Болҕойуҥ: 2, 5, 7, 8, 15, 19, 35 и 41 №№-дээх оптуобустар уларыйбыт маршрутунан сылдьаллар
Петр Алексеев уулуссатыгар (Лермонтов уулуссатыттан Поярков уулуссатыгар диэри) гаас ситимин уларытыы ыытылларынан маннык уулуссаларга тырааныспар сырыыта тохтуур:
– Лермонтов уулуссата «Вавилон» эргиэн дьиэтин оройуонугар: Лермонтов уул., 42 сарсыарда 09:00 чаастан бэс ыйын 9 күнүгэр киэһэ 24:00 чааска диэри;
– Петр Алексеев уулуссатыгар «Олимп» эргиэн киинин таһыгар: Лермонтов, 33 аадырыстан бэс ыйын 10 күнүгэр сарсыарда 09:00 чаастан бэс ыйын 12 күнүгэр киэһэ 24:00 чааска диэри.
Маны сэргэ үрдүк күүрүүлээх гаас ситимин тардыынан Лермонтов уул. Бүлүү суолун кытта быһа охсуһуутугар бэс ыйын 9 күнүгэр киэһэ 22:00 чаастан бэс ыйын 18 күнүгэр киэһэ 23:00 чааска диэри
2, 5, 7, 8, 15, 19, 35 уонна 41 №№-дээх маршрутнай оптуобустар уларытыллыбыт схеманан айанныахтара.
Ол туһунан Пассажирдары тиэйиини тэрийэр МКУ иһитиннэрэр.