26.11.2021 | 14:00

Биир турба дьылҕатын тула

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Биһиги эрэдээксийэбитигэр Ильинка, 3/1 дьиэтин олохтоохторо кыһалҕалаах таҕыстылар. Олохтоохтор этэллэринэн, Салайар хампаанньа канализация турбатын кыстыкка бэлэмнээбэтэх – кыс ортото эмиэ саахал тахсыан сөп. 
Оттон Салайар хампаанньа кырдьыга биир – бу турба кинилэр киэннэрэ буолбатах, биирдэ дьаһайда да, бу эбээһинэс кэнэҕэһин быһалыы кинилэргэ сүктэриллэн, ороскуот биир ыстатыйата буолан хаалар.

Ильинка, 3/1 дьиэтин кыһалҕатын олохтоохтор ааттарыттан Тамара И. кэпсээтэ: “Биһиги канализационнай турбабыт олбуорбутунан ааһар. Cатыы дьон суолун айаҕар сытар буолан,  тас бүрүөһүнэ эргэрэн, туллан түһэр. Халлаан -40 кыраадыс тымныы буолла, турбабыт оннук сайыҥҥылыы сыгынньах сытар.

“Новатор” Салайар хампаанньабыт дириэктэрэ Н. Н. Петрова этэринэн, бу турба кинилэр балансаларыгар суох, хаһаайына ким буолара биллибэт.

“Водоканаллар” этэллэринэн, кинилэр киэннэрэ эмиэ буолбатах. “Водоканал” сир аннынааҕы турбалары дьаһайабын, оттон сир үрдүнэн барар ситимнэри Салайар хампаанньаҕыт дьаһайыахтаах диир.

Аны туран, бу сайын ити турбабыт тоҕо барбыта, сыттаах-сымардаах кирдээх уу олбуорбутугар сайыны быһа халыйан сыппыта. Кыһын кэлэн, сытыйбыт чалбахпыт аны каток буола тоҥно.

Биһиги, ильинкалар, иллэрээ сыл кыһын ортото 2-3 күн тоҥмуппут, улахан саахал тахсан, 10-ча биригээдэ күннэри-түүннэри үлэлээн сылааһы киллэрбиттэрэ. Биһиги дьиэбит бастакы этээһигэр икки кыбартыыра батареялара хайдыбыттара, атыттар онон-манан сылыттан хонон турар этибит. Ол иһин улахан сүрэх баастаахпыт. Ол иэдээн хатыламматыгар баҕарабыт.

“Новатор” Салайар хампаанньабыт урукку салайааччытыгар эттэхпитинэ, биир-биэс тыла суох бу турбабытын кыстыкка бэлэмниир буолара. Оттон билиҥҥи салалта “биһиэнэ буолбатах” эрэ диирин билэр...

Госстройжилнадзор Автодорожнай уокурукка утаарар, уокурукпут салалтата Салайар хампаанньаҕытыгар этиҥ диир... Ити курдук киһиттэн киһиэхэ тэбиэлэһэ сылдьаллар. Оттон турбабыт хайа бардаҕына ким дьаһайара буолла?

Сэрэдэ күн уонча киһилээх улахан хамыыһыйа кэлэн, көрөн-истэн, олохтоохтору кытта көрсөн барда. Биһиги дьиэбит истиэнэтиттэн турба уонча миэтэрэтин – Салайар хампаанньабытыгар, онтон атынын “Водоканал” киэнэ диэн сыһыарыахха сөп диэтэ. Ол да үрдүнэн “Новатор” СХ салайааччыта бу уонча миэтэрэни дьиэҕэ холуодьас тутулуннаҕына биирдэ ылабын диэн быһаарар. Ол аата быйыл бүрүйэр санаата суох...

Аҥаардас бу турба кыһалҕатыттан “Новатор” Салайар хампаанньа бэйэтин олохтоохторугар хайдах сыһыаннааҕын өйдүөххэ сөп дии санаатым. Олохтоохтор элбэх да сиргэ суруйдубут, бэс ыйыттан саҕалаан айманныбыт, кыс ортото чугаһаата – турбабыт сыгынньах сытан кэллэ”.

