02.11.2023 | 16:00

Биир ыалтан сэттэ учуутал

Биир ыалтан сэттэ учуутал
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Уус Алдан биир кытыы сиринэн Алдан өрүс үрдүгэр турар олус кэрэ айылҕалаах Түүлээх нэһилиэгэ буолар. Улуус кииниттэн төһө да ыраах сыттар, атын нэһилиэктэртэн хаалсыбакка, тигинэччи үлэлии олорор. Дьоно-сэргэтэ уруккуттан үлэҕэ, үөрэххэ көхтөөхтөр, түмсүүлээхтэр, биир санаанан салайтаран, нэһилиэк олоҕо тупсарын туһугар сыралаһан үлэлииллэр.

Нэһилиэк киэн туттар ыала

Түүлээххэ Сэбиэскэй былаас саҕана элбэх оҕолоох ыал элбэх этэ. Үгүстэр алталыы, сэттэлии оҕолоохторо. Ыраах сир буолан, ас-таҥас кырыымчыга,  сайынын айан суола алдьанан, сырыы тохтуура. Сайынын Алдан өрүһүнэн мотуоркалар сылдьан абырыыллара. Оччолорго аэропорт тутуллан, нэдиэлэҕэ иккитэ Ан-2 сөмөлүөт көтөрө. Почта, хаһыат кэлэн, сэргэхсийии буолара. Эр дьон үксэ бултаан, балыктаан, куобахтаан олорбуттара. Хас биирдии ыал аҕыйах да буоллар сүөһү ииттэллэрэ. Бэйэ-бэйэлэригэр бултан, үрүҥ астан бэрсиһэн, көмөлөсүһэн олорбуттара.   Библиотека, почта, оскуола, детсад, кулууп , пиэрмэлэр тигинэччи үлэлииллэрэ. Олохтоох араадьыйа баара. Нэһилиэккэ үлэ- хамнас, араас сонуннар, биллэриилэр тиһигин быспакка күн аайы тахсаллара. Нэһилиэк дьоно харыс да сири халбарыйбакка, биир санааны тутуһан, иллээхтик олороллоро, ол түмүгэр олохтоох нэһилиэнньэ ахсаана улаханнык хамсаабат этэ.  

Дьэ, маннык ыраах, түгэх сиргэ син тэйиччи сытар Тиит-Арыыттан Семен Семенович Турантаев уонна Тамара Николаевна Слепцова 1961 сыллаахха икки оҕолоох көһөн кэлбиттэрэ. Семен Семенович кадровай булчутунан, кэлин пиэрмэҕэ  үлэлээбитэ. Тамара Николаевна аҕата Николай Прокопьевич Слепцов Аҕа дойду сэриитигэр сураҕа суох сүппүтэ. Аҕатын кэриэстээн, кэргэнин араспаанньатын ылбатаҕа. Өлүөр диэри аҕатын көрдүү сатаабыта да, булбатаҕа.

Эдэр ыал Түүлээҕи сөбүлээн олохсуйбута, 7 оҕону күн сирин көрдөрөн, улахан дьиэ кэргэн аатыран, нэһилиэк киэн туттар ыала буолбута. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн эппиэтинэстээх буоларга, үлэни таптыырга үөрэппиттэрэ. Улахаттар Аня, Коля дьиэ ис-тас үлэтин быһаараллара, төрөппүттэригэр улаханнык  көмөлөһөллөрө. Сарсыарда эрдэ туран, оскуолаҕа барыахтарын иннинэ муустарын киллэрэн, мастарын кыстаан туһа дьоно этилэр. Орто кыргыттар Маша, Тома, Аля ийэлэригэр көмөлөһөн дьиэ үлэтин барытын толороллоро, ас астыыллара, кыра оҕолору көрсөллөрө. Ийэлээх аҕалара оҕолортон хас биирдиилэриттэн дьиэҕэ күннээҕи анал үлэлэрин толороллорун ирдииллэрэ. Ол иһин кыргыттар сэлээннэспэт этилэр.

Семен Семенович олус уус этэ. Таҥас ыскаабын, биэсэлкэни, остуолу, ыскамыайканы, кинигэ уурар этажерканы  бэйэтэ оҥортообута билигин да киһи сөҕө көрөр ытык маллара. Ийэлэрэ олус ыраас буолан, кыргыттар ийэлэрин курдук дьиэ ис-тас өттүгэр ыраастык тутталлара, дьиэлэрин, террасаны, сайыҥҥы хоспоҕу араастаан киэргэтэн, кырааскалаан тупсараллара. Аҕалара Түүлээххэ бастакынан дьиэтигэр аһыллар түннүктэри оҥорбута. Уола Колюска ол түннүк наличниктарын  сахалыы оһуордаан маһынан кыһан оҥорбута. Ити курдук ийэ, аҕа оҕолору бэрээдэккэ, үлэҕэ уһуйбуттара кэлин олохторугар туһалаах буолбута.

