07.11.2021 | 16:00

Болҕомтоҕут уҕараабатын

Ааптар: Татьяна Олесова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Бөлөххө киир

Билигин киһи туохтан барытыттан куттанар, дьиксинэр кэмэ кэлэн турар.

Быйыл сайын дойдубар тахсан сайылаан олордохпуна, поликлиникаттан эрийэн, аналиһыҥ мөлтөх, киирэн көрдөрдөххүнэ табыллыыһы диэннэр, кырдьаҕас киһи санаам түһэ, утуйар уум аймана сырыттым. 
Киирэммин талоҥҥа тиксэммин, направление биэрэннэр, биир сарсыарда эрдэ 17-с кыбаарталга үлэлиир поликлиникам филиалыгар көрдөрүнэ айаннаатым. 
Нэдиэлэ устата икки, үс күн арыттаах икки суол көрдөрүүнү аастым. Ыарахан соҕус процедуралары этэҥҥэ ааһаммын, арыый уоскуйарга дылы буоллум. Эндоскопическай кабинекка көрдөрүнэ киирэр дьон салла соҕус уочаракка олороллорун бу күннэргэ көрөн итэҕэйдим.
Бачча сааспар диэри ыарыһахха, кыһалҕаларынан көрдөрүнэ кэлэр дьоҥҥо эйэҕэстик, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар эмп үлэһиттэрин көрсө илик эбиппин. Идэлэригэр чахчы бэриниилээх эрэ дьон үлэлиир кабинеттара эбит диэн бигэ санааҕа кэллим. Күннэтэ араас ыарахан да туруктаах дьону көрөр-истэр манан аҕай буолбатаҕа чахчы. Ол курдук кинилэр (быраас уонна сиэстэрэ) үлэлэрэ эппиэтинэстээҕин, ыараханын өйдөөн, букатын биир киһи курдук ыарыһахтарын көрөр-истэр эбиттэр. 
Бу эндоскопическай кабинекка күннэтэ элбэх ыарыһах кинилэр көрүүлэрин, быһаарыыларын ааһар буолуохтаах. Тута ыарыы түмүгүн суруйан, наада буоллаҕына быһааран, илиилэригэр туттаран ыытар эбиттэр.
Кабинет үлэһиттэрэ кимнээҕин сыыйа билиһиннэрдэххэ, сиэстэрэнэн Тамара Гаврильевна Алексеева диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна үлэлиир. Кини түөрт оҕо күн күбэй ийэтэ, 7 сиэн тапталлаах эбээтэ. Тамара Гаврильевна 2019 сыллаахха «Лучшая медсестра параклинической службы» диэн ааты ылар чиэстэммит. 
2020 сыллаахха поликлиника иһинэн «Лучший по профессии» диэн сиэстэрэлэр үлэлэрин түмүк кыайыылааҕа буолбут. Бу I №-дээх поликлиникаҕа Тамара Гаврильевна 1995 сыллаахтан үлэлиир. Аата-суола да этэринэн, үлэтигэр кыһамньылааҕа, ыарыһахха болҕомтолооҕо тута харахха быраҕыллар. Тамара Гаврильевна, этэҥҥэ сылдьан, өссө да бу эппиэттээх үлэҕэр үлэлээ, ыарыһах дьон махталын ыла тур диэн ис сүрэхтэн баҕарабын. Эн курдук эйэҕэс-сайаҕас, кыһамньылаах, болҕомтолоох сиэстэрэ элбии турдун!
Оттон бырааһынан үрдүк квалификационнай категориялаах эндоскопист быраас, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна Аркадий Егорович Едукин үлэлиир эбит. Кини 1993 сыллаахха Красноярскай куорат  Мединститутун бүтэрбит. Аркадий Егорович хоту Аллайыаха улууһун Чокуурдааҕыттан төрүттээх эбит, эмиэ түөрт оҕо амарах аҕата, биир сиэннээх. I №-дээх поликлиникаҕа 2006 сылтан үлэтин саҕалаан, номнуо 15 сыл буола охсубут. Аркадий Егоровичтан үлэҥ, идэҥ туһунан кыратык сэгэтэн кэпсиэҥ дуо диэбиппэр, маннык кэпсиир: «Мин сиэстэрэбэр табыллыбыт бырааспын. Ол курдук, Тамара Гаврильевналыын биир тыла суох өйдөһөн, тапсан үлэлиибит. Профессиональнай өттүнэн медицинскэй процедура, биопсия ылаары гыннахпына, тута элбэх саҥата суох биир санааҕа кэлэбит.
Билиҥҥи кэмҥэ онкология наһаа элбээтэ. Ол иһин биһиги эндоскопическай кабинеппыт поликлиникаҕа аһыллыбыт «Центр амбулаторной онкологической помощи” састаабыгар киирсэр. Куртаҕы, очоҕоһу бүтүннүү иһиттэн көрөбүт. Урология өттүнэн хабаҕы эмиэ анал эндоскобунан диагностика оҥоробут. Рак ыарыы баар, ол иһин эрдэттэн диспансеризация ааһыахха наада. Куттаммакка куртаҕы, очоҕоһу кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэ сылдьыахха наада», - диэн түмүктээтэ Аркадий Егорович. 
Ити курдук кэмигэр кэлэн көрдөрүнэн, харыстана, бэрэбиэркэлэнэ сылдьарбар элбэх сүбэ-ама ылан дьиэлээтим. 
Дириҥ билиилээх, идэлэрин чахчы баһылаабыт Тамара Гаврильевнаҕа уонна Аркадий Егоровичка кыһалҕалаах дьоҥҥо өрүү болҕомтоҕут уҕараабатын, үлэҕит таһаарыылаах буоллун диэн баҕарыыларбын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...