29.11.2020 | 12:46

БИЗНЕС ҮТҮӨ САНААНАН САЛАЙТАРДАҔЫНА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин киһиэхэ барытыгар уустук кэм үүннэ. Ол эрээри ханнык баҕарар быһыыга-майгыга биһиги киһи сиэриттэн тахсыа суохтаахпыт. Пандемия кэмигэр медиктэргэ, инфекция утары үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөспүт предпринимателлэри таһаарабыт.

Биир да  тэрилтэ салайааччыта  үтүө дьыаланан дьарыктана сылдьарын туһунан кэпсээн түөскэ охсумматын олус астынным. Ким тугунан көмөлөспүтүн туһунан кэпсээни бэйэлэриттэн нэһиилэ ыган таһаардым. Ыгым кэмҥэ абырал буолбут, үтүө санаалаах предпринимателлэри билсиҥ.

ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ПРЕДПРИНИМАТЕЛЬ ЫАЛ

Улуустарга, ыраах нэһилиэктэргэ пандемиябыт саҥардыы тиийэн үөһэ-аллара түһүтэлии сылдьаллар. Аҕыйах хонуктааҕыта Васильевтар ыал Майатааҕы 2 №-дээх киин балыыһа инфекционнай отделениетыгар көмө оҥордулар. Ол туһунан Анна, Игорь Васильевтар кэпсииллэр:

– Бу ый 5 күнүгэр«Эмчиттэргэ махтал» диэн үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһан, отделение ыарыһахтара астарын түргэнник сылыталларыгар анаан микроволновай оһох ылан биэрбиппит. Пандемия бириэмэтигэр бу аахсыйа хаста да буолан ааста, онно сүрүннээн бородуукта маҕаһыыннарыгар «Үтүө санаа долбуурдарын» тэрийэн, кафелаах, бородуукта маҕаһыыннардаах предпринимателлэр кыамматтарга көмө  буоллубут дии саныыбыт.

Аҕабыт Игорь «Дархан» атыы-эргиэн киинин салайааччыта, бэйэм оҕуруо маҕаһыыннаахпын. Биһиги үс оҕолоохпут. Сахабыт сирин предпринимателлэрэ төһө даҕаны бары улахан охсууну ылбыппыт иһин, бу ыарыыны утары үлэлэһэ сылдьар үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар көмө буоларгытыгар ыҥырабыт.

Васильевтар - Мэҥэ Хаҥалас биир бастыҥ ыала. Бизнестээх ыал бэлиэ күннэргэ, бырааһынньыктарга, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ куруук көмөлөһөр үгэстээхтэр.

ЭКО ХАЙЫСХАЛААХ БИЗНЕС КӨМӨТӨ

Эдэр предприниматель Артур Марков бэйэтин саастыылаахтарыгар холобур буолуох киһи. Кини «Полоскун” маҕаһыын хаһаайына. Дьаҥ кэмигэр үтүө санаатынан салайтаран үгүс көмөнү оҥордо:

– Быйыл оруобуна пандемия саҕаланыан иннинэ бэйэм бизнеспин тэрийэн, араас сууйар-сотор, ыраастыыр эко-бородууксуйа маҕаһыынын арыйбытым. Бородууксуйабыт Арассыыйаҕа оҥоһуллар буолан дьон эрэлин ылла. Хампаанньа сүрүн тосхоло – айылҕаҕа пластиковай эттиктэри быраҕыыны, мунньууну аҕыйатыы.

Пандемия саҕаламмытыгар “Якутия поправляйся” диэн ааттаах бырайыак  тэриллибитин истэн, кинилэртэн уонна атын предпринимателлэртэн холобур ылан, бэйэм үөрэммит кыһабар уонна коронавирус утары үлэлии сылдьар быраастар, үлэһиттэр оҕолоро сылдьар «Искорка” оҕо уһуйааныгар көмөлөспүтүм. Ону таһынан Таатта улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтигэр, Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа үлэһиттэригэр бэйэбит бородууксуйабытын тиксэрбиппит. Ол курдук, муостаны, истиэнэни сууйар антибактериальнай  геллэри, мыылалары, илии, сирэй ыраастыыр антибактериальнай геллэри уонна иһит сууйарга гипоаллергеннай сүмэһиннэри биэрбиппит.

