18.05.2023 | 11:00

«Биһигини кэм талбыта»

«Биһигини кэм талбыта»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Маннык ааттаах быыстапканы ыам ыйын 5 күнүттэн СӨ Национальнай библиотеката уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтэ анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт, кытта сылдьар хорсун буойуннарга анаан көрдөрөллөр.

Быыстапка аһыллыытыгар Кэмитиэт салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева, СӨ ыччат уонна социальнай коммуникациялар дьыалаларыгар миниистирэ Петр Шамаев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, байыаннай кэрэспэдьиэн Александр Хавренко, СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев, СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрэ Саргылана Максимова уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитин, Афганистан, Чечня сэриилэрин бэтэрээннэрин уонна Анал байыаннай эпэрээссийэ дьоруойдарын ахтан-санаан аастылар.

Быыстапкаҕа 50-тан тахса экспонат турда – байыаннай дьайыы тэриллэрэ, таҥастара, наҕараадалар, оҕолор уруһуйдара, миномет оскуолага, анал дьайыы кыттыылаахтарын тус, өйдөбүнньүк маллара о.д.а.

Быыстапка байыаннай сулууспалаахтар историяларын эрэ буолбакка, “Якутия с тобой!” волонтердар хамсааһыннарын, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин Кэмитиэтин үлэтин-хамнаһын, ону таһынан кыайыы туһугар уонна буойуннары өйүүр “Саха-Волонтердар” хамсааһын туһунан сырдатар.

Быыстапканы оскуола оҕолоро, куорат олохтоохторо, ыалдьыттар кэлэн көрөн, билсэн бараргытыгар ыҥыраллар. Экскурсияны уонна уруогу библиотека үлэһиттэрэ ыыталлар, уһуна – 40 мүнүүтэ.

Эһигини Ленин проспега, 40, 2 этээскэ үлэ күннэригэр сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри күүтэллэр.

Билсэр төл.: 45-58-55

Хаартыскалары СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ биэрдэ.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...