24.12.2020 | 13:21

“БИЭРЭПИС – 2020” ЭҺИИЛГИГЭ КӨСТӨ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл саас Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис ыытыллыахтаах этэ, ол эрэн коронавирус дьаҥа мэһэйдээн биэрэпис эһиилгигэ көстө. Росстат иһитиннэрэринэн, нэһилиэнньэ ахсаанын ааҕар биэрэпис 2021 сыл муус устарыгар ыытыллыаҕа. Үчүгэйэ диэн, биэрэпискэ дьиэттэн тахсыбакка олорон кыттыахха сөп.

БАСТАКЫ БИЭРЭПИСТЭР

Арассыыйаҕа бастакы биэрэпис 1897 сыллаахха ыытыллыбыт. Көҕүлээччинэн айанньыт, учуонай-энциклопедист Петр Петрович Семенов-Тян-Шанскай буолбут. Кини Статистика судаарыстыбаннай сэбиэтин баһылаабыт уонна аан бастакынан Санкт-Петербург куорат нэһилиэнньэтин ахсаанын аахпыт.

Олохтоохтор ахсааннарын өссө монгуол-татаар норуоттара ааҕаллара. XVI уонна XVII үйэҕэ олбуорунан барыллаан ааҕыыны ыраахтааҕы суруксуттара ыыталлара. Кэлин Петр I 1710 уонна 1716-1717 сыллардаахха эр дьон ахсаанын аахпытын история кэпсиир.

Бу биэрэпистэри бүттүүн дойду дьонун ааҕыы этэ диэбэппит. Эр дьону сэриигэ ыытаары ааҕаллара, олбуорунан ыалы – түһээн хомуйаары.

1897 сыллаахха буолан ааспыт биэрэпискэ Арассыыйа империятын олохтоохторун барытын аахпыттара. Нэһилиэнньэ тугунан аһаан-таҥнан, үлэлээн-хамсаан олорорун быһаарар боппуруостары киллэрбиттэрэ. 

1885 сыллаахха Арассыыйаҕа «Арассыыйа империятыгар уопсай биэрэпис балаһыанньата” ылыллыбыта. Дьон аатын-суолун, сааһын, эт-хаан өттүнэн туох итэҕэстээҕин, дьиэ хаһаайыстыбатыгар ким буоларын, кэргэннээҕин-кэргэнэ суоҕун, ханнык араҥа бэрэстэбиитэлэ буоларын, итэҕэлин, ханна төрөөбүтүн, билигин ханна олорорун, үөрэхтээҕин-үөрэҕэ суоҕун, сүрүн дьарыгын сурукка киллэрэр буолбуттара. Биэрэпис биир эрэ күн ыытыллыбыта – 125,6 мөл. киһи ааҕыллыбыта, билиҥҥи Арассыыйа территориятыгар 67,5 мөл. киһи олороро. Бу биэрэпис матырыйаалларын 1905 сыллаахха диэри үөрэппиттэрэ.

СЭБИЭСКЭЙ СОЙУУСКА

Онтон кэлэр биэрэпис 1920 сыллаахха биирдэ ыытыллыбыта. Бу дьиҥнээх историяҕа хаалар бэлиэ түгэн этэ. Нэһилиэнньэни кытта тыа хаһаайыстыбатын уонна промышленнай тэрилтэлэри аахпыттара. Дойдуга гражданскай сэрии бара турар кэмэ этэ, онон нэһилиэнньэ 75 бырыһыана эрэ хабыллыбыта – сорох регионнары киин былаас бас билбэт этэ. 11204 специалист үлэлээбитэ. Куораттарга биэрэпис биир нэдиэлэ устата, тыа сирин нэһилиэнньэтин ааҕарга икки нэдиэлэ барбыта.

Бүтүн Сойуустааҕы биэрэпис 1962 сыллаахха буолбута – СССР Киин статистическай управлениета ыыппыта. Арассыыйа нэһилиэнньэтэ 100,9 мөл. буолбута биллибитэ. Онтон куораттарга 17,2 бырыһыана олороро.

ТУЙМААРДАР ТҮМҮКТЭР

Онтон кэлэр биэрэпистэр иккилии сыл буола-буола ыытыллыбыттара. Ол эрэн 1937 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпис түмүгүн былаас ылымматаҕа. Статистиктар аахпыттарынан, СССР нэһилиэнньэтин ахсаана 162 мөл. киһи этэ, 1934 сыллаахха киһи ахсаана 168 мөл. буолбутугар, үс сылынан 170 мөлүйүөнү куоһарар былаан баара – ол сатамматаҕа...

1937 сыллааҕы биэрэпискэ РСФСР нэһилиэнньэтин ахсаана – 104,9 мөл. киһи диэн сурукка киирбитэ. 1939 сыллаахха биэрэпиһи номнуо атын дьон ыыппыта, урукку “биэрэпиһи сыыһа ыыппыт” үлэһиттэри репрессиялаабыттара. Бу иннинэ 1937 сыллаахха нэһилиэнньэ 56,7 бырыһыана бэйэтин итэҕэллээҕинэн аахпытын иһин, итэҕэл туһунан ыйытыы сотуллубута.