Ынах, сибиинньэ, куурусса ииттэллэрэ. Манна оҕолор бары көмөлөһөллөрө. Сайын өрүс уҥуор, онтон күһүөрү күөллэрин төбөтүгэр аҕаларын кытта улахаттар оттууллара. Оччолорго от үлэтэ барыта илиинэн этэ. Ардах түстэҕинэ, мээнэ сыппаттара. Сир аһын хомуйаллара, аҕаларын кытта балыктыыллара, тууһаан хаһааналлара. Ынаҕы сатаан ыыр буоланнар, улахан оҕолор сайын аайы Арамаан өтөҕө пиэрмэҕэ ынах ыыллара, хамнастанан үөрэх тэрилин, таҥас атыылаһаллара. Отон туттаран  эбии харчы киллэрэллэрэ.

Ийэлэрэ өр кэмҥэ нэдиэлэлээх дьааһылаҕа үлэлээбитэ. Хонуктаах үлэтин кэмигэр дьиэ үлэтин барытын оҕолор бэйэлэрэ дьаһайаллара. Оччолорго бэкээринэ суоҕа, улахан хара лиискэ килиэптэрин буһараллара. Маннык үлэҕэ иитии таах мээнэ хаалбатаҕа. Оҕолор эппиэтинэстээх буоларга, үлэттэн чаҕыйбакка, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ, толоругас буоларга үөрэммиттэрэ.

Ааҕыыга сыһыаран, үөрэҕи өрө тутан

Төрөппүттэр иитиилэрэ туспа ураты этэ. Кинигэни ааҕыы, библиотека тэринии, араадьыйа, муусука истии оҕо сайдарыгар туһалааҕын билэн, манна үлэлэспиттэрэ.  Ол курдук магнитофон атыылаһан, араадьыйа истэллэрэ, сонуннары ырыталлара. Төһө да харчы кырыымчык буоллар, оҕоҕо аналлаах  хаһыаттары, сурунааллары хото суруттараллара. Почтаҕа хаһыат кэлиитэ бу дьиэ кэргэҥҥэ улахан бырааһынньык буолара. Бары уочаратынан ааҕаллара, кыраларга ааҕан иһитиннэрэллэрэ.

Оҕо интэриэһин көрөн, ону сыаналаан, « Мурзилка», « Бэлэм буол» , «Юный техник», «Огонек», «Крестьянка», «Советская женщина», «Человек и закон», «Советский экран»  суруйтараллара.

Бу ыал кинигэҕэ олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Сахалыы, нууччалыы элбэх кинигэни муспуттара. Ийэлэрэ күн аайы кинигэ ааҕыытын тэрийэрэ. Киэһэ 11 чааска бөһүөлэккэ уоту араараллара, ол иһин киэһэтин аһаан бүтээт, ааҕыы саҕаланара. Уочаратынан ааҕаллара, манна Маша, Тома, Аля күннүүллэрэ. Дорҕоонноохтук ааҕыы диэн манна буолара. «Герой оҕолор», «Брест кириэппэһэ», «Манчаары туһунан номох», «Четвертая высота» уо.д.а. кинигэлэри  биир чаас курдук ааҕыы тэриллэрэ, оҕолору аһынан ытаһыы да баар буолара. 

Төрөппүттэр сэттэ оҕолоро бары үөрэхтэригэр ураты сыһыаннаахтар этэ. Ийэлээх аҕалара наар «кыһаллан үөрэннэххитинэ, үрдүк үөрэхтэниэххит» дииллэрэ. Бэйэлэрэ оччолорго кыайан үөрэҕи ылбатахтара, ол иһин оҕолоро үөрэхтээх дьон буолалларыгар үгүс сыраларын биэрбиттэрэ. Оҕолор бары үөрэхтэригэр үчүгэй буолан, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлара, дьоннорун үөрдэллэрэ.  