***

Салайар хампаанньа санаатын эмиэ тиэрдиэххэ наада. “Новатор” СХ салайааччытын Н. Н. Петрованы кытта икки күн устата иккитэ кэпсэтэ сырыттыбыт. Бастакы кэпсэтиигэ, олохтоохтору бутуйбат туһуттан, кини аатыттан тугу да таһаарбаппытыгар, Автодорожнай уокурук исписэлииһиттэн чуолкайдаһарбытыгар көрдөстө.

Бэлиэтээн эттэхэ, “Новатор” СХ ити турба дьылҕатын быһаарар сууту былырыын кыайбыт. Боротокуолга баар ирдэбил саҥа толоруллан эрэр, ол барыта бириэмэтинэн олохтоохтор үҥсүүлэрин кытта сөп түбэспит.

Бу турбанан Ильинка, 3/1 эрэ буолбакка, сэттэ дьиэ (!) канализацията ааһар. Онон кыһалҕа биир эрэ дьиэ таһынааҕы турбаҕа буолбатах, 80-ча миэтэрэ уһуннаах турбаны салгыы ким көрүөхтээҕэр, харайыахтааҕар сытар. Ол иһин Салайар хампаанньа салайааччытын эмиэ өйдүөххэ сөп. Уопсай дьиэ кыһалҕатын быһаарарын таһынан, хос ороскуот оҥостон, таһынааҕы турбалары уйунара уустук. Холобура, олохтоохтор хармааннарыттан дьиэни хааччыйыыга хомуллубут үп таһырдьа сытар ситимнэргэ туһаҕа тахсыахтаах буолан тахсар. Бүтэһигэр хотторуулаах олохтоохтор буолуохтарын сөп.

***

Бэҕэһээ Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа, “Новатор” Салайар хампаанньа, Автодорожнай уокурук управатын бэрэстэбиитэллэриттэн таҥыллыбыт хамыыһыйа айдааннаах турбаны көрдө-иһиттэ. 

И. И. Макаров – Автодорожнай уокурук управатын ОДьКХ боппуруостарыгар исписэлииһэ:

– Ити турба хаһан баҕарар хайа тоҥуон сөп. Ол иһин Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа бэдэрээтчигэ бүгүҥҥүттэн бу турбаны суулаан саҕалыаҕа.

Манна быһааран эттэххэ, бу турба – хаһаайына суох эбийиэк буолан баран, оннук эбийиэгинэн билинэргэ хас да түһүмэхтээх үлэ ыытыллыахтаах. Ол аата, сокуон этэринэн, “бесхознай” аатын сүктэҕинэ эрэ, дьэ, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа бу турбаны кимиэхэ эрэ биэриэхтээх. Олох көрдөрөрүнэн, үксүн “Водоканалга” бэриллэр.

Оттон олохтоохтор бэйэлэрэ бу турбаны көрөр-истэр, Салайар хампаанньаларынан дьаһайтарар кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, турба дьиэ тас өттүгэр баар. Судургутук быһаардахха, “Новатор” СХ  дьиэ иһинээҕини эрэ дьаһайар аналлаах.

Инникитин дьиэ холуодьаһын чугаһатан биэрэн, турба устатын кылгатыахха сөп эбит диэн исписэлиистэр быһаардылар. Ол эмиэ тута оҥоһуллан хаалбат үлэ.

***

Маннык курдук ис хоһоонноох мөккүөрдэр куорат хаһаайыстыбатыгар уруккуттан тахсаллар. Кимиэнэ буолара биллибэт турбалар, бөҕү тоҕор сирдэр, ким дьаһайара биллибэт ититии ситимнэрэ билигин да бааллар.  Салайар хампаанньалар, куорат олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар сулууспалар, салайааччылар, управалар уонна да атыттар араас өрүттээх мөккүөрдэрэ хаһан да бүтүө суох курдук.

Манна эрэйи көрөөччү эрэ соҕотох  – куорат олохтооҕо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...