25.07.2020 | 18:03

Болдьохтон хаалыыны туоратарга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат кыстыкка билиҥҥэттэн бэлэмнэнэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат баһылыга Сардаана Авксентьева видеоконференц сибээһинэн тустаах штаб үлэтин билистэ.

Баһылык солбуйааччыта Роман Сорокин иһитиннэрбитинэн, 1763 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ ититии систиэмэтэ ыраастанна. Былырыын бу кэмҥэ 1723 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хабыллыбыт. Уопсайа 2704 дьиэҕэ ыраастааһын үлэтэ ыытыллыахтаах.

От ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, Дьокуускайга ититии сезонугар былаан 40,4 бырыһыана туолла. Киин, Губинскай, Промышленнай уокуруктар үрдүк көрдөрүүлээхтэр, Сайсары, Марха микрооройуона, Маҕан, Табаҕа, Тулагы-Киллэм –  намыһах.

“Ааспыт кыһын теплоноситель температурата намыһах диэн олохтоохтор үҥсүбүттэрэ. Бэрэбиэркэ кэмигэр дьиэлэргэ сылааһы биэрии нуормаҕа эппиэттиирин, оттон кыбартыыраларга тымныытын быһаарбыппыт. Оннук буоллаҕына, бүтүн дьиэ үрдүнэн ыраастааһын үлэтэ куһаҕаннык ыытыллыбыт”, – диэтэ Сардаана Авксентьева. Онон тустаах дьон үлэни тутуохтарын иннинэ,  дьиэлэр ситимнэрин ыраастааһыҥҥа улахан болҕомтону ууралларыгар соруйда.

“Теплоэнергия” акционернай уопсастыба иһитиннэрбитинэн, бэлэмнэнии үлэтэ болдьоҕу тутуһар, итии уунан хааччыйыы ситимин өрөмүөнэ былааны аһара толорон иһэр. Маны таһынан тэрилтэ болдьохтон хаалан иһэр салайар хампаанньалары ааттаталаата. Онуоха баһылык солбуйааччыта Роман Сорокин ол хампаанньалары кытта көрсүһэргэ, хаалыы биричиинэтин быһаарарга этии киллэрдэ.

“Атырдьах ыйын 1 күнүгэр ититии сезонугар бэлэмэ суох буолуу туһунан иһитиннэриини Дьокуускай куорат прокуратуратыгар тиэрдиэхпит”, – диэтэ Сардаана Авксентьева.

БКЭ болдьоҕо көһөрүллэн, сыҕарыйан биэрэн, ититии сезонугар бэлэмнэнии үлэтэ хойутаан саҕаламмыт. Ол эрээри эксээмэннэр түмүктэннэхтэринэ, көрдөрүүнү ситиһиэхпит диэн үөрэх управлениета эрэннэрдэ. “БКЭ-ни атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри ыытабыт. Ол кыстыкка бэлэмнэниигэ мэһэйдиэ суоҕа”, – диэтэ үөрэх управлениетын үлэһитэ.

Дьокуускай куоракка баар доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин ылан көрдөххө, 70 эбийиэктэн 20-тигэр ититии ситимин ыраастаатылар. Бу ый бүтүөр диэри былаан 50 бырыһыана туолуохтаах, эбии 16 эбийиэккэ үлэ барыахтаах.

Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын тэрилтэлэрин 14 эбийиэгэр үлэ түмүктэммит. Ол аата уопсай былаан 45 бырыһыана туолбут. Дьокуускай куорат уокуругун физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын иһитиннэриитинэн, бу ыйга 7  спортивнай оскуолаттан түөрдүгэр сүрүн үлэ түмүктэммит.

“Бу ый бүтүөр диэри болдьохтон хаалыыны туоратарга сүрүн болҕомтону ууруохха диэн өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин. Өскөтүн үлэ хаамыыта тэтимирбэтэҕинэ, атырдьах ыйын 1 күнүгэр прокуратураҕа тиэрдиэхпит”, – диэн этиинэн куорат баһылыга мунньаҕы түмүктээтэ.        

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....