатаҕын истэн ол эмээхсин улаханнык үөрбүт.

         Саха сиригэр былаас былдьаһыыта саҕаланар. Ньурба, кыһыл былааҕын күөрэччи тутан, чугас эргин соҕотоҕун хаалар. Былаас былдьаһыытыгар Саха сирэ бүтүннүү атыйахтанар. Арай Марха улууһа эрэ кыттыспакка хаалар. Бу түгэни улууска үлэлиир ревком уонна улуус сайдыытыгар биир тутаах киһинэн буолбут Степан Алексеев-Боһуут, кини уолаттара, тыллара-өстөрө норуокка ытыгыланарынан быһаарыахха сөп. Боһуут уонна кини уолаттара Михаил, Николай бу Арассыыйаҕа кыһыл былааһа букатыннаахтык кэлбитин бигэтик өйдөөннөр, ону утарылаһан туһа суоҕун, үрүҥнэр син биир хотторуохтаахтарын быһаарбыттара уонна ревкомовецтар үлэлэрэ олохтоох дьоҥҥо өйдөрүгэр-санааларыгар тиийбитэ буолар. Иккис өртүнэн, бу түбэ сирэ-уота кырыымчык буолан, олохтоох дьон өйүн-санаатын долгутар курдук элбэх баай киһи үөскээбэтэҕэ буолар.

Үрүҥнэр Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн Ньурбаҕа икки өртүттэн ааҥнаан киирэллэр. Үөһээ Бүлүүттэн Конон Никифоров этэрээтэ Ньурбаҕа айанныыр. Аара кэлэн иһэннэр Оҥхойго, Үөдэйгэ, Хаҥаласка дьону өлөртөөбүт сурахтара иһиллэр. Бучукаарга табаарыстара, атын да дьон анаан-минээн тиийэн кэлэн: «Син биир сүгүннүөхтэрэ суоҕа, сас эбэтэр куот”, – диэн этэ сатаабыттар. В.Н. Николаев «Акана нэһилиэгэ» кинигэтигэр Бучукаар туһунан суруйан хаалларбыт. Ол онно кэпсэнэринэн, быыпсай кинээс Григорьев (Николаев) Куонаан кытта Бучукаарга илдьит ыыппыт эбит. Куонаан урут кинээстии сылдьан сир былдьаһыытыгар Хаҥалас баайдарын Борисовтары кытта элбэхтик хабырыйсыбыт, кинилэргэ өстүйбүт киһи эбит. Бука, ол иһин Бучукаарга куот диэн илдьит ыыттаҕа.

Бучукаар илдьит дьон кэллэҕинэ хоруйа биир үһү:

– Мин саһан дуу, куотан дуу хааллахпына, дьоммун-сэргэбин түүрэйдиэхтэрэ, чүүччэйиэхтэрэ, ол кэриэтин бэйэм аһаҕастык утары аахсыталаан көрүөм. Кинилэр да сууттаах-сокуоннаах дьон инилэр, былаас былдьаһа сылдьар дьон син ону-маны ыйдаҥардаллар ини, өйдүөхтэрэ, быһаарсыаҕым, – диир үһү.

Киниэхэ тоҕо итинник өй-санаа киирбитин бу курдук быһаарыахха сөбө буолуо. Бучукаар Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьан Павлов диэн Үөһээ Бүлүү Мэйигиттэн сылдьар табаарыстааҕа үһү. Бу киһи урут эмиэ биир биллэр-көстөр комсомолец эбит. Ол гынан баран тоҕо эрэ үрүҥнэргэ холбоспут. Бучукаар ол Павлов курдук дьон үрүҥнэргэ холбоспут буоллахтарына. бу ылбычча дьон буолбатах дии санаабыта чуолкай. Бу дьон көннөрү быстах толкуйга киирэн дуу, сыыһа-халты быһыыланан дуу үрүҥнэргэ холбостохторо. Онон үрүҥнэр да, үчүгэйдик быһаарыстахха, сөптөөх быһаарыныыны ылар кыахтаах дьонноох эбиттэр дии санаабыт буолуохтаах. Кэргэнин Ефросинияны оҕотун кытта, көмүскэллээх буолуохтара дии санаан, дьонугар I Хаҥаласка, күүлэйдэтэ диэн ааттаан, ыыппыт. Дьиэтигэр соҕотоҕун хаалбыт.

