23.09.2022 | 12:00

Большой театр гастрола саҕаланна

Большой театр гастрола саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Большой театр  112 киһилээх гастрола саҕаланна, тэрээһиннэр балаҕан ыйын 23 уонна 24 күннэригэр Опера уонна балет театрын сыанатыгар буолуохтара диэн иһитиннэрдэ Большой театр   пресс-сулууспатын салайааччыта Екатерина Новикова.

«Москваттан кэлбит 112 киһи – балет артыыстара, оркестр, уус-уран састаап уонна театр салалтата», - диэн бэлитээтэ өрөспүүбүлүкэ култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Лёвочкин.

««Кармен» балеты толорорго маннааҕы сыана кээмэйэ толору эппиэттиир. Кэнсиэринэн эрэ муҥурдаммакка, эһиги сыанаҕытыгар бүтүн испэктээкили көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт», - диэтэ Большой театр   пресс-сулууспатын салайааччыта Екатерина Новикова.

Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, балет билиэттэрин көрөөччүлэр эрдэттэн атыыласпыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...