“Бородино кыргыһыытыгар” ытыалаһыы
Ааспыт өрөбүллэргэ Москваҕа үгэс буолбут 11-с «Бородинская битва» спорт-трапка турнир буолла. Бу – стендовай ытыыга, чопчулаан эттэххэ, компакт-спортиҥҥа уратылардаах күрэхтэһии. Ол аата сыал (мишень) ытыы чыҥха атыннык, уратытык көтөр.
«Бородинская битва» турнир девиһэ – «Ким аҕыйахта сыыһара буолбакка, ким элбэхтэ табыыта!» Ол аата балаһааккаҕа орто түмүк 25 сыалтан 15-18 буолуохтаах.
Коммерческай турнирга (бириис уопсай пуондата 3 000 000 солкуобай) Саха сирин күүстээхтэн күүстээхтэрэ – Арассыыйа чемпионаттарын Кубогын кыайыылаахтара уонна призердара эрэ буолбакка, аан дойдутааҕы кылаастаах маастардар кытталлар.
«А» категорияҕа муҥутуур кыайыылааҕынан Саха сириттэн спорт маастара Николай Кобяков таҕыста. Бэргэн 200-тэн 150-нин тапта. Иккис миэстэни ылбыт Балашихаттан Виктор Николаев 141 очколаах, үһүс миэстэҕэ москвич Роман Родионов 130 эрэ сыалы тапта. Сыалы ытыы уратытын, онно саха уопуттаах, ааттаах спортсменнара, аан дойду уонна Европа чемпиона Айаал Макаров 12-с миэстэҕэ (116 очко), Арассыыйа уонна Арассыыйа Кубогын кэрдиистэрин бу сыллааҕы чемпиона Игорь Егоров 16 –с (112), Артур Николаев 25-с, (103) уонна Степан Чепалов 33-с (94) миэстэлэргэ тэбиллибиттэрэ көрдөрөр.
Супер бэтэрээннэргэ мэтээлгэ Саха сириттэн спорт маастара Василий Алексеев чугас этэ. Ол гынан баран, 78 очколаах хомолтолоохтук төрдүскэ тэбилиннэ. «В» категориялаах ытааччыларга үчүгэй көрдөрүүнү Альберт Кузьмин ситистэ. Маастарга кандидат алтыс миэстэлээх көрдөрүүлээх – 107 очколаах.
Ити курдук саха бэргэннэрэ бииртэн биир күрэхтэһиигэ, бу уустук көрүҥҥэ да баалларын көрдөрдүлэр. Идэтийдэхтэринэ, итиннэ да ситиһиилэниэхтэрэ диэн эрэнэбит.