   Ходоҕойдоро Борисовтар ускайдааһынынан, бандьыыттар Бучукаары туттара, сорох кэпсээнинэн – 2, сорох кэпсээнинэн 3 саалаах дьону ыыппыттар. Бучукаар ханна олорорун Мөрөйө Кирилэ этэн биэрбит диэн В.Н. Николаев кинигэтигэр суруйбут. Тута тиийэн кэлбиттэригэр, Бучукаар утарыласпатах. Бандьыыттар киһилэрин кэдэрги кэлгийэн баран илдьэ барбыттар. Ол күн куйаас күн үһү. Сорох кэпсээҥҥэ ыам ыйын 22 күнэ, сорох кэпсээҥҥэ бэс ыйын 10 күнэ этэ дииллэр. Көстөн ордук сири айаннаан (билиҥҥи Акана дэриэбинэтин кылабыыһатын таһыгар баар) Томторго дьаам дьиэтигэр кэлбиттэр. Дьаамҥа Наум Васильев (Майаһа Наума) диэн киһи үлэлиир эбит. Бучукаар быраата Василий (Ньамайыы) бандьыыттар Бучукаары туппуттарыгар Наумнуун хайдах быыһаан ылары былааннаабыттар. Наум алтан олгуйга саламаат буһарбыт, сылабаарга уу оргуппуттар. Таһырдьа ыҥыырдаах ат бэлэмнээн, быатын далга күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахпыттар. Бандьыыттар аһыы олордохторуна, Бучукаарга нэлэгэр миискэҕэ итии ууну биэриэхпит, Бучукаар уу испитэ буола олорон итии уунан дуу, саламааттаах олгуйу дуу бандьыыттары сирэйдэригэр саба ыһан баран куотуохтаах. Наум онуоха Бучукаар куотта диэн сырсыбыта буолан аан таһыгар тиийэн охтуохтаах, ааны бүөлүөхтээх. Наум улахан үскэл киһи эбитэ үһү. Онон кини ааны бүөлүү түстэҕинэ, бандьыыттар дэбигис кыайан тахсыбакка булумахтанар кэмнэригэр Бучукаар ыҥыырдаах бэлэмнэммит атынан куотуохтааҕа үһү. Ону Бучукаар олох куотар санаата суох этэ, бука өлөр быата таттаҕа буолуо диэн кэлин Ньамайыы дьоҥҥо ити курдук кэпсээбит.

Куйааһа бэрт буолан бандьыыттар аттарын сөрүүкэтээри сыбыдахтаабыттар, баайбыттар. Бэйэлэрэ дьиэҕэ киирэннэр сааларын аан таһыгар өйөннөрбүттэр, остуол улаҕаа олорон аһаан барбыттар. Саламааттаах олгуй остуол төбөтүгэр турбут. Наум Бучукаары остуолга ыҥырбыт, саатар эн кэлэн уута ис диэбит. Биир бандьыыт Бучукаар илиитин кэлгиэтин сүөрбүт. Бучукаар остуол төбөтүгэр олорон уутун иһэ олорбут. Киксибиттэрин курдук, баҕар куоттаҕына көмө-имэ буолуом диэн Ньамайыы аан таһыгар кэлэн саалары бүөлүү турбут. Наум уутун иһэ олорор Бучукаарга:

– Бээрэ, эн бэйэҥ да куттаҥҥын саламаатта сиэ эрэ, – диэбит уонна остуол аннынан атаҕынан Бучукаар атаҕын үктүөлээбит, хараҕынан имнэнэн олгуйдаах саламааты бандьыыттарга саба ыс диэбит. Бучукаар ону өйдөөбүт. «Суох” диэн баһын быһа илгистибит уонна быраатын Ньамайыыны:

– Ити тоҕо саа таһыгар тураҕын, атын сиргэ баран тур, – диэбит.

