13.12.2020 | 19:45

БКЭ: эрдэттэн бэлэмнэнэбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сылга БКЭ туттарааччылар, болҕойуҥ! Эксээмэннэр ыытыллар болдьохторун, бүтэһик уларыйыылары, туһалаах иһитиннэриилэри бэлэмнээтибит, наадалаах сайтары, аккауннары, төлөпүөннэри таһаардыбыт.

Бастакы хардыы – сайабылыанньа

Эһиил БКЭ туттарааччылар, сайабылыанньаларгытын 2021 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри суруйаҕыт. Онтон хойутаабаккыт. Оскуоланы эһиил бүтэрээччилэр сайабылыанньаларын оскуолаларыгар туттараллар. Оттон урукку сыллар выпускниктара олорор сирдэригэр (прописка ирдэммэт) баар оскуолаҕа эбэтэр үөрэх управлениетын муниципальнай уорганнарыгар суруйаллар, аттестаттарын бэйэтин буолбакка, куоппуйатын (нотариуһунан бигэргэммит) да туттарыахтарын сөп. Доруобуйаларыгар хааччахтаах үөрэнээччилэр уонна урукку сыллар выпускниктара сайабылыанньаларын биэрэллэригэр ПМП хамыыһыйата бигэргэппит мэктиэ суругун куоппуйатын, оттон инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолор МСЭ биэрбит ыспыраапкатын куоппуйатын туттараллар. Докумуоннаргыт эксээмэннэр түмүктэниэхтэригэр диэри болдьохторо ааспатах буолуохтаахтар. Инбэлиит оҕо БКЭ туттарарыгар туох эрэ ураты усулуобуйаҕа наадыйарын сайабылыанньатыгар хайаан да чопчу ыйыахтаах.

Түмүктүүр өйтөн суруйуу ыытыллар болдьоҕо билиннэ

Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтэ уонна Рособрнадзор 2020-2021 үөрэх дьылыгар түмүктүүр өйтөн суруйуу (аахпыттан суруйуу) саҥа расписаниетын таһаарда. Ол курдук, сүрүн болдьох – 2021 сыл муус устар 5 күнэ, эбии болдьох – муус устар 21 уонна ыам ыйын 5 күннэрэ. Кэнники ыйыллыбыт күннэргэ бу иннинэ сатаан туттарбатах уонна сүрүн болдьоҕу кэккэ биричиинэнэн көтүппүт выпускниктар өйтөн суруйуохтара. Доруобуйаларыгар хааччахтаах үөрэнээччилэр өйтөн суруйуу оннугар аахпыттан суруйууну талар бырааптаахтар.

Эксээмэн туттарааччыларга көмөлөһөөччү баар буолла

БКЭ, ОГЭ туттарааччыларга, учууталларга “Навигатор ГИА” диэн көмөлөһөөччү баар буолла. Бу Рособрнадзор уонна ФИПИ (Педагогическай тургутуулар федеральнай института) холбоһуктаах бырайыактара. Рособрнадзор сайтыгар сыһыарылла сылдьар. Ол курдук, nav-gia.obrnadzor.gov.ru араас туһалаах матырыйааллары түмэн, хомуйан укпуттар, тэттик видеороликтары киллэрбиттэр. Барыта саас-сааһынан, орун-оннугар. Киһи муммат. Рособрнадзор салайааччыта Анзор Музаев: “Пандемия кэмигэр үөрэх тэриллиитэ хайдах курдук уустугун өйдөөн туран, выпускниктар уонна учууталлар эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэллэригэр туһалаах информацияны көрдүүллэригэр арыый чэпчэки буоллун диэн бу навигаторы бэлэмнээтибит”, – диэн иһитиннэрбитэ. Чахчы даҕаны, киирэн көрдөххө, олус туһалаах навигатор, этэргэ дылы, үөрэнээччилэргэ, учууталларга, эксээмэни тэрийээччилэргэ көрөр харах, истэр кулгаах оруолун толорор кыахтаах эбит. Кылааска дьарыктанарга, бэйэҥ да бэлэмнэнэргэр табыгастаах. “БКЭ бэлэмнэнэргэ матырыйааллар”, “ОГЭ бэлэмнэнэргэ матырыйааллар”, “Учууталларга аналлаах матырыйааллар” диэн үс сүрүн салаалаах. Онон барыта чөкө, сааһыламмыт. Туох уларыйыылар буолалларын көрө-билэ олорорго үчүгэй. Бүгүн биһиги nav-gia.obrnadzor.gov.ru киирэн, БКЭ туттарааччыларга туох туһалаах баарын ырытыахха. Арыйа баттыыбыт – эрдэ этэн ааспыт үс сүрүн салаабыт тахсан кэлэр. Салгыы бардахха, бииртэн биир түһүмэх кэлэр. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдуохха, сүрүн тосхоллорго тохтуохха. “БКЭ бэлэмнэнэргэ матырыйааллар”. Манна хас биирдии предмет хайдах ыытыллара сиһилии суруллубут, наадалаах сайтар сыылкалара бааллар. Үксүн Педагогическай тургутуулар федеральнай институтун сайтыгар сирдиир. Хонтуруоллуур, тургутар матырыйааллары (КИМ) туһаныаххытын сөп. Олус да элбэх матырыйаал түмүллүбүт! Киһи сөҕөр-махтайар. “Түмүктүүр өйтөн суруйууга бэлэмнэнэргэ матырыйааллар” диэн түһүмэҕи үгүс үөрэнээччи, учуутал киирэн көрөр буолуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, 2020-2021 үөрэх дьылын түмүктүүр өйтөн суруйуу тиэмэлэрин хайысхалара номнуо бигэргэтиллибит:

