19.07.2020 | 16:35

Билсиҥ, Санаайа Баай

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дархан диэн туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт аата дуораһыйбыта ыраатта. Кинини эстрадаҕа тимир куоластаах ырыаһыт диэн ааттыыллар. Ааспыт сайын Туймаада ыһыаҕар Дарханы кытта тэҥҥэ ыллаһар кэрэчээн кыысчааны элбэх киһи бэлиэтии көрбүт буолуохтаах. Кини маҥнай Кэрико диэн аатынан биллэр этэ. Билигин аатын-суолун уларыппыт. Кэрэ куоластаах Санаайа Баай диэн ырыаһыттыын кэпсэтиибитин сэргээн ааҕыҥ.

-Санаайа, дорообо! Чэ, билсиэххэ.

- Сахалыы тыллаах хаһыат ааҕааччылара,  дорооболоруҥ! Мин Санаайа Баай диэммин, Чурапчыттан төрүттээхпин. 2011 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы технологическай сервис техникумугар үөрэнэ киирбитим. «Модельер-конструктор и технолог швейных изделий” диэн идэҕэ уһуйуллан, 2015 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим.  Үһүс разрядтаах иистэнньэҥ аатын ылбытым. Ол кэннэ билиибин хаҥатаары, тута ХИФУ Педагогическай институтугар туттарсан, былырыын технология кафедратын бүтэрбитим.

Ырыаҕа сыстыбытым ыраатта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын араас тэрээһиннэргэ солбуллубат ырыаһыт этим. Устудьуоннуур да сылларбар эмиэ ыллыырым.

-Бээ, эн Кэрико диэн аатынан биллэ сылдьыбытыҥ дии. Өссө килиип таһаарбыт этиҥ. Ааккын тоҕо уларыттыҥ?

-Кэрико диэн псевдонимы 2014-2015 сыллардаахха маҥнай клип таһаарарым саҕана ылыммытым. Оннук диэн аатынан ыллыы сылдьан, Багдарыын Сүлбэ кинигэтинэн төрөөбүт күммүнэн-ыйбынан Санаайа диэн буоларын билэммин ааппын уларытарга санаммытым.  Саха эрээри, аатым-суолум эмиэ сахалыы буолуохтаах диэн өйдөбүлүнэн салайтарбытым.

-Оттон тоҕо Баай диэҥҥиний?

-Кэргэним Дархан араспаанньата Баишев диэн. Сахалыыттан тылбааһа «Баай» диэн буолар.

 -Оччоҕуна дьиҥнээх аатыҥ, араспаанньаҥ ким диэний?

-Карина диэммин. Араспаанньам Осипова. Карина диэн ааты кылгатан дьонум Кэрико диэн ааттааччылар, оннук псевдоним буолан тахсыбыта.

-Пааспаргыт эмиэ уларыйда дуо?

-Барыта уларыйыахтаах. Күһүҥҥэ диэри докумуоммут бэлэм буолар ини. Кэргэним Дархан сахалыы үгэскэ, аакка-суолга олус болҕомтолоох. Биирдэ гастроллуу сырыттахпытына Күн Чээбийэ удаҕан араспаанньабытын сахалыы тылбааһын иҥэрбитэ, быһаарбыта. Ол иһин уларытабыт. Кыыспыт нууччалыы ааттаах эрээри, кэлин, баҕар, толкуйдуом. 

-Чэ, ырыаҕа төннүөххэ. Ыллаабытыҥ хас сыл буолла? Дьон сүрдээҕин билэр эбит.

-Киэҥ эйгэҕэ 2015 сыллаахтан тахсыбытым. Атын хайысханан ыллыырга үөрэммитим үһүс сылыгар барда. Онно кэргэним Дархан күүс-көмө буолар, кини ырыаһыт эрэ буолбатах, өссө продюсер, аранжировщик уонна клипмейкер. Ону таһынан билигин баҕалаах дьону вокалга онлайн кууруһунан  үөрэтэр.

-Дарханныын ыал буолбуккут ыраатта дуо? Кэпсии түс эрэ...