– Дьиҥинэн, Бучукаар сөбүлэспитэ буоллар, таах куотар кыахтаах этэ. Тутуһуу да буолбута буоллар, бандьыыттар кыра, хатыҥыр дьон этилэр, – диэн Наум кэлин дьоҥҥо кэпсиирэ үһү.

   Аһаан бүтэн, киһилэрин илиитин кэлгийэн баран, бандьыыттар Эбэ кытыытынан киирэн бара турбуттар. Хонуктарыгар II Хаҥаласка Липпэ диэн сайылыгар олорор Иванов Софрон баайга тохтообуттар. Софрон баайга Хаҥаластан Борисовтартан илдьит тиийэн кэлбит. «Бырааттарынан» Бучукаары туттардыбыт, киэһэ эйиэхэ хоно тиийиэхтэрэ. Бучукаары хаайаары ампааргын дуу, оҥкучаххын дуу ыйытыахтара, ону эн сөбүлэһимэ, оччотугар, ханна да гынар сирдэрэ суох буоллаҕына, Бучукаары бэйэлэрэ дьаһайыахтара диэн буолбут.

   Софрон баай бандьыыттарга ас маанытын тардыбыт, арыгылааһын буолбут. Софрон хамначчыттара Хатыҥ Сыһыыга Боһуут уолаттарыгар бандьыыттар Липпэҕэ Бучукаары тутан аҕалбыттарын быыһаттараары тыллата киһи ыыппыттар. Дьон кэпсииринэн, Бучукаар уонна Боһуут уолаттара эдэр эрдэхтэриттэн ыкса табаарыстыылар эбитэ үһү. Бандьыыттар аһаан бүтэн баран киэһэ утуйаарылар, Бучукаары хаайаары, Софронтан ампаарын ыйыппыттар. Софрон сөбүлэспэтэх;

– Баайым-дуолум барыта ампаарбар баар, онтубун ыстарыам дуо? –диэбит. Онуоха оҥкучаҕын ыйыппыттар. Софрон эмиэ буолумматах:

– Оҥкучахпар үүтүм-аһым баар, ону уоран иһэн кэбиһиэҕэ, – диэн буолбут.

– Таһааран ытан кэбиһиҥ ээ, – диэн дьаһайыы буолбут.

Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии, Бучукаары бандьыыттар икки буолан саа луоһунан быһыта сынньаннар таһырдьа таһаарбыттар. Ойуур саҕатыгар илдьэн ыппыттар. Биирдэрэ сүрэххэ, иккистэрэ искэ таппыттар. Бучукаар турбалаан баран охтон түспүт. Бандьыыттар өлөрдүбүт дии санаан дьиэҕэ киирэн утуйан хаалбыттар. Сарсыарда күн тахсыыта тахсан көрбүттэрэ, били өлбүт диэбит киһилэрэ тобуктаан олорор үһү. Соһуйан-өмүрэн тиийэн истибиттэрэ, киһилэрэ:

– Бу дьоннор миигин билбэттэригэр-көрбөттөрүгэр тэптэрэн өлөрдүлэр. Алҕас быһыыламмыттар, онон эн, тойон таҥара, бу дьону баалаама, кинилэр буруйа суохтар, бырастыы гынаттаа, – дии олорор үһү.

Өлөрөргө санаммыт дьоннор кини саҥатыгар кыһаллыбатахтар, күрүө тоһоҕотунан буулдьа таппыт сиринэн искэ анньыбыттар. Бучукаар син биир өлбөтөх. Бандьыыттар кулуһун оттон умайа турар уокка бырахпыттар. Көрдөхтөрүнэ, киһилэрэ түөрт атах буолан кулуһун ортотугар турар үһү. Онуоха, салгыы охтороору, илиитин-атаҕын иҥиирдэрин бысталаабыттар. Ол да үрдүнэн киһилэрэ мөхсө сыппыт. Онтон төбөтүн быһа охсон дьэ өлөрбүттэр. Бучукаар, уҥа өртүгэр сүрэхтээх буолан, ылбычча өлбөтөҕө буолуо, – диэн дьоннор быһаараллар эбит.

