Бу күнү өр да күүттүбүт!
Сарсыарда 09.00 ч. иннинэ тиийбитим, көрүдүөргэ хайыы үйэ элбэх киһи мустубут. Ааҥҥа испииһэк ыйанан турар, онон биирдии-биирдии ыҥыраллар. Киирбит дьон сэрэбиэй тардаллар. Этэргэ дылы, маннык долгутуулаах түгэҥҥэ ким бааттааҕа элбэҕи быһаарар эбит.
«Сир-уот сыһыаннаһыыларын агентствота» муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Сергей Тимошенко иһитиннэрбитинэн, икки түһүмэҕинэн 70 сир учаастага түҥэтиллиэхтээх: онтон 28-һа – «Севернай» кыбаарталга, 42-тэ – Тулагы Киллэм нэһилиэгэр. 1000-1500 кв. миэтэрэ иэннээх учаастактар. Бу күн ыҥырыллыбыт 70 киһиттэн сэрэбиэйгэ 24-дэ эрэ кытынна. Аныгыскы сырыыга, о.э. кулун тутар 22 күнүгэр, ордубут сирдэри үллэриэхтэрэ.
Куортамнаан олорор олус ыарахан...
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уочараттарын төһө өр күүппүттэрий? Сорохтор тоҕо бэриллэр сирдэриттэн аккаастаналларый? «Севернай» кыбаарталга дьон тоҕо талаһарый? Бүлүүлүүр, Намсыырдыыр суолларга турар учаастактары хаһан түҥэтиэхтэрэй? Ол туһунан салгыы ааҕыҥ.
Варвара Туласынова – биэс оҕолоох эдэр ийэ. Кини, үһүс оҕолонон баран, тута уочаракка турбут, ол эрээри куоракка прописката биэс сылын туола илик буолан, аккаас кэлбит. Аны ол саҕана “как нуждающаяся семья” учуокка суохтар эбит, 2020 сыллаахха эрэ учуокка турбуттар. Ыал кыра оҕото олунньу ыйга төрөөбүт, бу сарсыарда аҕата көрө хаалбыт.
– Быйыл куоракка пропискам биэс сыла буолбутугар, олунньу ыйга тута сайабылыанньабын биэрбитим, ый бүтүүтэ “көрүлүннэ” диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Онтон кулун тутар ыйга электроннай почтабар ыҥырыы суругу тутан олус соһуйбутум, үөрбүтүм. Өссө эрийэ сылдьыбыттарыгар: “Тоҕо түргэн баҕайытык биэрдигит? Дьон хас да сылы быһа уочараттыыллар дии”, – диэн ыйыппытым. Ону “как нуждающаяся” учуокка эрдэ турбуккун диэбиттэрэ, ол иһин “первоочередниктарга” киллэрбиттэр эбит.
Биһиги билигин икки хостоох кыбартыыраны куортамнаан олоробут. Сир ыллахпытына, бэйэбит дьиэ туттар баҕа санаалаахпыт.
Нина Тарасова – үс оҕо ийэтэ, бастакы группалаах инбэлиит. Үһүс оҕотун төрөөт, уһата-кэҥэтэ барбакка, уочаракка тута турбут. Билигин кыыһа хайыы үйэ 12-гэр сылдьар.
– Сылайыахпытыгар диэри наһаа өр күүттүбүт. Куоракка киирэ-тахса таарыйа ыйыталаһан тахсааччыбын, наар “кэтэс” диэн иһэллэрэ. Бүтэһигин ааспыт бэнидиэнньиккэ кэлэ сылдьыбыппыт, уочараккыт өссө да ыраах диэбиттэрэ. Бастакы группалаах ыарыһахха түргэтэтиҥ диэн ис хоһоонноох сайабылыанньа суруйуҥ, начаалынньыкка киирэ сылдьыҥ диэн сүбэлээбиттэрэ. Хайыахпытый, суруйбуппут, оптуорунньукка начаалынньыкка ыҥырбыттара. Сэрэбиэй буолар, онно хапсаҕыт диэн буолбута.
Харчынан компенсация биэрэллэрин эрдэ истибитим, ол эрээри сир ылар ордук дии санаабытым. Бачча өр кэтэһэн баран, салгыы күүттэхпит.
2016 сылтан кыбартыыра куортамнаан олоробут, билигин ГРЭС оройуонугар баарбыт. Бэйэм бас билэр дьиэм-уотум суох, сотору-сотору көс да көс буолар элбэх оҕолоох ыарыһах киһиэхэ олус ыарахан. Хаһааҥҥа диэри маннык сылдьыахпытый? 2004 сыллаахха дьиэ-уот көрдөһөн, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар уочаракка турбутум, аны ону күүтэбин.
Алена Протопопова – үс оҕолоох ийэ. Уочаракка турбута төрдүс сыла.
– “Севернай” кыбаартал диэн ханна баарын да билбэппин. Улахан оҕобут куорат киинигэр үөрэнэр, кыралар уһуйааҥҥа сылдьаллар. Бэйэбит онтон чугас куортамнаан олоробут. Онон Тулагыга биэрдэхтэринэ, аккаастанабын. Дьиэ ыларга эмиэ турбутум, ол уочараппыт букатын да хамсаабат.
Дьоллоох түгэн
Сэрэбиэй ыытыллар хоһугар хаһыат үлэһитин киллэрдилэр. Дьэ, тустаах дьоҥҥо, чахчы, долгутуулаах уонна үөрүүлээх түгэн эбит. Ону илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.