-Биһиги билсибиппит, ыал буолбуппут этэҥҥэ 4 сыла буолла. Бииргэ Сахабыт сирин кэрийэбит, сайынын оҕолорго ырыа-киинэ лааҕырын тэрийэбит. Куоракка олохсуйан олоробут. Кэргэмминиин гастроль үгэнигэр билсибиппит. Кылгастык кэпсээтэххэ, кини миэхэ инстаграм  нөҥүө гастрольга ыҥырбыта. Онтон ыла иккиэн бииргэбит.

-Эһиги дьиэ кэргэн туох үгэстээххитий?

-Биһиги билигин пандемия кэмигэр дьиэбитигэр олоробут, хата, быйыл оҕуруот аһын дэлэйдик олортум. Дархан онлайн уруоктары ыытар уонна клипкэ, музыкаҕа сакаас ылан үлэлиир. Хата,  куһаҕантан туһанан диэбиккэ дылы, бэрт сынньалаҥ сайын буолла. Быйыл оҕолорго лааҕырбыт буолбата. Былырыын баччаларга лааҕырбыт саамай үгэнэ этэ.

-Көрөбүн ээ, оҕуруотуҥ  үүнүүтэ дэлэй дии. Туох кистэлэҥнээххин?

-Оҕурсубутун сиэбиппит ыраатта. Помидор, сүбүөкүлэ, моркуоп, кабачок, эрэдиискэ уонна укроп, петрушка үүннэрбиппит.  Улахан кистэлэҥим суох, барыта натуральнай уоҕурдуулары туһанабын. Маҕаһыынтан атыыласпакка, бэйэбит оҥорон кутабыт. Уоннуу күн буола-буола аһатабыт. Саамай сүрүнэ, уутун элбэҕи кутуохха наада. Күн устата 3-4 кутабыт. Уубут тымныы буолуо суохтаах, хайаан да мүлүүн буолуохтаах. Наадата суох хос салаа лабаалары күн аайы көрөн кырыйа сылдьабыт. Сыыс отторун эмиэ күн аайы кыра-кыралаан үргээн иһэбит. +15С кыраадыс сөрүүн түстэҕинэ, оһох холбоон хонноробут.

-Кэнники кэмҥэ киһи барыта ыллыыр. Ардахха тэллэй үүнэрин курдук бытыгыраан тахсаллар. Ону эн туох дии саныыгын?

 -Саха сиригэр шоу-бизнес суох диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, дьоммут ахсаана арыычча аҕыйах.  Ырыаһыттар таҕыстыннар ээ. Ыччат ыллыахтаах, айыахтаах-тутуохтаах! Саастаахтары солбуйар дьон буоллахтара дии.

-Ырыаһыт буолуон баҕалаах дьоҥҥо тугу эмэ сүбэлиэҥ этэй?

-Мин санаабар, саҥа тахсан эрэр ырыаһыкка ыарахана диэн, бастатан туран,  үп-харчы чааһа буолар. Итиэннэ бэйэни булунуу, нууччалыы эттэххэ, “индивидуальнай” суол-иис  наада. Билигин баар ырыаһыттартан атыннаах, ураты диэххэ сөп. Сахалыы тыыннаах, аныгы тэтимнээх ырыалар элбиэхтэрин наада. Быйылгы клиптэри көрдөххө, сайдан иһэбит, наһаа үчүгэй. Бу билигин “Быстах санаа” диэн ырыабар эмиэ клип уста сылдьабыт уонна “Күн ситимэ” диэн бөлөххө клип уһуллар. Уопсайынан, мантан күһүн саҥа ырыалары, өссө хас да клиби таһаарар былааннаахпын.

-Арыый култуураттан тэйдэххэ, атын туох дьарыктааххын?

 -Мин иистэнэрбин олус сөбүлүүбүн. Ыллыыр, күннээҕи кэтэр таҥастарбытыгар тиийэ тигэбин. Билигин кэргэммэр сыанаҕа ыллыырыгар көстүүм тигээри сылдьабын. Оскуола эрдэхтэн күннүк сурунабын. Онтон бу туспа ыал буолан баран  финансовай күннүктэнним. Күн-аайы харчыны ааҕа,  суоттуу олоруохха наада. Ас астыырбын ордоробун. Бары дьиэ кэргэнинэн киэһэ аайы киинэ көрөрбүтүн сөбүлүүбүт.

-Үп-харчы өттүн ыллахха, билигин ырыаһыт айаҕын ыллаан булунар дуо?

