08.06.2023 | 18:00

Борис Ельцин аатынан Бэрэсидьиэн библиотекатын баай пуондатын туһанар кыахтаннылар

Борис Ельцин аатынан Бэрэсидьиэн библиотекатын баай пуондатын туһанар кыахтаннылар
Ааптар: СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ
Бөлөххө киир

Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы бэрэсидьиэнин архыып библиотекатыттан Борис Ельцин аатынан РФ бэрэсидьиэнин библиотекатыгар киириэххэ сөп буолла. Ельцин аатынан библиотекаҕа история, Арассыыйа судаарыстыбаннаһын, нуучча тылын баай докумуоннара сыыппараҕа көһөрүллэн хараллан сыталлар.

Библиотека сүрүн офиһа Санкт-Петербурга баар, ону таһынан Москубаҕа уонна Тюмень куоракка салаалара үлэлииллэр, оттон дойду үрдүнэн балтараа тыһыынча, 33 тас дойдуга 49 электроннай ааҕар саала баар.
Николаев кииҥҥэ электроннай ааҕар саала аһыллыытыгар Ельцин аатынан Бэрэсидьиэн библиотекатын регионнары кытта үлэҕэ департаменын дириэктэрэ, Тюмень уобалаһыгар үлэлиир библиотека салаатын дириэктэрэ Олег Шор кэлэн ыалдьыттаата.


“Саха сиригэр аан бастакытын ыраахтан олорон Ельцин аатынан библиотекаҕа киирии СӨ Национальнай библиотекатыгар уонна Ил Түмэҥҥэ аһыллыбыттара. Онон бу үһүс буолар. История докумуоннарын үөрэтэргэ улахан көмө буолуоҕа. Чапаево сэлиэнньэтигэр аһыллыбыта ордук үөрдэр, тоҕо диэтэххэ манна оҕо сайдарыгар, үөрэххэ күүскэ болҕомто ууруллар. Бүгүн Чапаево сэлиэнньэтэ – науканан дьарыктанар ыччат биһигэ. Манна Наука дьоҕус академията үлэлиир, бүтүн өрөспүүбүлүкэ оҕото, ыччата мустар, онон патриотическай иитиигэ эмиэ туһалаах буолуоҕа”,  — диир Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын дириэктэрэ Саргылана Максимова.
“Арассыыйа маҥнайгы национальнай электроннай библиотекатыгар киирэр кыахтанныгыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ 90 мөлүйүөнтэн тахса сканнаммыт докумуон хараллан сытар. Үөрэх сайдыытыгар бу эмиэ, биллэн турар, төһүү күүс буолар. Оҕо, ыччат үчүгэй үөрэҕи ылынарын туһугар дойдубут биллэр үөрэх кыһаларын, академияларын кытта күүскэ үлэлэһэбит”, — диэн Олег Шор  эҕэрдэлээтэ.
“Оҕолорбут, кэнэҕэски ыччаппыт, ааҕааччыларбыт кэлэн, Бэрэсидьиэн библиотекатын докумуоннарыгар олоҕуран, билим эйгэтигэр саҥа арыйыылары оҥоруохтара диэн баҕа санаабын тиэрдэбин”, — диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Ноев.

Ельцин аатынан Бэрэсидьиэн библиотеката 2009 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр аһыллыбыта уонна Арассыыйа судаарыстыбаннаһын историятын, теориятын уонна практикатын докумуоннарын, нуучча тылын кинигэлэрин харайар, ону таһынан Арассыыйа национальнай библиотекатын аатын сүгэр уонна мультимедийнай киин быһыытынан үлэлиир. Манна Бэрэсидьиэн библиотекатын электроннай үлэтигэр тыһыынча кэриҥэ киһи уонна тэрилтэлэр кыттыһаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...