1939 сыл тохсунньутугар биэрэпис куораттарга 7 күн, тыа сиригэр 10 күн устата ыытыллыбыта.  Аан бастакытын биэрэписчиттэр дьиэлэри кэрийбиттэрэ. Бу биэрэпис дааннайдарын барытын сааһылыырга Аҕа дойду Улуу сэриитэ мэһэйдээбитэ...

МАССЫЫНА СТАТИСТИКАТА

Бу кэнниттэн 20 (!) сыл буолан баран биэрэпис тэриллибитэ: 1959 сыллаахха. Бастакытын суоттуур массыыналары туһаммыттара. Машиносчетнай станциялары икки сыл инниттэн бэлэмнээбиттэрэ, 50 үлэһит баара. Биэрэпис иннинэ табулятор диэн массыыҥкалар баар буолбуттара. Биэрэпис түмүгэ 17 туомунан 1962-63 сс. тахсыбыта.

1970 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпиһи күүскэ рекламалаабыттара. Плакаттар тарҕаммыттара, лекциялар, кулууптарга бэсиэдэлэр буолаллара, хаһыаттарга, сурунаалларга ырытар ыстатыйалар тахсыбыттара, агитационнай автопробегтар буолан ааспыттара. “Центрнаучфильм” “Биһиги хаспытый?” диэн тэттик киинэни устан дойду бары кинотеатрдарыгар көрдөрбүтэ.

Биэрэпис оччотооҕуга чахчы инновационнай ньыманан ыытыллыбыта. Матырыйааллары «Минск-32» ЭВМ ааҕара, таблица оҥорон бэчээттээн таһаарара. Ол эрэн биэрэпис түмүгүн киэҥник тарҕаппат буолбуттара.

1989 сыллаах биэрэпискэ дьон олорор усулуобуйатын туһунан ыйытыылар киирбиттэрэ. Бу бүтэһик Сэбиэскэй биэрэпис буолбута.

АНЫГЫ ТЕХНОЛОГИЯЛАРЫНАН ТУҺАНЫАХХА

Билиҥҥи Арассыыйаҕа биэрэпис иккитэ эрэ ыытылынна. 2002 сыллаахха биэрэпиһи ООН уонна норуоттар икки ардыларынааҕы ирдэбилгэ олоҕуран тэрийбиттэрэ. Манна Арассыыйаҕа бастайааннай олорор дьону кытта биэрэпис кэмигэр кэлэ сылдьар дьону, тас дойдуга командировкаҕа барбыттары, 1 сылтан ордук олорор атын дойду дьонун кытта аахпыттара.

2010 сыллааҕы биэрэпис аан дойду ирдэбиллэригэр барытыгар эппиэттиирдик ыытыллыбыта. Бу биэрэпис дааннайдарыгар олоҕуран демография уонна экономика былааннара оҥоһуллаллар, дойду сайдар суола торумнанар.

2020 сылга ыытыллыахтаах быйылгы биэрэпис коронавирус дьаҥа тарҕанан көһөрүллүбүтэ. Эһиил биэрэпис толору цифровой ньыманан ыытыллыаҕа. Ыйытыыларга Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталыгар эбэтэр мобильнай сыһыарыытыгар хоруйдуохха сөп буолуоҕа.

Саҥа ыытыллыахтаах биэрэпис биир сонун уратыта – киһи бэйэтэ биэрэпиһи ааһар кыахтанар. Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталыгар (gosuslugi.ru) киирэн докумуону толоруохха сөп. Маны таһынан, интэриниэккэ киирэр кыаҕа суох буоллаххытына,  олорор сиринэн «стационарнай» учаастактарга, судаарыстыбаннай  өҥөнү оҥорор «Мин докумуоннарым» киин иһинэн биэрэпиһи ааһыахха сөп. Биэрэписчиттэр дьиэҕэр кэлиэхтэрин эмиэ сөп.

Санатан эттэххэ, 2010 сыл биэрэпиһинэн өрөспүүбүлүкэбит олохтооҕун ахсаана 958 528 киһи этэ.

БИЭРЭПИСКЭ ҮЛЭЛИЭН БАҔАЛААХТАРГА

Биэрэпискэ 18 сааһын туолбут ким баҕалаах үлэлиэн сөп.

Үлэһиттэр анал үөрэҕи ааһаллар.

Баҕалаах дьон sakha@gks.ru электроннай почтаҕа суруйан эбэтэр 8 (4112) 42-45-17, 8 (4112) 34-16-23 төлөпүөннэргэ эрийэн билсиэхтэрин сөп.

Бу сыл алтынньытыгар “Покажи страну ВиПиНу” хаартысканан Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ Саха сириттэн Мичийээнэ диэн никтаах кыттааччы бу хаартысканан кыайыылаах тахсыбыта уонна 50 тыһ. солк. бириэмийэлэммитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...