-Ыарахан соҕус. Сороҕор сакаас, үлэ баһаам буолар... Ардыгар туох да суох. Пандемия кэмигэр кэнсиэр, тэрээһин ыытыллыбат буолан, үлэ суох этэ. Билигин сакаастар кыралаан киирэн эрэллэр. Биһиги харантыын кэмигэр вокалга онлайн куурус тэрийэн үлэлэттибит. Дьон олус сэргиир эбит, ордук саастаах дьон. Уопсайынан, Саха сиригэр цифровизация сүрдээҕин сайынна. Киһи барыта дьиэттэн олорон кыһалҕатын быһаарар буолла.

-Эн хоһоон суруйаҕын дуо?

-Хоһоон суруйабын, матыып айабын. Бэйэм үс ырыалаахпын. “Сайын”, “Махтанабын”, “Эбээбэр”. “Сулустар”, ”Доҕоччуок” бэлэм хоһооннорго матыып айбытым. Бу “Доҕоччуок” ырыа өссө даҕаны тахса илик, бу күһүн таһаарар  быланнаахпын.

-Хас клиптээххин? Дархан киинэ устар этэ дии, клиби эмиэ оҥорор буолла дуо?

-Уопсайа алта клиптээхпин.  Ютубка “Кэрико”, “Санаайа Баай” диэтэххэ булуллар. Бу саас ютубка уонна Эплмузыкаҕа “Санаайа Баай feat Дархан” диэн маҥнайгы хомуурунньукпут ырыаларын таһаарбытым. Эһиил бастакы айар киэһэм буолуохтаах, ону дойдубар, Чурапчыбар тэрийбит киһи диэн санаа баар.

-Гастролга элбэхтэ сылдьаҕыт быһыылаах.

-2017 сылтан ыллыырга үөрэнээри, сыанаҕа туттар-хаптар култуурабытын үрдэтээри, публиканы кытта истиҥ сыһыаны олохтоору быраактыка курдук сырыттыбыт. Ырыа эйгэтигэр саҥа үктэнэр киһиэхэ саамай үчүгэй үөрэх диэн түмүккэ кэллим. Кырдьыга да, киһи күн аайы ыллаан сайдар буоллаҕа.

Урут Дархан хантараак түһэрсэн, элбэх ыччаты кытта үлэлэһэ сылдьыбыта. Быйылгыттан онтун эмиэ сөргүтээри сылдьар.

Ырыаһыттар таһымнара, талааннара төһө сыаналанар дии саныыгын?

-Билиҥҥи кэмҥэ түстэ. Үксэ барыта үтүктүү, омуктар курдук буола сатааһын... Чахчы, бэйэтэ иһиттэн матыып айар, суруйар киһи аҕыйаата быһыылаах. Биир өттүнэн эмиэ да айар-тутар диэн  кэһиллибит хаар курдук буолан оннук  буолуо.

-Санаайа, кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Айар-дьоҕуруҥ, ыллыыр талааныҥ өссө да сайда турдун диэн алгыыбын!

ЭТТЭЭХ БИЭРЭС Санаайа сөбүлээн астыыр фирменнэй Эттээх биэрэс” ырысыабын үллэстэр. Астыырга олус судургу уонна тотоойу, минньигэс буолар. Биһиэхэ наада: •Эриллибит эт. • 3-4 биэрэс •1-дии  уст. хортуоска уонна луук. • 100г түөркэлэммит сыыр. • 1 ыстакаан уу. • туус, хара биэрэс. Фаршпытын луугу, хортуосканы, тууһу, биэрэһи барытын холбуу булкуйабыт. Биэрэстэри сууйан баран ортолорунан быһан, истэрин ыраастаан бэлэмниибит уонна этинэн толоробут. Иһиккэ биир ыстакаан ууну кутан баран, биэрэстэрбитин уурталыыбыт, үрдүн фольганан бүрүйэбит. 200 С  духуопкаҕа 30 мүн.  устата буһарабыт. Фольгатын ылабыт уонна биэрэстэр  үрдүлэригэр бысталаммыт помидор долькаларын уурталыыбыт уонна ол үрдүгэр түөркэлэммит сыыры кутабыт, өссө  5 мүн.  духуопкаҕа уган ылабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...