14.04.2023 | 12:00

Билиҥҥи рекорд — 700 тыһ. куб. миэтэрэ

(Хаары кытта охсуһуу өссө түмүктэнэ илик...)
Билиҥҥи рекорд — 700 тыһ. куб. миэтэрэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускай баай историятыгар бастакытын кыһын устата хаһааҥҥытааҕар да элбэх хаар ыраастанан тиэйилиннэ – 700 тыһ. куб. миэтэрэ куорат кытыытыгар баар полигоҥҥа таҕыста. 
Суоллартан, тиэргэннэртэн, уопсастыбаннай эйгэлэр территорияларыттан ыраастаммыт хаар үксэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа дьапталҕаланна.

Рекорд улааттар улаатан иһэр

Муус устар 11 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, Дьокуускай территориятыттан 708 тыһ. куб. м тахса хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ. Урукку сылларга бачча куб хаар аҥаарын эрэ саҕа дьыл устата ыраастанар буолара.

Бу иннинэ, үс сыллааҕыта, 2020 сыллаахха кулун тутарга олохтоммут рекорд – 565 тыһ. куб. миэтэрэттэн тахса буолбута.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн, кулун тутарга хаһааҥҥытааҕар да элбэх сөҥүү түстэ. Аҥаардас кулун тутар ыйга полигоҥҥа 82 578 куб.миэтэрэ хаар муһунна. Тэҥнээн көрөргө, былырыын – 53 тыһ. куб. м этэ. Онтон хомунаалынай хаһаайыстыбалар “хаарбыт, дьэ, көҕүрээтэ” диэн өрө тыыныахча буолан истэхтэринэ, муус устар саҥатыгар сөҥүү эмиэ өлгөмнүк түстэ.

Быһа барыллаан суоттанарынан, Дьокуускайга кыһын саҥатыгар биир суукка иһигэр ортотунан 5-6 тыһ. куб. м  хаар тиэйиллэр эбит буоллаҕына, билигин суукка иһигэр 10 тыһ. куб. миэтэрэҕэ тиийдэ. Маныаха былырыын сүүсчэкэ ахсаанынан ылыллыбыт саҥа тиэхиньикэ барыта үлэҕэ туттуллар, хаары ыраастааһыҥҥа күннэтэ 60-тан тахса суол үлэһитэ тахсар.

Полигон аһара туолла

Дьокуускайга эбии полигон арылларын кыһалҕата саас аайы сытыырхайар буолла. Ыраас хаары Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа эрэ тутан кэллилэр. Бөхтөөх-сыыстаах, кирдээх хаар уонна көйүллүбүт муус барыта бөххө тэҥнэһэр уонна Бүлүү трагын сыбаалкатыгар барар.

Толкуйдаан да көрдөххө, Хатастан ыраас хаары Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса полигонугар аҕалар ночооттоох. Ол да иһин сокуону кэһии сыллата тахсар, дьон хаары көҥүлэ суох сиргэ сүөкээн ыстарааптаналлар. Билигин, видеонан кэтээн көрүү баар кэмигэр, буруйдаахтары олус судургутук уонна түргэнник тутан ылар буоллулар. Ол иһин онно-манна түбэһиэх хаары сүөкээн кэбиһии хармааҥҥа охсуулаах.

Эбии полигоннар Птицефабрика уонна Покровскай тракт диэки арыллаллара буоллар диир олохтоохтору эмиэ өйдүөххэ сөп. Бу аҕыйах күнүнэн ситиһиллэр дьыала буолбатах. Полигон тэрийэргэ Роспотребнадзор, Росприроднадзор, Айылҕа харыстабылын прокуратурата уонна да атын тустаах уорганнар кытта үлэлэһиэхтээхтэр.

Кулун тутар иккис аҥаарыгар халлаан эмискэ ириэрэн, суукканы эргиччи үлэлии турар полигон үлэтигэр мэһэйдэр тахса сырыттылар. Халлаан сылыйбытыгар хаар ирэн, полигон үлэһиттэрэ ууну кутан массыыналар сылдьар суолларын бөҕөргөтө сатыыллара утары тоҥон биэрбэккэ, улахан кыамталаах массыыналар батыллан хаалар балаһыанньалара үөскээн, ыксал буола сырытта. Куорат дьаһалтата маныаха суһаллык саппаас полигоннары үлэлэтэн хаары ыраастааһын биир да чаас тохтообокко ыытылынна. 

Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа мунньуллубут хаар иэнэ 6,5 гаа буолла – бу 10 футболлуур хонууга тэҥнээх (холобур, 10 “Туймаада” стадион эбэтэр “Юность” стадион саҕа). Дьапталҕаламмыт хаар 10-15 м үрдүктээх буолла.

Эбии балаһааккалар үлэлээтилэр

Муус устар 8 күнүттэн Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигон аһара туолан, киин куораттан тиэллэр хаары Вилюйскай переулокка баар анал сиргэ тутар буоллулар.

