Болҕойуҥ: чараас мууска кииримэҥ!
Итиннэ эбии халтараанынан сибээстээн уһулуччу сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Куттал суоһабатын курдук, суоппардар суол быраабылаларын тутуһуҥ, тырааныспар суолугар сылаас таҥаскытын, уматыккыт саппааһын илдьэ сылдьыҥ.
Чараас мууһунан айанныыртан туттунуҥ, халыҥыырын кэтэһиҥ, өрүһү туоруур сирдэргэ турар информационнай бэлиэлэргэ болҕомтолоох буолуҥ. Мууска түргэнник сүүрдэн кииримэҥ, киирдэххитинэ – тохтоомоҥ, атын массыыналары ситэ сатаамаҥ, ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйимэҥ. Тумаҥҥа, буурҕаҕа айанныыртан туттунуҥ.
Өрүс суола сабыллар болдьоҕо:
- киин өрүстэргэ – алтынньы 10 - 22 күннэриттэн,
- Алдан өрүскэ – алтынньы 12 күнүттэн,
- Өлүөнэ – Алдан өрүс тардыыта – Дьокуускай учаастагар – алтынньы 16 күнүттэн,
- Дьокуускай – Сиинэ учаастакка – алтынньы 18 күнүттэн.
Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх икки ардыгар паром сырыыта быһа холоон алтынньы 16 - 20 күннэригэр тохтуура былааннанар. Бүлүү өрүһү туорааһын балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 3 күнүгэр диэри тохтоото, Алдан өрүскэ «Мэҥэ Алдан – Кэскил» туорааһын, күн-дьыл туругуттан көрөн, алтынньы 14 - 16 күннэригэр тохтуоҕа.