Билиҥҥи балаһыанньаҕа биир санаалаах, түмсүүлээх буоллахпытына эрэ өрүттүөхпүт дии саныыбын. Чэгиэн буолуҥ!

ПРЕДПРИНИМАТЕЛЛЭР, ТУОРА ТУРУМАҤ!

Дьокуускайдааҕы «Дьыалабыай Арассыыйа» отделениетын чилиэннэрэ, “Houston” эрэстэрээн салайааччылара Антон Ломакин уонна Дмитрий Иннокентьев дьаҥ кэмигэр медиктэргэ итии ас тарҕаппыттара:

– Пандемия көмө ааксыйаны тэрийэн ыарыыны утары охсуһууга кыра кылааппытын киллэрдэхпитинэ сатанар диэммит, уопсайа 350 тыһ. солк. суумалаах босхо эбиэти COVID-19 утары охсуһа сылдьар балыыһа уонна оперативнай ыстаап үлэһиттэригэр тарҕаттыбыт. Ону таһынан, бэйэбит үлэһиттэрбит, шеф-повары кытта эрэстэрээммит салайааччыта, Дьокуускай куорат суһал көмөтүн ыстаансыйатыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи киин балыыһаларга, куорат 1, 2, 3 №-дээх поликлиникаларыгар 10 күн устата ас таспыттара.

Түгэнинэн туһанан, «Houston» эрэстэрээн хамаандата предпринимателлэри үтүө санаа ааксыйатыгар кыттыһарга, ыарыыны кытта охсуһа сылдьар медик идэлээх дьоммутун өйүүргэ ыҥырар.

МУОМА КУРДУК ЫРААХ СИРГЭ

Дьокуускайтан хас эмэ биэрэстэ тэйиччи сытар Муома улууһун үтүө санаалаах предпринимателлэрэ кыттыһан, 70-ча тыһыынчалаах көмөнү интенсивнай терапия отделениетыгар биэрбиттэр. Бу туһунан биэс оҕолоох ийэ, урбаанньыт, ааксыйа көҕүлээччитэ  Надежда Карпова (Соркомова) кэпсээтэ:

– Муома эргиэмсиктэрэ бары төһө кыахтара тиийэринэн сүрдээх улахан көмөнү оҥордулар. Туора турбут, көмөлөспөтөх киһи диэн олох аҕыйах. Мин маҥнай обсерватор тэриллиитигэр биэдэрэ, таас көрдөөбүттэрин биэрбитим. Ол кэннэ бары кыттыһан, харчы хомуйаммыт коронавуруһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо анаан орон атыыластыбыт. Ким төһөнү биэрэрэ бэйэтин көҥүлэ этэ. Биһиэхэ соторутааҕыта эрэ провизорнай отделение арыллыбыта, онно гигиеничэскэй сириэстибэлэринэн көмөлөстүм. Хоту сиргэ олорор буоламмыт олохпут уустук, суол-иис суох. Ким, туох көмө көрдөөбүтүнэн  көмөлөһө сатыыбыт. 

БИИР САНААНАН САЛАЙТАРЫАХ

Эпидемия туруоҕуттан киин куоракка мааска боппуруоһа сытыытык турбута. Биир эмэ баар да буоллаҕына, сыаната көмүскэ тэҥнээҕэ. Сахабыт сирин бары иистэнньэҥнэрэ буолбут кыһалҕаны өйдөөн, күргүөмүнэн харысхал мааскатын тигэн саҕалаабыттара. Биир оннук киһинэн «Кэрэ» ателье хаһаайката Александра Колесова буолар:

– Коронавируһу утары охсуһуу чэрчитинэн ыытыллыбыт ааксыйаларга кыттыһаммын, 500 устуука харысхал мааскатын Нам улууһун дьаһалтатыгар, 1000  кэриҥэ маасканы кырдьаҕастар дьиэлэринэн, ыалларынан бизнес-инкубатор киин нөҥүө тарҕаппытым. Бу кэм устатыгар 50 тыһ. тахса маасканы атыыга уонна сакааска тиктим.