Бу сир урут даҕаны, 5-10 сыллааҕыта, полигон быһыытынан туттулла сылдьыбыта, онно 300 тыһ. куб. м. хаар хараллар буолара. Быйыл наада буоллаҕына ууну хачайдыыр ыстаансыйа туруоруллуоҕа диэн дьаһалтаҕа иһитиннэрдилэр. 

«Якутдорстрой» тиэхиньикэтэ уонна хаары тиэйиигэ үлэлиир атын тэрилтэлэр туох да хааччаҕа суох сүөкэнэр кыахтаахтар. Оттон Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигон бу күннэргэ сабыллыахтаах. 

Олохтоох дьаһалтаҕа иһитиннэрбиттэринэн, ыарахан ыйааһыннаах анал тиэхиньикэ 5 этээстээх КПД дьиэ үрдүгүн саҕа кээмэйдээх буолуор диэри дьапталҕаламмыт хаардаах полигоҥҥа үлэлиирэ табыгаһа суох буолла. Үлэһиттэргэ да, үлэлииргэ да сэрэхтээх усулуобуйа үөскээтэ.

Билигин хаары Окружной шоссе уонна Вилюйскай переулок икки ардыгар баар сиргэ мунньар буоллулар. Манна хаары юридическай сирэйдэр уонна чааһынайдар сүөкүүллэр.

Хаары мунньарга өссө биир эбии балаһаакканы тутуу бөҕүн харайар полигоҥҥа тэрийдилэр, ол Хатыҥ Үрэх шоссетыгар баар. Манна “Якутдорстрой” АУо куорат уулуссаларыттан ыраастаабыт хаарын тиэйиэҕэ.

 

Дьокуускайдааҕы гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление дааннайынан, быйыл Дьокуускайга хаһан да бэлиэтэммэтэх элбэх сөҥүүлээх кыһын ааста.

Холобур, кулун тутарга сөҥүү 5 ыйдааҕы нуормата түспүт.

 

Хаары ыраастааһын суукканы эргиччи, тохтобула суох бара турар.

 

Ону кытта ириэрии уутун аһардарга үлэ баран эрэр.

 

Кулун тутар 11 күнүнээҕи туругунан, киин куорат уулуссаларыттан уонна тиэргэннэриттэн 10 057 куб. миэтэрэ хаар ыраастанна.

43 суол үлэһитэ, 44 муниципальнай дворник, 267 Салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар, “Якутдорстрой” АУо 104 анал тиэхиньикэтэ, 11 ТОУ, СХ уонна ТСЖ тиэхиньикэтэ үлэлээтэ.

Ириэриигэ бэлэмнэнии саҕаланна

Уулуссалар уонна суоллар ситимнэригэр сааскы ириэрии уутун аһардарга бэлэмнэнии үлэтэ тэтимирдэ.

Суол үлэһиттэрэ уонна “Якутдорстрой” АУо анал тиэхиньикэтэ ууну аһардар лотуоктары паарынан үрдэрэн ириэрэллэр, ыраастыыллар. Ону тэҥэ куорат бары оройуоннарыгар носуостаах ыстаансыйалар үлэлэрин бэрэбиэркэлииллэр.

Дьиҥэ, бу Дьокуускайга сыллата ыытыллар үлэ – ириэрии уутун хачайдааһын, лотуоктары бэлэмнээн онон аһардыы. Саҥа өрөмүөннэммит Ленин проспегар ууну аһардар ситим хайдах оҥоһуллубутун, хайдах үлэлиирин көрүөхтээхпит.

Автодорожнай уокурук управатын салайааччыта Николай Обоюков иһитиннэрбитинэн, Управа “Донской” ИП-ны кытта муниципальнай хантараак түһэрсибит, онно олоҕуран 521 куб. м. ардах уонна ириэрии уутун бэдэрээтчит дьаһайыахтаах. Автодорожнайдар сыл саҕаланыаҕыттан 74 744 куб. м хаары ыраастаабыттар. Былырыын баччаларга тиэллибит хаардарын көрдөрүүтэ 22 295 тыһ. куб. м этэ.

Оттон Промышленнай уокурук салайааччыта Елизавета Служеникина кэпсээбитинэн, быйыл хаары тиэйиини ордук хото дьаһаммыттар. Онон сааскы ириэриини көрсөргө эрэх-турах сананаллар, бэлэмнэр: “Былырыыҥҥыбытыгар холоотоххо, хаары тиэйиибит көрдөрүүтэ икки төгүл улаатта. Билигин ириэрии уутун хачайдыырга күүскэ бэлэмнэнэбит. Салайар хампаанньаларбытыгар уонна ТСЖ-ларбытыгар 12 пуомпалаахтар, 27 носуостаахтар. Управа эбии 1 пуомпа атыыласта”.

Промышленнайдар 2023 сыл саҕаланыаҕыттан полигоҥҥа уопсайа 54 924 куб.м хаары тиэйбиттэр. Бу эмиэ былырыыҥҥы көрдөрүүлэрин икки төгүл куоһарбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...