22.03.2024 | 10:00

Борис Сдвижков — иккис сүүмэрдиир түһүмэх кыайыылааҕа

Борис Сдвижков — иккис сүүмэрдиир түһүмэх кыайыылааҕа
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” путевка былдьаһыылаах саха многоборьетыгар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионат Чурапчыга буолан ааста. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дьулустаан Борисов кэлэн, кыттыыны ылан, күрэхтэһии таһымын үрдэттэ. 
Хапсаҕайдьыт, комментатор, Алаҕар нэһилиэгин баһылыга Иван Оконешников күрэхтэһии хаамыытын сэргэхтик сырдатта. Сүрүн судьуйанан “Дыгын оонньууларын” үс төгүллээх Аан Дархана Иннокентий Макаров, сэкирэтээрдэринэн Намыына Константинова, Дмитрий Саввинов эҥкилэ суох үлэлээтилэр.

Күлүмэх сүүрүүлэр, кытаанах бырахсыылар

Икки күннээх сытыы эрийсиилээх, сындааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн үчүгэй бэлэмнээхтэр көрүҥтэн көрүҥ аайы бириистээх миэстэлэргэ тикситэлээтилэр.

Дьахталлар төрдүөлэр. Евгения Адамова (Уус Алдан) абсолютнай кыайыылаах аатын ылла. Варвара Саввинова (Мииринэй) – иккис, Орто Халыматтан Кэрэчээнэ Кириллина үһүс миэстэлэннилэр.

70 кг диэри ыйааһыннаах 16 боотур күөн көрсүһүүтүгэр Петр Прудецкай (Дьааҥы) оҕунан ытыыга – бастакы (“куһу” табан 7 очко), 400 м сүүрүүгэ (57,32 сөк), хапсаҕайга уонна тааһы көтөҕүүгэ (167 м 70 см) иккис миэстэлэри ылаттаан, 18 очколаах бастаата. Артем Дьяконов (Кэбээйи) “тутум эргииргэ” (66), хапсаҕайга, тааһы көтөҕүүгэ (180 м) – бастакы, “үс төгүл үскэ” (33 м 43 см) иккис үчүгэй көрдөрүүлэрдэнэн, 20 очколаах – иккис; Валентин Афанасьев (Ньурба) “үс төгүл үскэ” (34 м 65 см) уонна 400 м (57,09 сөк) бастаталаан, үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

70 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга 22 боотур утарыта киирсиитигэр Борис Сдвижков (Амма) “тутум эргииргэ” (61) – бастакы, “үс төгүл үскэ” (32 м 26 см), 400 м (57,11 сөк), хапсаҕайга үһүс үчүгэй көрдөрүүлэрдэнэн, 31 очколаах чөмпүйүөннээтэ. Алексей Соколов (Сунтаар) оҕунан ытыыга (“куобаҕы”, “куһу”, тииҥи” табыталаан) – бастакы, “тутум эргииргэ” (59) иккис көрдөрүүлэрдэнэн, иккис миэстэлэннэ. Николай Обоев (Ньурба) “үс төгүл үскэ” (33 м 90 см) – иккис, мас тардыһыыга үһүс көрдөрүүлэнэн, үһүс буолла.

Биирдиилээн көрүҥнэргэ бастаабыттар Чурапчы улууһун дьаһалтата туруорбут 10-нуу тыһ.солк., миэстэлэспиттэр өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан; үстүү абсолютнайдар, туһааннааҕынан, кубоктарынан, мэтээллэринэн, 50-40-30 тыһ.солк. харчынан, дипломнарынан наҕараадаланнылар. Наҕараадалары Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу хампаанньатын гендириэктэрэ Алексей Пинигин, улуус баһылыга Степан Саргыдаев туттартаатылар.

Ону таһынан түөрт бастыҥ көрдөрүүлэммиттэр: Борис Сдвижков (Амма), Алексей Соколов (Сунтаар), Николай Обоев (Ньурба) уонна Павел Друзьянов (Чурапчы) путевкалары ылаттаатылар. Биллэрин курдук, бу иннинэ Бороҕоҥҥо түөрт боотур  – Горнайтан Дьулустаан Ноговицын, Кэбээйиттэн Артем Дьяконов, Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев, Кэбээйиттэн Яков Дмитриев путевкалары ылаттаабыттара.

Эбии өссө түөрт боотуру сүүмэрдиир үһүс күрэхтэһии муус устар ыйыгар Дьокуускайга “Триумф” спорт уораҕайыгар буолуоҕа.

Чемпионакка хамаанданан түмүккэ Чурапчы бастаата, Ньурба – иккис, Кэбээйи үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Үс бастакы “Дыгын оонньууларын” Аан Дархана, сүрүн судьуйа Иннокентий Макаров: “Кытаанах киирсиилэр буоллулар. Николай Матаннанов курдук кыахтаах боотурдар путевкаҕа кыл-мүччү тиксибэтилэр. Кэлэр сүүмэрдээһин өссө сытыырхайара күүтүллэр. Баҕалаах элбэх. Биһиги кэммитигэр тэҥнээтэххэ, уолаттар бэлэмнэрэ уонна сайдыылара сүрдээх ыраах барбыт. Дьарыктанар ньымалара уларыйбыт. Астарын-үөллэрин көрүнэр, спортивнай аһылыгы, витаминизацияны туһанар буолбуттара көстөр. Улахан эчэйиини ылбатахтара дьарыктара сөпкө баран иһэрин туоһулуур. Үҥсүүлэр, претензиялар киирбэтэхтэрэ күрэхтэһии таһымын, сайдан иһэрбитин көрдөрөр”.

 

Борис Сдвижков: “Путевка ылар иһин кэлбитим, бэлэмим үчүгэй этэ. Анаан-минээн многоборьенан дьарыктаммытым. Чурапчы дьонугар махталбын тиэрдэбин, “ыалдьан” көмө-тирэх буолбуттарыгар. Былырыын “Тоҕус томторго” төрдүс буолбут кыһыыбын дакаастыыр санаа баара. “Дыгыҥҥа” диэри өссө күүскэ дьарыктаныаҕым. Маһым мөлтөөбүт, онтукайбын чочуйуом. 27-бин туоллум, саас ыраатан эрэр, онон результакка үлэлээн эрэбин. “Дыгын оонньууларыгар” инники 7-с уонна 11-с миэстэ буолуталабытым. Дьокуускайга ДЮСШ-1 мас тардыһыытыгар тренеринэн үлэлиибин”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Уонна хаһан?
Дьон | 29.12.2024 | 14:00
Уонна хаһан?
Мин 1956 сыл от ыйын 2 күнүгэр Бүлүү оройуонун Бөкчөҥө нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Дмитриева Евдокия Кириковна – тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Аҕам Михайлов Иван Васильевич – Аҕа дойду сэриитин, үлэ бэтэрээнэ. Иккиэн колхуос, сопхуос тутаах үлэһиттэрэ этилэрэ...   Бэйэм 1976 сыллаахха бэтэринээр идэтин ылан, Нам оройуонун “Искра” бөһүөлэгэр ананан үлэлии барбытым. Онно...