         Илдьити истэн Боһуут уола Николай, Бучукаары быыһаан ылаары, түүннэри атынан айаннаабыт. Айаас ат түбэспит. Айаннаан иһэн, киһитин үлтү быраҕан баран, куотан хаалбыт. Боһуут уола доргуйан сыппалаабыт, онтон халлаан сырдаабытын кэннэ атын аты буллаттаран дьэ айаннаабыт. Липпэҕэ тиийэн кэлбит. Бандьыыттар Бучукаары өлөрөн бараннар баран хаалбыттар. Николай кэннилэриттэн эккирэппит. Бандьыыттар Чаппандаҕа тиийэннэр эмиэ биир комсомолец уолу тутаннар, дэлби кырбаан баран өлөрөөрү сырыттахтарына тиийбит. Бандьыыттар Боһуут уолун тылын быһа гымматахтар, Чаппанда комсомолец уолун босхолообуттар. Онон Николай «Липпэҕэ» эрдэ кэлбитэ буоллар, Бучукаары быыһаан ылыа эбитэ буолуо диэн сэрэйиэххэ эрэ сөп.

   Ити курдук кыыллыйбыт бандьыыттар ревкомовец, комсомолец Ефимов Кирила Григорьевыһы сэймэктээн өлөрбүттэрин 1979 сыллаахха Маар оскуолатыгар тэриллибит Бучукаар аатынан пионерскай этэрээт оҕолоругар Николай Васильевич Васильев (Токко) оҕонньор кэпсээбит. Токко оҕонньор ахтыыта, оҕолор ахтыылара музейга бэриллибиттэрэ диэн оччотооҕуга пионер баһаатайынан үлэлээбит Валентина Дмитриевна Иванова (Гаврильева) кэпсиир. Токко оҕонньор Бучукаары өлөрбүттэрин оҕо сылдьан көрбүт үһү. Кэпсээни истэн баран Маар оскуолатын 10-с кылааһын комсомолецтара ойууртан мас кэрдэн, оскуола таһыгар түөрт кырыылаах баҕана гына суораннар, Липпэҕэ сүгэн илдьэннэр, Бучукаары өлөрбүт сирдэригэр туруорбуттар. Баҕана туруоралларын саҕана көрдөхтөрүнэ, ол сиргэ урут эрдэ туруоруллубут баҕана эмэҕирэн суулла сытарын көрбүттэр.

Үөһэ ахтан аһарбыт Лаврентий Григорьевич Павловпыт Аканаҕа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 1964-67 сылларга «Кыһыл суолдьуттар» куруһуоктарыгар сылдьан Бучукаар туһунан дьарыгыра сылдьыбыт үһү. Ол сылдьан Бучукаар өлбүт сиригэр бэлиэ туруорбуттар диэн истэр эбит. Кэлин 70-с сыл утаатыгар хаһыа да буоланнар ол бэлиэни көрдүү сатаабыттар. Онтон 1973 сыллаахха суоппардыы сылдьан баҕананы көрдөөн син булбут үһү. 4 кырыылаах синньигэс 1,5м. үрдүктээх кыракый баҕана этэ диэн кэпсиир.

   1985-86 сыллардаахха учуутал Василиса Ивановна Васильева салалтатынан Маар оскуолатын оҕолоро Сүлэҕэ олорор биир кырдьаҕас киһиэхэ бара сылдьыбыттара. Ол киһи Бучукаары хайдах өлөрбүттэрин эмиэ кэпсээбит.

   1987 сыллаахха Октябрь революциятын 60 сылыгар анааннар Маар оскуолатын 9-10 кылаас оҕолоро, комсомолецтар, үлэ уруогун учуутала Егор Николаевич Винокуров көмөтүнэн Бучукаарга анаан оскуола таһыгар обелиск оҥорбуттара. Хомойуох иһин, ол обелиск билигин суох. Начаалынай оскуола тутабыт диэннэр обелисканы көтүрэн кэбиспиттэрэ. 90-с сыллар кэннилэриттэн Арассыыйаҕа былаас уларыйан, оскуолаҕа пионерскай этэрээт суох буолбута, комсомол тэрилтэтэ да тохтообута. Онон обелисканы ирдэһэргэ, сөргүтэргэ ким да билиҥҥэ диэри санаата тохтообот.