Оҕолор улаатан, сыыйа Танда орто оскуолатыгар үөрэнэн, үрдүк үөрэххэ кииртэлээбиттэрэ. Үс оҕо тэҥҥэ устудьуоннуур кэмнэрэ олус кырыымчык кэмнэр этилэр. Ол да буоллар, оҕолор бэйэлэрэ дьонноруттан  элбэх харчы көрдөөбөккө, истипиэндьийэлэрин мунньан таҥналлара, сайын кэлэн пиэрмэҕэ үлэлээн хамнастаналлара, устудьуоннар этэрээттэригэр үлэлииллэрэ. Кыргыттар, уолаттар өрүүтүн ийэлээх аҕаларын харыстыы, ытыктыы үөрэммиттэрэ мантан көстөр. 

“Оҕо – төрөппүт сиэркилэтэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ийэлэрэ, аҕалара үөрэтиилэрин олоххо туһаналлар. «Дьоҥҥо барыларыгар тэҥник сыһыаннаһыҥ, кими да сэнээбэт буолуҥ, эйэҕэс  дьон буола  улаатыҥ» диэн  төрөппүттэрин  үөрэтиилэрин ылынан, билигин бары дьон үтүөтэ буоллулар. Сэттэ оҕо бары  учуутал идэтин ылан, күн бүгүн айа-тута сылдьалларыттан киһи үөрэр. Биир дьиктитэ диэн, бары салайар дуоһунаска үлэлии сылдьыбыттар, үлэлии сылдьаллар.  Бу ураты көстүү төрөппүттэр үөрэтиилэрин, такайыыларын холобура дии саныыбын. 

Уопсай ыстаастара – 178 сыл

Улахан кыыс Анна Семеновна Атласова, ыал улахана буолан, бииргэ төрөөбүттэригэр өрүүтүн холобур буолар. Уссурийскай куоракка үөрэммитэ, нуучча тылын учуутала идэлээх. Кэлин география учууталын үөрэҕин бүтэрдэ.  Дүпсүн орто оскуолатыгар 17 сыл устата дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Билигин учууталлыыр. Кэргэнэ Николай Васильевичтыын салайар үлэҕэ уһуннук үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыттара. Анна Семеновна – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Методист – учуутал» бэлиэ хаһаайына, Арассыыйа үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ. Кыыстара Анна Николаевна  начаалынай кылаас учуутала, күтүөттэрэ Алексей Васильевич  эбии үөрэхтээһин педагога. Утум салҕанар.

Николай Семенович,  улахан уол буолан, дьиэ үлэтигэр олус сыстаҕас. Аҕатын утумнаан, маска уһанар талааннаах. Түүлээх орто оскуолатыгар технология учууталынан  үлэлээбитэ. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк  дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Уопсастыбаннай үлэлэргэ, үлэтигэр ситиһиилэрин иһин  улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын, профсоюзнай хамсааһын, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинигэр кылаатын иһин” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Кэргэнэ Галина Ивановналыын ийэлээх аҕаларын дойдуларыгар  Түүлээххэ олороллор. Кыыстара  Анна Николаевна ХИФУ-ну бүтэрбитэ, педагог-психолог идэлээх, кийииттэрэ Нина Васильевна -   аспирант, ХИФУ “Институт зарубежной филологии и регионоведения” үлэлиир. Сиэннэрин хос эбэлээх, эһэлэрин олоххо биэрбит үөрүйэхтэринэн  иитэллэр.

Мария Семеновна Игнатьева – оҕо эрдэҕиттэн саамай сытыы-хотуу, саҥалаах-иҥэлээх кыыстара. СГУ саха тылын салаатын бүтэрбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына,  Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.  Саха тылын учууталынан, Хатырык оскуолатын  дириэктэринэн, Нам улууһун баһылыгын социальнай  боппуруостарга солбуйааччытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин Нам үөрэҕин управлениетын начаалынньыга. Кэргэнинээн Николай Васильевичтыын  салайар үлэлээх буоллаллар да, кыргыттарын, уолларын  үөрэхтээх дьон буолалларыгар кыһаллан, Туйаара  Нам оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, атыттар ситиһиилэрдээх бүтэрбиттэрэ. Мария Семеновналаах төрөппүттэрин удьуордаан сиэннэрин кинигэни таптыырга, кинигэни ааҕарга уһуйаллар, эппиэтинэстээх буолууга, үлэҕэ туһаайаллар, киэҥ билиилээх буоларга сыаллыыллар. 

