16.02.2023 | 12:00

Биир кэлим босуобуйа туһунан өссө биирдэ

Биир кэлим босуобуйа туһунан өссө биирдэ
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

«Нулевой доход» ааҕыллар быраабылата хайдаҕый?

Биир кэлим босуобуйаны хат дьахталларга уонна оҕолорго аныыллар – маныаха дьиэ кэргэн дохуота барыта учуоттанар: хамнас, истипиэндьийэ, урбааннааһынтан киирэр дохуот, “самозанятай” дохуота о.д.а.

Сайабылыаньа бэриллиэн иннинээҕи сыл дохуот суох түгэнигэр, “нулевой доход” быраабылата үлэлиир, ол эбэтэр босуобуйа үлэтэ суох буолууга оруннаах төрүт баар эрэ буоллаҕына ананар.

Оннук төрүттэргэ киирсэллэр:

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ биир төрөппүт оҕолорун көрөрө;

– 3 сааһыгар диэри оҕону көрүү;

– Аҥаардас аҕа, соҕотох ийэ оҕо көрөрө;

– Инбэлиит оҕону 18 сааһыгар диэри көрөн олоруу;

– Алта ыйдаах хат буолуу, эбэтэр сайабылыанньа биэриэх иннинэ 12 нэдиэлэлээх хат буолуу;

– 23 саастарыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр дьиэ кэргэн чилиэннэригэр;

– Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар дьоҥҥо, демобилизацияламмыта 3 ый ааһыар диэри;

– Үлэтэ суох буолуу;

– Хаайыыга олорор киһиэхэ уонна босхоломмута 3 ый ааһыар диэри.

Сайабылыанньаны биэриэх иннинэ ааспыт 12 ый устата киһи кыра да хамнаһы ылбыт буоллаҕына, “нулевой доход” быраабылата үлэлээбэт.

 

Баай-дуол хайдах учуоттанарый?

Биир кэлим босуобуйаны анатарга дьиэ кэргэн бас билэр баайа-дуола хайаан да суоттанар. Ону туоһулуур выпискалары туттарар наадата суох, Социальнай пуонда барытын бэйэтэ ирдэһэр: Росреестртан, ГИБДД-тан.

Биэдэмистибэлэр хамсаабат уонна хамсыыр баайы-дуолу барытын учуоттууллар, маныаха төрөппүттэр эрэ киэннэрин буолбакка, сайабылыанньа биэрэр саҕана оҕо аатыгар баар бас билиини кытта ааҕаллар.

Арахсыбыт кэргэнниилэр, регистрацията суох төрөппүттэр баайдара учуоттаммат.

Биир кэлим босуобуйаны ыларга бас билиигэ туох ирдэбил баарый:

– Дьиэ кэргэн бас билиитигэр төһө баҕарар иэннээх кыбартыыра уонна чааһынай дьиэ баар буолуон сөп;

– Кыбартыыра уонна дьиэ ахсаана хас да буоллаҕына, иэнинэн хааччахтааһын баар: биир киһиэхэ 24 эбэтэр 40 кв. м. улахана суох тиксиэхтээх.

– Бас билэр сир иэнинэн хааччахтааһын сайаапка биэрээччи ханна регистрациялааҕыттан тутулуктаах. Сайаапка биэрээччи куоракка проспискалаах буоллаҕына, лимиитэ – 0,25 га, сир ханна баарыттан тутулуга суох;

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн иккиттэн элбэх массыыналаах буоллаҕына, босуобуйаҕа аккаас кэлэр;

– Босуобуйаҕа сайаапка биэриэх алта ый иннинэ сабыллыбыт бааҥҥа баар уурунуу бырыһыана учуоттаммат.

 

«Самозанятайдар» босуобуйа ылыахтарын сөп дуо?

“Самозанятай” статуһун ылбыт төрөппүттэр уопсай быраабыланан биир кэлим босуобуйаҕа сайаапка түһэрэр бырааптаахтар.

“Самозанятай” дохуотун туоһулуур ыспыраапкалары туттарар наадата суох. Социальнай пуонда туһааннаах информацияны нолуок уорганнарыттан бэйэтэ ирдэһэр.

 

Босуобуйа “самозанятайдарга” маннык түгэҥҥэ ананар:

– Дьиэ кэргэн дохуота олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына;

– Бас билиигэ баар баай-дуол ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр буоллаҕына;

– Төрөппүттэр официальнай хамнастаах эбэтэр үлэтэ суох буоларга оруннаах төрүөттээх буоллахтарына.

 

Ийэ хапытаалыттан төлөнөр босуобуйа хайдах буоларый?

2023 сылтан Ийэ хапытаалыттан бэриллэр төлөбүр быраабылата уларыйда. Аны бу төлөбүрдэри ханнык баҕарар 3 сааһын туола илик оҕоҕо ылыахха сөп буолла, ол эрэн маныаха дьиэ кэргэн дохуота олох таһымын алын кээмэйиттэн намыһах буолуохтаах.

Биир кэлим босуобуйаны ылар буоллаххытына, Ийэ хапытаалыттан түһэр төлөбүр тохтуур. 12 ыйынан ханнык көмөнү таларгытын бэйэҕит быһаарар кыахтанаҕыт: Ийэ хапытаалыттан төлөбүрү эбэтэр босуобуйаны.

***

Сайаапканы дьиэттэн тахсыбакка судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар толоруохха сөп

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...
Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...