   1979 сыллаахха оскуола оҕолоро туруорбут баҕаналара эмэҕирэн сууллубутугар, баҕана турбут миэстэтиттэн арыый халдьы соҕус, балай эмэ үрдүк, кириэс-баҕана баар буолбута. Кириэс-баҕана Бучукаарга анал суруктаах этэ. Бу кириэс баҕананы оскуола дириэктэрэ Александра Ивановна Никифорова 90-с сылларга дьаһайыытынан бырааттара Иван уонна Александр туруорбуттара диэн оскуола завуһунан үлэлээбит Агафья Васильевна Никифорова кэпсээбитэ. Иван ол саҕана оскуолаҕа үлэлиир этэ. Кириэс-баҕана туһунан ону-маны кэпсэтэ сылдьан Иван бэйэтэ ахтан аһарбыттааҕын мин эмиэ истибитим. Баҕана турбутун утаатыгар ыһыахтыыр сиргэ, заправкаҕа барарга анаан суол оҥоһуллубута. Суол оҥоһулларын саҕана: «Бучукаар кэриэһигэр турар бэлиэни сэрэнээриҥ, тумнан ааһар курдук маһын солооруҥ»,– диэн Марха сопхуос дирекциятыгар кэпсэтии баарын чуолкай өйдүүбүн.

   2015 сыллаахха кириэс-баҕана сууллубутугар нэһилиэк дьаһалтатыгар оройуон култуураҕа салаатыттан дьаһайсыбыттар. Бучукаарга анаан турбут кириэс-баҕана сууллубут, ону сөргүтэргэ туох эрэ дьаһалла ылыҥ диэн. Дьаһал сүнньүнэн нэһилиэк дьокутааттарын уонна нэһилиэк активын түмэн кэпсэтии буолбута. Мин эмиэ онно баарым. Кэпсэтии түмүгүнэн Маардааҕы ОДЬХ филиалын үлэһиттэрэ маастардара Мир Иванович Габышев салалтатынан улахан күрбэ тааһы «Беларусь» тыраахтарынан Марха өрүс кытыытыттан тиэйэн аҕалбыттара, күрүөлээбиттэрэ. Бучукаарга анаммыт тааска суругу нэһилиэк баһылыга Иннокентий Прокопьевич Саморцев Дьокуускайга оҥотторбута.

Бучукаары чиэстээн Липпэҕэ баар таастан ураты, Акана нэһилиэгин олохтооҕо этэ диэннэр, Аканаҕа оскуола таһыгар лииһинэн оҥоһуллубут обелиск туруорбуттара. Обелиск билигин да турар.

Бучукаары бүтэһик олоро сылдьыбыт түбэтигэр Элэһиҥҥэ «Бэс арыы» диэн сиргэ ойуур саҕатыгар илдьэн көмпүттэр. Билигин ааһан иһэр киһи Бучукаар көмүллүбүт сирин, пааматынньыгын кыайан көрбөт курдук мас саба үүммүт. Инньэ гынан көмүллүбүт сирэ ойуур иһигэр турар.

   Бучукаары өлөрбүт дьон Саха сирин соҕуруу өртүгэр (билиҥҥитэ Чита уобалаһыгар) куотан тиийбиттэрин тутаттаабыттар. Ол дьоннор ытыллыбыттара.

   Бучукаар кэргэнэ Ефросинья огдообо хаалбыта, Элэһин түбэтигэр олорбута. Бучукаартан суос соҕотох кыыһын Марияны улаатыннарбыта. Бу Марияттан комсомолец, ревкомовец Бучукаар утума үйэлэргэ быстыбакка салҕанар. Күн бүгүн Бучукаары суоллуур хос сиэн оҕолор Акананан, Өктөмүнэн, Дьокуускайынан бытарыһаллар.

