01.08.2020 | 13:13

Биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биэнсийэҕэ регионтан бэриллэр социальнай төлөбүр туһунан СӨ Бырабыыталыстыбата 2009 сыл сэтинньи 23 күнүгэр таһаарбыт  «Об утверждении положения о порядке предоставления региональной социальной доплаты к пенсии в Республике Саха (Якутия)» диэн уурааҕар олоҕуран, олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбии социальнай төлөбүр олохтонор.

2020 сылга биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи социальнай төлөбүрү олохтуур сыалтан,  2019 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр тахсыбыт сокуоҥҥа олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйэ  14 076 солк. бигэргэтиллибитэ. Бастакы  зонаҕа олорооччуларга — 17 011 солк., иккис зонаҕа — 13 720 солк. олохтоммут.

Бастакы зонаҕа (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай, Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куорат) – биэнсийэлээххэ Олох таһымын алын кээмэйэ 17 011 солкуобайга тэҥнэһэр.

Иккис зонаҕа (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай к.) – 13 720 солкуобай.

2019 сыл муус устар ыйыгар федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ регионтан бэриллэр социальнай  төлөбүрү ааҕыы бэрээдэгэр уларыйыылар киирбиттэрэ. РФ Биэнсийэ пуондатын  территориальнай уорганыттан биэнсийэ ылар үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр эбии социальнай төлөбүрү оҥорторууга  олорор сирдэриттэн нэһилиэнньэ социальнай харысхалын уорганнарыттан чуолкайдаһыахтаахтар.

Биэнсийэҕэ эбии төлөбүр ый 1-кы чыыһылатыттан олохтонор.

Электроннай ньыманан сайабылыанньаны уонна туһааннаах докумуоннары gosuslugi.ru, e-yakutia.ru порталлар нөҥүө ыытыахха сөп.

Ирдэнэр докумуоннар:

  • пааспар куоппуйата;
  • биэнсийэлээх үлэлээбэтин туһунан бигэргэтэр докумуон куоппуйата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Дьон | 12.04.2025 | 10:00
«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Ийэ барахсан... Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан төһөлөөх ийэ утуйар уута көппүтэ, аймаммыта, хараҕын уутунан сууммута буолуой? Уол оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн баран эдэр сааһыгар илиитин соттуута ийэҕэ, аҕаҕа, чугас дьонугар олус абалаах, кыһыылаах. Бүгүн кэпсэтэр ийэм Евдокия Андреевна Баишева оҕотун, сүрэҕин чопчутун туһунан кэпсиири олус ыарырҕаттар да, сөбүлэҥин биэрбитигэр улаханнык...
Оҕурсу ыам ыйын  5 күнүттэн ыһыллар
Дьон | 11.04.2025 | 16:00
Оҕурсу ыам ыйын 5 күнүттэн ыһыллар
Билигин ханна да тиий, хаһаайкалар биир сүрүн түбүктэрэ – оҕуруот аһын олордуута. Социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөргө мустан, кэпсэтии эрэ барыта арассаада, сибэкки тула. Оттон олох сатабыллаахтар түннүккэ олордубут оҕурсуларын амсайан эрэллэр, клубникалара хайыы-үйэ сибэккилээн ыраатта.  Бүгүн биһиэхэ Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуода сэлиэнньэтин олохтооҕо, анал идэлээх оҕуруотчут Тамара Михайловна Степанова ыалдьыттыыр.   –...
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Сынньалаңңа | 17.04.2025 | 10:00
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Хабырылла Хаабыһап бу манна, айан суолун айаҕар, төрүт уус өбүгэлэрин сиригэр, Харыйа үрэҕин үрдүгэр олохсуйан олорор. Аҕата кини сүүрбэлээҕэр сэбиргэхтэтэн бу сиртэн барбыта, ийэтэ эмээхсин суох буолбута уонча сыл буолла. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр, киниттэн ураты бары кыргыттар. Онон кинилэр кэргэн тахса-тахса эрдэрин дойдуларыгар баран, инньэ Сунтаарынан, Бүлүүчээнинэн, олохсуйбуттара. Бастаан утаа...
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Дьон | 10.04.2025 | 10:00
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Бүгүҥҥү дьоруойум – «Алаҕаркаан» дьабака ааптара, этэргэ дылы, ааттыын амарах, санаалыын сайаҕас талааннаах дизайнер, үс оҕо күн күбэй ийэтэ, эрэллээх кэргэн, көхтөөх дьүөгэ, СВО кэмигэр саха волонтёрдарын хамсааһынын саҕаласпыт саппаас рядовойа Айыына Иевлева-Храмова.   Айыына оҕо сылдьан аҕата Виссарион Дмитриевич төрөөбүт-үөскээбит сиригэр – олоҥхо дойдута Сунтаарга олорбут. Ийэтэ Марианна Алексеевна  –...