Төрдүс кыыс Тамара Семеновна Михайлова – саха тылын, саха фольклорун сырдатааччы, тарҕатааччы. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, «Кэскил» өрөспүүбүлүкэ образцовай хомус ансаамбылын салайааччыта. Үрдүк категориялаах учуутал саха тылын, литературатын методхолбоһугун салайар. Кэргэнэ – математика учуутала Петр Васильевичтыын улууска “Сыл бастыҥ педагогическай дьиэ кэргэнэ” ааты ылбыттара  элбэҕи этэр. Кыыстара Василиса —  эбии үөрэхтээһин педагога, төрөппүттэрин туйахтарын хатаран ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

Альбина Семеновна Аммосова оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бииргэ төрөөбүттэртэн  үөрэҕэр саамай үчүгэйдэрэ эбит. Алын сүһүөх кылаас учуутала.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Кэккэ сылларга үлэлиир Окоемовка оскуолатыгар “Үөрэнээччи биһирэбилин ылбыт учуутал”. Үгүс өрүттээх уопсастыбаннай үлэни ыытар. 20 сыл устата  учууталлар методхолбоһуктарын салайан үлэлэтэр.  Оскуола дириэктэринэн, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээн, дьон, үөрэнээччи биһирэбилин ылбыта, нэһилиэккэ убаастанар учуутал  кырдьаҕастар түмсүүлэрин салайааччыта. Кыргыттара, уола үрдүк үөрэхтэнэн, ийэлэрэ Альбина Семеновнаны, аҕалара Степан Коммунаровиһы үөрдэллэр. Икки кыыс Москваҕа олохсуйан үлэлии сылдьаллар.

Кыра кыыс Любовь Семеновна Татаринова – саха тылын учуутала, Хатырык орто оскуолатыгар үлэлиир. Алта сыл устата дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, үрдүк категориялаах учуутал. Кэргэнэ Алексей Иннокентьевичтыын  оҕолорун, сиэннэрин туһа диэн олорор саха мааны ыала. Любовь Семеновна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар хотун” куонкуруска  “Талба хотун” номинацияны ылбыта кинини дьиэ кэргэн тутаах киһитэ буоларын   туоһулуур.

Саамай кыралара Семен Семенович Турантаев кэргэнинээн, медик идэлээх Парасковья Николаевналыын Намҥа олохсуйдулар. Семен пединституту бүтэрэн, инженер-педагог идэтин ылбыта. Физкультура, уруһуй учууталынан, Таастаах оскуолатыгар дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ, билигин  “Намкоммунтеплоэнерго” акционернай тэрилтэ “Ыраас уу” ситимин салайааччыта. Уоллара Женя эһэтин, аҕатын утумнаан илиитигэр талааннаах. Нам педагогическай колледжын ситиһиилээхтик бүтэрэн, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар.

Ити курдук сэттэ бииргэ төрөөбүттэр ийэлэрэ Тамара Николаевна, аҕалара Семен Семенович олоххо баҕа санааларын толорон, олоххо актыыбынай позицияны тутуһан, сиэрдээхтик олорон, учуутал үрдүк аатын өрө тутан үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Манна сиэннэр эмиэ педагогическай династияны салҕыылларын эбэн кэбиһэбит. Бииргэ төрөөбүт Турантаевтар уопсай үөрэхтээһин сайдыытыгар, үөрэх эйгэтигэр 178 сыл ыстаастаахтар. Бу мээнэ сыыппара буолбатах. Элбэх сыллаах дьаныардаах, ситиһиилэрдээх  үлэ түмүгэ.

Төрөппүт оҕолорун үлэҕэ бэриниилээх, сиэрдээх майгылаах гына ииппит ийэ Тамара  Николаевна Слепцова 2009 сылга СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир дьиэ кэргэн  уонна оҕо кэмитиэтин «Ийэҕэ махтал» үрүҥ көмүс бэлиэтин туппута. Дьэ бу баар этэ ийэ дьолломмут күнэ. “Ийэҕэ албан аат” 3 истиэпэннээх уордьанынан, көмүс бэлиэнэн  наҕараадаламмыт ийэ Түүлээх нэһилиэгэр тутуллубут ийэлэргэ аналлаах сквергэ аата көмүс буукубанан суруллан турар, төрөппүт оҕолорун олоххо ситиһиилэриттэн дьолломмут сэбэрэтэ үйэ саас тухары дьон-сэргэ көрүүтүгэр хааллаҕа...

 

Учуутал дьиэ кэргэн бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин ийэлээх аҕалара олоххо ииппит, үөрэппит  үөрүйэхтэрин, сатабылларын туттан, утуму салҕыыллар.

Оҕо саас үтүө өйдөбүллэрин, олоххо ситиһиилэрин барытын төрөппүттэрэ Тамара Николаевна, Семен Семенович ааттарын кытта  ситимнииллэр, кинилэргэ махталлара уҕараабат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....