11.04.2024 | 11:45

Босхо нейрогимнастикаҕа ыҥыраллар

Босхо нейрогимнастикаҕа ыҥыраллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Психоневрологическай диспансера (ЯРПНД) сарсыҥҥыттан, муус устар 12 күнүттэн, сарсыардааҥҥы нейрогимнастикаҕа ыҥырар. Босхо дьарыктары тэрилтэ психотерапевтара ыыталлар.
Гимнастикалар хас бэнидиэнньик, сэрэдэ уонна бээтинсэ ахсын сарсыарда 08.00 ч.  Дьокуускайдааҕы Психотерапия киинин тиэргэнигэр (Фёдор Попов уул., 16/4) ыытыллыахтара. Биир дьарык 15-20 мүн. уһуннаах.
Бырайыагы көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, ЯРПНД психотерапевт бырааһа Алтана Алексеева иһитиннэрэринэн, нейрогимнастика хамсаныы нөҥүө мэйии үлэтин тупсарарга көмөлөһөр, настарыанньаны көтөҕөр. Маннык дьарыктары бастакы уочарат кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэлэрин умнуган, болҕомтото суох, көһүүн курдук сананар дьоҥҥо сүбэлииллэр. Билсэр төл.: 8-924-864-5658, 507-968. Ол туһунан ЯРПНД пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...