«Биһиги – хоту дойду оҕолоробут» V-с куораттааҕы аһаҕас күрэх ыытылынна
Күрэххэ художественнай уонна оҕо искусствотын оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Тэрийээччилэр – Олохтоох дьаһалта, Дьокуускай куорат Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета уонна «Северное сияние» паарка ХЭТ.
Муус оҥоһук күрэҕэр алын уонна үрдүкү бөлөхтөргө 15 хамаанда кытынна. Итинтэн уона – Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан – 3, Тааттаттан – 1, Хаҥаластан – 1.
Алын бөлөх кыайыылаахтара:
1 миэстэ – Артем Жирков уонна Амалия Манжурьева, Дьокуускай к., Ким Л.А. аатынан оҕо художественнай оскуолата, салайааччы – Роман Шадрин;
2 миэстэ – Рада Алиева уонна Айастаан Петухов, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, салайааччы – Петр Петухов;
3 миэстэ – София Колотухина уонна Александр Присяжнай, Дьокуускай к., Ким Л.А. аатынан оҕо художественнай оскуолата, салайааччы – Василий Камшилин.
Үрдүкү бөлөх кыайыылаахтара:
1 миэстэ – Александр Плотников уонна Михаил Игнатьев, Дьокуускай к., П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище, салайааччы – Николай Петров;
2 миэстэ – Андриян Боппосов уонна Иван Кладкин, Таатта улууһа, салайааччы – Василий Назаров;
3 миэстэ – Давид Сергеев уонна Максим Капитонов, Дьокуускай к., П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище, салайааччы – Алексей Капитонов.
Быйылгы күрэх Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар ананна. «Биһиги – хоту дойду оҕолоробут» күрэххэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1993-2013 сылларга Ким Л.А. аатынан оҕо художественнай оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит Михаил Максимов аата иҥэрилиннэ.