Александра Саввична улуус, өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар сүрдээх көхтөөх предприниматель. Сыллата араас тэрээһиннэргэ кини ательета куруук биһирэнэр, аата ааттанар.

СЭТТЭ КҮҤҤЭ – 244 ТЫҺ.

Быйыл саас медиктэргэ “Эверест” тэрилтэ барыларыгар уу тарҕаппыта. Тэрилтэ салаайыччытыгар Дархан Макаровка эрийбиппэр “хата, биир, сыаналыыр, предприниматэллэри сырдатар хаһыат баар эбит” диэн олус үөрдэ:

– Медиктэргэ босхо ууну илдьэн биэрэр ааксыйабытын арыый да сыыһатык толкуйдаабыт эбиппит. Тоҕо диэтэххэ, куорат үрдүнэн хас медик баарын учуоттаабатахпыт. Ити кэмнэргэ наһаа элбэх киһи сакаастаан  ажиотаж тардыбыппыт. Сэттэ күн иһигэр – 244 тыһ. 644 солк. суумалаах ууну тарҕаппыппыт. Хаһыат нөҥүө бары үлэһиттэрбэр, солбуйааччыбар Жиган Федотовка махталбын тиэрдэбин. Биһиги эппит тылбытыгар турдубут. Хомойуох иһин, уунан дьарыктанар урбаанньыт элбэх эрээри, ким даҕаны ууну босхо түҥэппэтэ. Биһиги кэннибититтэн кыттыһыахтара дии санаабаппыт да, ким даҕаны салҕаабата...

“Эверест” хампаанньа аһымал ааксыйаларынан быыстала суох дьарыктанар. Бытыылкаттан хас биирдии солкуобайы доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго ыыта олорор. Кыаммат ыалга, кырдьаҕастарга кэмиттэн кэмигэр аһынан-таҥаһынан, харчынан кытта көмө оҥорор. Аны туран дьон тас дойдуга эмтэнэ, ыарахан эпэрээссийэни оҥорторо барарыгар «Эверест” куруук көмөлөспүт буолар. Уолаттар, кытаатыҥ, үтүө дьыалаҕыт ситииһиилээх буоллун!

ҮТҮӨ САНААЛААХ ЛЮЦИЯ СПИРИДОНОВА

«Бэллэкэ» маҕаһыын хаһаайката Люция Петровна Үөһээ Бүлүү улуустааҕы киин балыыһатыгар 65 000 тыһ. сууммалаах көмө оҥорбута. Кини бэйэтэ суот-учуот идэлээх, киин балыыһаҕа кылаабынай бухҕаалтырынан үлэлээбит. Онон балыыһа үлэтин-хамнаһын, этинэн-хаанынан билбит предприниматель:

– Пандемия саҥа атааннаан киирэригэр обсерваторга бөх хаалыыр бакыат, кумааҕы, бэрчээккэ, дьаҥтан харыстыыр бүтэй көстүүмнэри, сирэйи хаххалыыр дьэҥкир экраннары, атахха кэтиллэр бахилалары уо.д.а. туһалаах маллары гуманитарнай көмө быһыытынан биэрбитим. Маҕаһыыммар «Үтүө санаа долбуурун» үлэлэппитим төрдүс сыла буолла. Элбэх оҕолоох, кыра дохуоттаах ыаллар, аҕам саастаах инбэлииттэр туһаналлар. Бэйэм көрөммүн наадалаах бородуукталары уурабын, атыылаһа кэлбит киһи эмиэ атыылаһа туран биирдии суолу уурааччылар. Түөрт сыл устата 776 киһи көмөнөн туһанна.

***

Быйыл бизнестээх дьоҥҥо хаһааҥҥытааҕар да ыарахан кэм тосхойдо. Ону ол диэбэккэ, биһиги дьоммут кыаммакка өйөбүл буоларга, ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии сылдьар медиктэргэ махтанарга дьулуһаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....