Бу сайын ханнык уулуссалар өрөмүөннэнэн бүтэллэрий?
Бүгүҥҥү, бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, киин куоракка уопсайа 13 сиргэ уулусса-суол ситимин өрөмүөнэ бара турар. Бу курдук аны кыһыҥҥа диэри уопсайа 19 эбийиэк ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллан бүтүөхтээх, чуолаан 10 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, 9 эбийиэккэ - өрөмүөн, уларытан оҥоруу үлэтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыак куорат иһин эрэ буолбакка, нэһилиэктэри эмиэ хабар. Ол курдук быйыл Табаҕаҕа уонна Тулагыга үстүү суолга, Сыырдаахха уонна Мархаҕа биирдии суолга улахан өрөмүөн оҥоһуллар.
Хапытаалынай өрөмүөн:
1. Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
2. Бабушкин уулуссатын Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссаҕа диэри кэрчигэ;
3. Челюскин уулуссатын Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыл уулуссаттан Беринг уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
4. Бүлүүлүүр суол быһа охсуһуутун Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа (1-кы пусковой комплекс) диэри кэрчигэ;
5. Севернай кыбаарталлар суоллара (1-кы уочарат);
6. Кузьмин уулуссата (1 учаастак);
7. Табаҕа бөһүөлэгин Центральнай уулуссата;
8. Островскай уулуссата;
9. Табаҕа бөһүөлэгин Комсомольская уулуссата;
10. Табаҕа бөһүөлэгин Строительнай уулуссата.
Өрөмүөн:
1. Поярков уулуссатына Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссаҕа кэрчигэ;
2. Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри кэрчигин уларытан оҥоруу;
3. Аржаков уулуссатын Чернышевскай уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри кэрчигэ;
4. Хаан тутар станцияҕа киирэр суол;
5. Оҕо сэллик санаторийыгар киирэр суол (Покровскай тракт, 8 км);
6. «Хочо» СОТ муостаттан эргийэр балаһааккаҕа диэри суола;
7. Мархаҕа Ветеранская уулусса;
8. Сыырдаахха Кымньыылаах уулусса;
9. Тулагыга Первомайскай, Совхознай уонна Строительнай уулуссалар.
Онон аны кыһыҥҥа диэри былааннаммыт 22 км оннугар 30 км курдук суол ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах.
Эрдэ суруйбуппут курдук, «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагынан Дьокуускай куоракка кэлэр 2024 сылга оҥоһуллуохтаах 7,3 км суолу оҥорорго эбии 267 мөл. солк. кээмэйдээх анал хааһына кирэдьиитэ тыырыллан турар. Онон, «Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын начаалынньыга Владимир Макаров иһитиннэрбитинэн, 2023-2024 сылларга Дьокуускай куоракка 23 эбийиэккэ үлэ ыытыллыахтааҕыттан, быйыл улахан аҥаарын, ол эбэтэр 19 эбийиэги түмүктүүрү былаанныыллар.