 

P/S:

1. Бу кэпсэнэр кэм саҕана Кирил Семенович Васильев (Мөрөйө Кирилэтэ) диэн II Хаҥалас киһитэ баар эбит. Бу киһи ханна эрэ тайҕаҕа тэлэһийэн сылдьан баран кырдьарыгар дойдутугар кэлбит. Уу-хаар соҕус тыллаах-өстөөх Мөрөйө Кирилэтинэн, Соппуруон баай Бучукаар аатын ситэри алдьатаары, бу «кэридэх» киһиэхэ, Бучукаар кэргэнин Ефросинияны сыбааттаабыт. Мөрөйө Ефросинияттан бастаан тиийэн ыйытан көрбүтүн, 30-чалаах эдэр кыраһыабай дьахтар кырдьа барбыт Мөрөйөнү сирбит, аккаастаабыт. Онуоха Соппуруон кигээһининэн Ефросинияны Маҥаас диэн ойуун киһинэн баайтарбыттар. Маҥаас ол баайарыгар Мөрөйөнү бу баайтарыыгын өһүллэрбэтэххинэ эрдэ өлүөҕүҥ диэн сэрэппит. Мөрөйө Ефросинияны Маҥааска баайтаран дьэ кэргэн ылбыт. Дойдутугар II Хаҥаласка Мөрөйө тардыһара туга да суох буолан Аканаҕа Ефросинияҕа көспүт. Ол гынан баран, тоҕо эбитэ буолла, баайтарыытын өһүлтэрбэккэ сылдьыбыт. Маҥаас ойуун өлөн хаалбыт. Маҥаас өлөөтүн кытта, Мөрөйө чэгиэн сылдьан чэ мин эмиэ субу өлөбүн диэбит. Дьоннор Мөрөйө өлөбүн диэбитин, тугу-тугу дойҕохтуура буолла диэн, улахаҥҥа уурбатахтар. Киһилэрэ, кырдьык, уһаабатах, өлбүт. Ефросиния Мөрөйөттөн оҕоломмотох. Бучукаартан кыыһыгар Марияҕа иитийэх аҕатын Мөрөйө араспаанньатын бэрдэрбит. Онон Васильева Мария буолбут

2. Бучукаар кыыһа Мария улаатан баран Седалищев диэн Үөһээ Бүлүү киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Седалищевтан биир уол оҕоломмут. Седалищев ыарыһах буолан уһаабатах. Өлөрүгэр оҕоҕун мин ааппынан ааттаайаҕын, биһиги Седалищевтар аймахтаан туран кылгас үйэлээх дьоммут диэбит. Ол иһин Мария уолугар иитийэх аҕатын аатын, араспаанньатын биэрбит. Онон уола Васильев Владимир Кириллович (Туллаха Болуодьа) диэн ааттаммыт. Владимир хара бараан сулбугур соҕус сирэйдээх, куудара баттахтаах, хатыҥырдыҥы орто уҥуохтаах, саҥарбыт-иҥэрбит, күлбүт-салбыт, турбут-олорбут киһи этэ. Сүрэх ыарыһах да буоллар, Седалищевтары ууһаабатаҕа, син 70-ча сааһыгар тиийбитэ. Владимир Акананан, Маарынан сылдьан ол-бу кыра үлэҕэ үлэлээбитэ, киинэ мэхээнньиктиир, суоппардыыр этэ да, биир да үлэҕэ түптээн уһуннук үлэлээбэтэҕэ. 1986 сыллаахха Дьокуускайга көспүтэ, ыарыһах буолан үлэлиир-үлэлээбэт суоппардаабыта. Биэс-хас оҕолоох буолуохтаах.