  1. Забвению не подлежит
  2. Я и д?ругие
  3. Время перемен
  4. Разговор с собой
  5. Между прошлым и будущим: портрет моего поколения Түмүктүүр өйтөн суруйуу хаһан, хайдах ыытыллара ыйыллыбыт. Тэрийээччилэр быһаарыылара барыта баар. Хас биирдии ирдэбили ааттаан туран, холобурдуу-холобурдуу ырыппыттар, сүбэлээбиттэр. Биир тиэмэҕэ хас да оҕо үлэтин киллэрбиттэр уонна үөрэнээччилэр ордук туохха алҕаһы оҥороллорун судургутук быһаарбыттар. “Ыйытыҥ – хоруйдуубут” диэн салаа баар. Үөрэнээччилэр, учууталлар ыйытыктарыгар хоруйдууллар эбит. Киирэн көрүҥ. “Аахпыттан суруйуу матырыйаалларын хомуурунньугун” киирэн көрөөрү гыммытым, тута хачайдаан ылла. Тиэкис ааптара, хас тыллааҕа ыйылла сылдьар. Кылгаабыта 300 тыллаах буолар эбит. “БКЭ бэйэлэрэ бэлэмнэнээччилэргэ методическай сүбэлэр” диэн салааҕа киирдэххэ, чопчу предметтэр ааттара тахсар. Онтон талан киирэҕит. БКЭ хонтуруоллуур-тургутар матырыйаалларын оҥорбут дьон урут үөрэппит тиэмэлэргитин хатылааһыҥҥа сүрүн болҕомтону уураргытыгар сүбэлииллэр, үгүстүк көстөр эксээмэн туттарааччылар алҕастарын ырыталлар. Холобур, нуучча тылын көрөбүт. Ааптар, хомуйан оҥорооччу И.П. Цыбулько методическай сүбэлэрин хачайдыаххытын сөп. Географияҕа – В.В. Барабанов. “БКЭ сорудахтарын аһаҕас баана” эксээмэн матырыйаалларыгар сирдэтэргэ, сорудахтары толорорго көмөлөһөр. Тиэмэлэринэн наардаммыт. Уруккуну хатылыырга, билиигин тургутарга олус үчүгэй. 2020 сыл биир кэлим эксээмэнигэр туттуллубут сорудахтар киллэриллибиттэр. Кырдьык, барыта аһаҕас. Сорудах элбэх. Холобур, нуучча тылын салааларын маннык араарбыттар: Фонетика Лексика и фразеология Морфемика и словообразование Грамматика. Морфология Грамматика. Синтаксис Орфография Пунктуация Речь Языковые нормы Выразительность русской речи Информационная обработка текстов различных стилей и жанров

Салгыы “БКЭ хонтуруоллуур, тургутар матырыйаалларын бэлэмнээбит ааптардар видеонан консультациялара” баар. Бу эмиэ туспа сылдьар. Үөрэнээччи туохха болҕомто ууруохтааҕын, тугу ордук дьаныһан хасыһыахтааҕын сүбэлииллэр. Үөрэнээччилэр, учууталлар комментарий суруйан хааллараллар эбит. Сороҕор сөбүлэспэттэр, мөккүһэллэр, уопсайынан, кэпсэтиигэ олус көхтөөхтөр. Биһиги БКЭ туттарарбыт саҕана маннык туох да суох этэ. Билигин интэриниэккэ информация, этэргэ дылы, ыһылла сытар. Көрдөөн булуохха эрэ наада. Хата, матырыйаал суруйа олорон, аараттан биһиги элбэҕи билэбит-көрөбүт, сорох ардыгар билиҥҥи оҕолорго ымсыыран ылабыт.

Туһалаах төлөпүөннэр, сайтар, аккауннар Рособрнадзор Төл.: +7 (495) 984 89 19 БКЭ туһунан сиһилии билсэр төл. +7 (495) 104 68 38 Инстаграм @rosobrnadzor

СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ: БКЭ быһа линията: 42-10-46 ОГЭ быһа линията 42-10-48 Сайт – minobrnauki.sakha.gov.ru Инстаграм – @minobrnauki_ykt, @minobrnauki_ykt_ege_oge

Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын үөрэххэ управлениета Төл. 40-80-50, 42-00-70 Сайт – yaguo.ru Инстаграм – @yaguo.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...