02.12.2022 | 09:00

Биэнсийэни иккитэ ылыахтара

Бэлиэтээн эппиттэринэн, сорох биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр бигэргэммит күнүгэр-дьылыгар кэлиэ.
Биэнсийэни иккитэ ылыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы ыйга хас ый 8 чыыһылатыгар ылар биэнсийэлээхтэргэ 2023 сыл тохсунньу ыйдааҕы төлөбүрдэрэ эмиэ киириэ. Бу туһунан Г.В. Плеханов аатынан РЭУ кафедратын доцена Галина Семенова иһитиннэрдэ.
“Хас ый 8 чыыһылатыгар диэри биэнсийэ ылааччыларга 2023 сыл тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэ эмиэ түһүөҕэ. Бастатан туран, уһун бырааһынньыктар, биэнсийэ түҥэтэр сулууспа үлэһиттэрэ сынньаналлар, иккиһинэн, сорох биэнсийэлээхтэргэ почтаттан харчыларын дьиэлэригэр илдьэн биэрэллэр”, – диэн этиллэр. Маныаха атыттарга бигэргэммит графигынан биэнсийэлэрэ кэмигэр кэлиэҕэ диэн бэлиэтииллэр. 
РФ Федерациятын Сэбиэтин социальнай кэмитиэккэ баһылыгы солбуйааччы Елена Бибикова эрдэ биллэрбитинэн, Украинаҕа байыаннай дьайыыга сылдьан инбэлиит буолбуттар икки биэнсийэни тэҥинэн ылар бырааптаахтар. Маны таһынан икки биэнсийэни анал байыаннай эпэрээссийэҕэ өлбүттэр төрөппүттэрэ эмиэ ылыахтарын сөп диэн Бибикова эбэн эттэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...