“Больничнайы” онлайн оҥотторуҥ
Коронавирус тарҕаммыт дойдутуттан кэлбит дьон уонна кинилэри кытта бииргэ олорор дьон бүлүтүөнү дьиэттэн олорон ылыахтарын сөп.
Тас дойдуттан кэлбит дьону бүлүтүөҥҥэ ыытыы бэрээдэгэ пандемия кэмигэр уларыйан турар. Социальнай страховкалааһын пуондатын сайтыгар сайаапка түһэриэххэ эрэ наада.
“Самоизоляцияҕа” олорон больничнайга барарга:
1. fss.ru сайтка киирэҕит;
2. Сайабылыанньа толороҕут;
3. Туһааннаах докумуоннар хаартыскаларын угаҕыт.
Маннык ньыманан кыраныысса таһыттан кэлбит дьон эрэ буолбакка, кинилэри кытта бииргэ олорор, үлэлии сылдьар дьиэлээхтэрэ бүлүтүөн оҥоттороллор.
Больничнай бастакы төлөбүрэ 5 күнүнэн түһүөхтээх.
Оттон олохтоох, ханна да барбатах-кэлбэтэх дьон ыарыйдахтарына, поликлиникаларыгар эрийэн, быраас ыҥыраллар. Поликлиникаҕа тиийэр наадата суох.
Балыыһаларга барыларыгар былааннаммыт эмкэ киирии, чинчийиини ааһыы тохтоон турар. Ураты эрэ түгэннэргэ приемҥа ыҥырыахтарын сөп. Поликлиникалар үксүн дьиэҕэ кэлэн көрөллөр. Эми ырысыабынан ылыы, ырысыап суруттарыы бэрээдэгэ уларыйа илик.
Коронавирус анаалыһын баҕалаах барыта туттарбат
“Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр” диэн баар. Ол сиэринэн дьон билигин тумуулаабыт, кирииптээбит эрэ барыта коронавируска анаалыс туттарыан баҕарар. Арассыыйа киин куораттарыгар массыанньыктар коронавирус сымыйа тест-полоскаларын албыннаан атыылаабыттара ыраатта. Биһиэхэ бу көстүү билиҥҥитэ кэлэ илик.
Ил Дархан саҥа ыйааҕыгар олоҕуран, коронавирус инфекциятыгар бэрэбиэркэни ааһар дьон араҥата чуолкайдаммыта:
- Өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн тумуу сибикилээх кэлбит дьон;
- Коронавируһунан ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыт дьон;
- “Внебольничная пневмония” диэн диагнозтаах дьон;
- 65 саастарыттан үөһээ саастаах, ыалдьан дьиэлэригэр быраас ыҥырыммыт дьон;
- Коронавирустаах дьону эмтиир медиктэр нэдиэлэҕэ биирдэ анаалыс туттараллар.
Маны таһынан, коронавирус анаалыһын интэринээккэ, суукканы төгүрүччү анал дьиэлэргэ олорор дьон, ыарыы сибикитэ билиннэ да, туттараллар.
Быһа линияҕа хаһан эрийэбит
Доруобуйа харыстабылын быһа линията: 8-800-100-14-03
- “1” баттаатахха, доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар хоруйу ылыаххыт;
- “2” – социальнай харысхал уонна үлэ боппуруостарыгар;
- “3” – волонтердар көмөлөрүн ыларга;
- “ * ” – операторы кытта кэпсэтэҕит.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, тас дойдуттан кэлбит дьон, манна эрийэн, ханна баалларын иһитиннэрэллэр.