Исписэлиистэр барытын сурунан, бэлиэтэнэн иһэллэр, салгыы тугу гыналларын сиһилии ыйан-кэрдэн биэрэллэр, сир учаастага ханна турарын улахан экраҥҥа баар каартаҕа көрдөрөллөр. Элбэх оҕолоохтор оптуобус сылдьарын-суоҕун, суол-иис хайдаҕын, социальнай эбийиэктэр хаһан тутуллан киириэхтэрин ыйыталаһаллар.
«Бүгүн улахан оҕом төрөөбүт күнэ. Биһиги күммүт буолла! Бэһиспитин күүтэбит, бу күннэргэ балыыһаҕа киириэхтээхпин. Аата, үчүгэйин, хата, 15 суотайдаах сири ыллым. Уолаттарбар үллэрэн кэбиһиэм»,– диир дьоллоох ийэ илии баттыы олорон.
“Тыый, уулуссабыт аата тоҕо үчүгэйэй! Славный проезд диэн!” – диэн үөрэр өссө биир элбэх оҕолоох ийэ. Экраҥҥа баар каартаҕа булларан, учаастагын хаартыскаҕа түһэрэн, “чып” гыннарар. “Кэргэммэр ыытан көрдөрүөм!” – диир уонна сирэйэ өссө сырдаабыкка дылы буолар.
Александра уонна Алексей Голоковтар, үс оҕолоох дьиэ кэргэн:
– Уочаракка 2014 сыллаахха турбуппут. Оруобуна уон сыл күүттүбүт. Бастакы, иккис сэрэбиэйгэ Тулагы Киллэмҥэ түбэспиппит, ДСК-тан олус ыраах диэн аккаастаммыппыт. Хата, бүгүн үһүс сырыыбытыгар табылынныбыт – “Севернай” кыбаартал түбэстэ. Дьиҥэр, санаабытыгар Бүлүүлүүр суолга биэрэллэрин күүттүбүт, арыый чугас буолуо этэ диэн. Мастарын саҥа кэрдэ сылдьаллар үһү. “Севернайы” сирбэппит, сүрүнэ – суола-ииһэ үчүгэй.
Үс оҕолоох дьон ханна эрэ олоруохпутун наада диэн ыксаан, ипотеканан кыбартыыра ылыммыппыт. Оҕолорбут да улааттылар, улахаммыт оскуоланы номнуо бүтэрэн эрэр. Кыраларбыт алын кылааска үөрэнэллэр. Билигин туспа уһаайбаланныбыт, онон ыра санаабытын толорон, саҥа дьиэ туттуохпут.
Үстэ аккаастаныахха сөп...
Биир ийэ: “Тулагыга баҕарбаппын. Тута “Севернай” кыбаарталга биэрбэккит дуо? Ханна баарый? Иккистээн тардыахха сөп дуо?” – диэбитинэн киирдэ. “Оннук кыаллыбат, мантан биири тардан ылаҕыт. Бары тэҥ бырааптааххыт. Сири түҥэтиини видеокамера уһула турар, тугу кэпсэтэрбитин эмиэ”, – диэн холкутук быһаараллар исписэлиистэр.
Бу сири ылбаппын диэн тута аккаастаныахха сөп. Ол туһунан боротокуолга илии баттаталлар. Сокуонунан маннык үстэ ыҥыраллар, онно барытыгар аккаастаннахха, уочараттан уһуллаҕын, онтон хос турар эбиккин. “Первоочередниктары” бастакынан ыҥыраллар диэтилэр.
Үгүстэр бэрт түргэнник быһаарына охсоллор. Сорохтор саараҥныыллар, “толкуйдуохха сөп дуо?” дииллэр. Биир кыттааччы кэргэнигэр эрийэн: “Тулагы Киллэмҥэ ыллым. Миэнэ миэнин курдук саатар муннукка турар. Сибилигин этэҕит диэтилэр. Хайыыбын?” – диэн сүбэлэстэ. Анарааҥҥыта “буоллун, ылыахха” диэн сөбүлэстэ.
«Севернай» кыбаартал – дьон-сэргэ талаһар сирэ
Сир-уот сыһыаннаһыыларын агентствотын салайааччыта Сергей Тимошенко иһитиннэрбитинэн, онно инфраструктураны сайыннарыы үлэтэ өссө күүһүрүөхтээх. Үгүс учаастакка гаас, уот ситимэ тардыллан турар. Салгыы социальнай эбийиэктэр тутуллуохтаахтар.
– “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаҕа” үлэлиир кэллиэгэлэрим иһитиннэрбиттэринэн, Тулагы Киллэм нэһилиэгэр бэриллэр учаастактарга бу сыл бүтүөр диэри уот ситимэ тардыллыахтаах, эһиил аспаал суол оҥоһуллуохтаах. Гаас ситимин туһунан эттэххэ, билиҥҥитэ хаһан киллэрэллэрин этэр кыаҕым суох.
Бүлүүлүүр суол 16-с килэмиэтиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сир учаастактарын түҥэтии бу сыл бүтүүтэ эбэтэр эһиил былааннанар. Билигин онно сири бэлэмнээн, тыаны кэрдии үлэтэ барар. Ити федеральнай бас билиигэ киирэр сиртэн бэриллэр учаастактар буолуохтара. Маны сэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга Намсыырдыыр суолга сир бэлэмниибит.
Билиҥҥи туругунан быһа холоон 8600 дьиэ кэргэн уочаракка турар. 560 ыал 200 тыһ. солк. харчынан компенсацияны ылла. Өрөспүүбүлүкэ салалтата кээмэйин улаатыннардаҕына, өссө элбэх киһи онон туһаныа этэ, – диэтэ Сергей Васильевич Тимошенко.