23.07.2020 | 08:53

Биэтэккэ чугаһаан эрэбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аар-силик айылҕабыт толору симэнэр кэмигэр Үтүө дьыалабыт Кубога хоту улуустарынан эргиирин түмүктээн, Томпо – Таатта – Чурапчы хайысханан ыалдьыттаата.

Кириэс Халдьаайы 1985 сыллааҕы выпускниктара манна, дойдуларыгар, оҕо оонньуур балаһааккатыгар харчы хомуйан, инбэлиит үөлээннээхтэригэр дьиэлэрин өрөмүөннээн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бара турар хамсааһыҥҥа бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрдилэр.

Ити үтүө бачыымы таатталар салҕаатылар. Бу күннэрдээҕи  бириэмэ быраабылатын тутуһан туран, бэйэлэрин илиилэринэн, сүрэхтэрин баҕатынан туппут сценаларыгар Вера Канаева иилээн-саҕалаан, дьоҕус церемония оҥордулар. Маныаха биһиги, Маргарита Степанова уонна Лилиана Антонова, куораттан тиийбит дэлэгээссийэ аатыттан Кубок сыллааҕы үлэтин туһунан сырдатыыны оҥордубут.

Ол курдук, Ытык Күөлгэ Хадаайы музейыгар көрүөхтэн тупсаҕай бырайыактаах сцена тутулунна. Манна уопсайа 120 оҕо кыттыыны ылла. Ол курдук, матырыйаалы уолаттар хайыттаран, тиэйэн аҕаллылар. Тутуу сүрүн консультана – Андрей Яковлев, Уус Алдан. Тутууга туһааннааҕынан Софрон Винокуров, Павел Данилов, Роман Протодьяконов, Архип Марков, Афанасий Жулляров, Эдуард Мосоркин, Александр Никифоров, Андрей Семенов, Иван Бабанов, Иван Толстяков, Гаврил Малышев, Иван Ефремов, Игорь Павлов уонна «Выпуск-85» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү бэрэссэдээтэлэ, Таатта уола Алексей Васильев үлэлээтилэр. Аны туран, Харбалаах, Чычымах, Чымынаайы оҕолоро иитиллибит оскуолаларыгар махталларын бэлиэтин бэс ыйын 22 күнүгэр Үтэ Көлүйэ диэн сиргэ "Үс Амма аартыга" диэн ааттаах өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбуттар. Бэлиэбитин выпуск биир талааннаах уола Степан Корякин айан, Гаврил Малышев, Данил Софронов ис дууһаларын ууран, үйэлээх гына тимиртэн иһэрдэн, хараҥаҕа да фара уотугар сандааран көһүннүн диэн светоотражающай кырааскалаан оҥорбуттар. Манна биһиги көлүөнэ оҕолор күндүтүк саныыр үс мас бүтэй күрүөбүт, үөрэх-билии бэлиэтэ кинигэ уонна Амма өрүс үрдүгэр турар үс нэһилиэк каартата 1985-2020 сыллар икки ардыларыгар көстөр. Үтэ Көлүйэ – Амма-Таатта быысаһар сирэ, былыргы симиэбийэ турбут, аттаах, оҕустаах дьон тохтоон, хонон ааһар сирдэрэ Ытык Күөлтэн 30 км тэйиччи турар эбит. Бэлиэни туруоруу ытык сиэригэр-туомугар Дьокуускайтан, Ытык Күөлтэн, Чымынаайыттан, Харбалаахтан, Чычымахтан 21 үөлээннээхпит мустан, алҕаан туруорда.

Маны сэргэ Харбалаахха Ытык Күөл орто оскуолатын выпускнига Софрон Винокуров уонна Орто Халыма оскуолатын выпускнига, билигин Чөркөөх баһылыга Андрей Семенов фонтан туттулар. Оттон Вера Канаева ыҥырыытынан, Кыайыы 75 сылынан бэтэрээннэргэ олбох тигэн бэлэхтиир аахсыйа ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Баайаҕа орто оскуолатын бүтэрбиттэр Мандар Уус 75 сааһын көрсө Моҕол Ураһа тутуутугар харчынан, субуотунньуктаан да кыттыыны ыла тураллар. Ытык Күөл орто оскуолатын 1985 сыллааҕы 10 «Б» кылааһын выпускниктара Дьокуускайтан Михаил Винокуров, Төҥүлүттэн Спиридон Большаков, Ытык Күөлтэн Павел Данилов, Роман Протодьяконов бииргэ үөрэммит кыыстарыгар Вера Канаеваҕа дьиэ тутуутун саҕалаатылар.

Ити курдук Кубокпыт өрөгөйүн Чурапчы 85-тэрэ тутар күннэрэ тиийэн кэллэ. Кубок айанын туһунан Чурапчы лидерэ Марианна Макарова сырдатар:

- “Биһигини, чурапчылары, Үтүө дьыала Кубогын тула бу хамсааһыны өйдөтөн-тэрийсэн саҕалаабыт Светлана Антонова көмөтүнэн сомоҕолостубут. Ол курдук, Сылаҥ орто оскуолатын 1985 сылга бүтэрбиттэр бу олохтон, ыарахан ыарыыттан туораабыт Василий Дьяконов уолугар Родион Дьяконовка харчынан көмө оҥордулар. Билигин уонна инникитин учууталларын Егор Дмитриевич Макаров үлэтин үйэтитиигэ архыып матырыйаалларын электроннай көрүҥҥэ түһэриигэ күүскэ үлэлииллэрин биллэрдилэр. Мугудай орто оскуолатын оҕолоро нэһилиэктэригэр чөл олох, маассабай спорт уонна физкултуура сайдыытыгар көмүс кылааттарын киллэрдилэр. Дириҥ орто оскуолатын 1985 сыллаахха оройуон Одьулуун, Хадаар, Хайахсыт, Чакыр, Мугудай, Болтоҥо, Арыылаах нэһилиэктэриттэн 43 буолан бүтэрбиттэр. Үбүлүөйдээх сылларбытын үтүө дьыаланан бэлиэтиир үтүө үгэс биһиэхэ уруккуттан баар буолан, холобура, 30 сылбытыгар Дириҥҥэ спорт балаһааккатын тутуутугар көмө оҥорбуппут, быйыл 1950 сыллаахха тутуллубут сэриигэ охтубут буойуттарга анаммыт пааматынньыгы сөргүтүүнү саҕалаатыбыт. С.А. Новгородов аатынан Чурапчытааҕы өрөспүүбүлүкэ таһымнаах спортивнай интернат-оскуоланы Үөһээ Дьааҥыттан, Булуҥтан, Халыматтан, Абыйтан, Амматтан, Өлүөхүмэттэн, Өлөөнтөн, Мииринэйтэн, Тааттаттан, Аллайыахаттан, Муоматтан, оройуон нэһилиэктэриттэн 54 буолан бүтэрбиттэр. Кинилэртэн тустууга ССРС спордун маастардара Сергей Сивцев, ох саанан ытыыга маастарга кандидат Уля Стручкова, о.д.а. разрядтаах оҕолордоохпутунан, дойдубутун ааттата сылдьалларынан киэн туттабыт. Манна даҕатан эттэххэ, былырыын балаҕан ыйыгар куоракка, атын улуустарга олохсуйбут оҕолорбут кыттыһан, Чурапчыга киириигэ биир кэрэ тутуу турбута. Дойдубут дьоно сынньанан ааһалларыгар аналлаах сахалыы балаҕаны үөлээннээхтэрбит 100 тыһыынчанан кыттыһан туран аҕыйах күн иһигэр туппуттара. Ону таһынан 42 тыһыынча суумаҕа көмө аахсыйа оҥордубут, үс улахан субуотунньугу тэрийдибит.

Итиннэ барытыгар үөрэппит-такайбыт учууталларбытыгар барҕа махталы тиэрдэбит уонна бары үөлээннээхтэрбитигэр уйгу-быйаҥ олоҕу, кэрэ-мааны кэскили баҕаран туран, үөрүүлээх үбүлүөйбүтүнэн эҕэрдэ тылларын эттэхпит буолуохтун!»

Кубокпыт ырыа буолан ыллаата

Үтүө дьыала Кубогын Чурапчы улууһугар аҕалбыт дэлэгээссийэни Чурапчы орто оскуолатын 1985 сыллааҕы выпускницата Елена Брызгалова төрөөбүт тиэргэнигэр үөрэ-көтө көрүстэ. Күөл үрдүгэр турар сахалыы балаҕанынан, өссө ураһанан сиппит-хоппут уһаайба ыраахтан кэлбит ыалдьыттары ураты тыынынан угуттаата.

- Лена, куораттан кэлбит дьону уу сахалыы тыыннаах тэлгэһэҕэ үктэннэрдиҥ дии. Бу тутуулар историяларын кэпсии түһүөҥ буолаарай?

- Төрөппүттэрим иккиэн 84 саастаах кырдьаҕастар. Эһиил бриллиант  сыбаайбалара. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Бука бары төрөөбүт улууспутуттан тэйбэккэ, бэйэбит эбээ, эһээ буолбут дьоммут. Онон бу тутууларга бука барыбыт илиибит сылааһа тиийбит буолан, билигин уруунан мустар киин сирбит. Аҕабыт 1991 сыллаахха саха балаҕанын туппута. Манна улууска кэлбит ыалдьыттары көрсөр этилэр. Биир күндү ыалдьыппытынан Егор Гайдар буолар.

- Биһиги бүгүн бэрт элбэх бэлиэ сиргэ сырыттыбыт. Аҕаҥ бу Чурапчыга баар пааматынньыктарга быһаччы сыһыаннаах эбит.

- Аҕам Дьячковскай Василий Николаевич Чурапчыга, Сылаҥҥа  пааматынньыктары үйэтитиигэ элбэх үлэни ыыппыт кырдьаҕас коммунист. Саамай баараҕай үлэтэ – Чурапчы көһөрүллүүтүгэр аналлаах пааматынньык. Кыайыы скверигэр Албан аат аллеятын, офицердарга аналлаах стеланы оҥорторбута.

- Дьэ, бүгүн ураты күн. 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр Үтүө дьыалабыт Кубогын биир төгүрүк сыллаах үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Бу сүҥкэн суолталаах хамсааһыны үйэтитэр бэлиэ түгэн – Кубокпыт туһунан ырыаны сүрэхтээһин эһиги ураһаҕытыгар буолла.

- Бииргэ үөрэммит кыыспыт Марианна Макарова матыыбыгар, Уус Алдан выпускнига Виктор Литвинцев тылларыгар "Үтүө дьыала Кубога" ырыа, кырдьык да, куйаарга бастаан көтүүтэ наһаа үөрүүлээх, долгутуулаах. Төрөппүттэрим бастакы истээччи буолан, сүрдээҕин үөрдүлэр, астыннылар, сыл устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҥоһуллубут үтүө дьыалалары көҕүлээбит Кубокка илиилэрин сылааһын иҥэрдилэр. Ону таһынан маны барытын киэҥ эйгэҕэ таһаара турар "Киин куорат" хаһыаттан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

- Лена, эйиэхэ тус бэйэҕэр эмиэ улахан махтал. Тэлгэһэҕит өрүү оҕо чаҕаарар саҥатынан туоллун, ыалдьыт барҕа махталын анаатын, төрөппүттэриҥ чэгиэн буоллуннар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...