 Седалищев өлбүтүн кэннэ Бучукаар кыыһа Мария Аканаҕа көһөн кэлэр, Гаврил Григорьев (Харчылаах) диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, 1942 сыллаахха кыыс оҕолонор. Кыыһын Мария диэн ааттыыр. Ииппит эһэтин араспаанньатын ылынан, Мария Гаврильевна Васильева 7 кылааһы Аканаҕа үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон Хатыҥ Сыһыыга орто оскуолаҕа миигиттэн биир кылаас инники үөрэммитэ. Уҥуоҕунан кып-кыра эрээри, эһэтин Бучукаары батан, оскуолаҕа атах оонньуутугар үчүгэй этэ. 10-ка үөрэнэ сылдьан, оскуола чиэһин көмүскээн, оройуон спортивнай олимпиадатыгар уһуну ыстаныыга кыттыбыта. Верхотурова диэн биир нуучча кыыһыгар эрэ хотторбута, иккис буолбута. Машаны күрэхтэһиигэ иккис буолбутуттан бэрт улаханнык хомойбутун өйдүүбүн. Оскуоланы бүтэрэн, бэтэринээр идэтин баһылаан, Марха сопхуоһугар дойдутугар Аканаҕа үлэлээбитэ. Лаврентий Павловка кэргэн тахсан 3 кыыс 1 уол оҕоломмута. Мария Гаврильевна, кыра уҥуохтаах буолан, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аата Аканаҕа – «Эрбэнчэ», Мархаҕа – «Кыра Маша», быстах ыарыыттан олохтон туораабыта сылтан орто.

3. Бучукаар аҕата Григорий 1897 сыллаах биэрэпис саҕана Туойдаах илин баһыгар Саһыл уйалаах» диэн ааттаах сиргэ олорбут, өтөҕө онно баар эбит.

 «Саһыл уйалаахха» (хаҥаластар билигин ол сири «Саһыл» диэн ааттыыллар. Марха улууһа ыһылларыгар Үөдэй нэһилиэгин сорох сирэ, билигин Оҥхой нэһилиэгэ дэнэр, Үөһээ Бүлүү оройуонугар бэриллибитэ, сороҕо билигин Үөдэй нэһилиэгэ дэнэр сирдэр кэлин I Хаҥаласка холбоммута. Үөдэйгэ эмиэ «Саһыл уйалаах» диэн ааттаах сир баар. Ол сири кытта булкуйумаары, I Хаҥаластар Туойдаах таһынааҕы сири аатын кылгаппыттар). Еремис ола Ефимов Григорий диэн киһи олорбут. Бу Григорий сэниэ киһи эбит. Элэһиҥҥэ, Ибээккэ эмиэ сирдээх эбит. Ити саҕанааҕы кэмҥэ Сахса түбэтэ, Хачык түбэтэ, Буккуна иҥин I Хаҥалас сирдэрэ эбит. Григорий Ибээк түбэтигэр «Тараха арыылааҕа» диэн сиргэ өтөҕө баар диэн билигин Акана олохтоохторо кэпсииллэр.

Аканаҕа Куонаан диэн киһи 1894-1912 сылларга кинээстээн олорон үҥсэн-хайаан, онтон кэлин Марха улууһа ыһыллыытыгар, онно эбии холкуостар тэриллэн саамыланыыларын, бөдөҥсүйүүлэрин-холбоһууларын түмүгэр ити үөһэ ахтыбыт түбэлэрбит Акана нэһилиэгэр бэриллибиттэрэ. Онон билиҥҥи Акана олохтоохторо ити түбэлэри биһиги сирбит, ити сирдэргэ олоро сылдьыбыт дьону Акана нэһилиэгин дьоно дэһэллэр. Дьиҥинэн, Бучукаар төрөөбүт, улааппыт сирэ I Хаҥалас нэһилиэгэ. Бүтэһик үлэлээбит сиринэн, өлөрүллүбүт сиринэн II Хаҥалас нэһилиэгэ буолар. Ол гынан баран Бучукаар көмүллэ сытар сирэ билигин Акана нэһилиэгин сиринэн аатырар. Бучукаар кэргэнэ Ефросиния төһө да иккиһин кэргэннэммитин иһин, Бучукаары үрүҥнэр тутан барбыт сирдэриттэн, Элэһиҥҥэ, олохсуйбут. Онон дьон бары Бучукаары Акана киһитэ дэһэллэр.

Бучукаар туһунан суруйарбар көмөлөспүт Акана олохтоохторо Лаврентий Павловка, Анна Соркомовоҕа, Маар оскуолатын учууталларыгар, пионер баһаатайдарыгар, Хаҥалас Валентина Николаеваҕа, Үөдэй Мария Николаеваҕа махталбын биллэрэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....